21 ойуур баһаара умуруорулунна

Бөлөххө киир:

От ыйын  1  күнүнээҕи туругунан  Ленскэй, Чурапчы, Уус Маайа, Томпо, Нерюнгри, Мииринэй, Эдьигээн, Өлөөн, Үөһээ Дьааҥы оройуоннарыгар уопсайа 31 281 га иэннээх  21 ойуур баһаара умуруорулунна. 

Уус Маайа, Өлүөхүмэ, Томпо оройуоннарыгар биэс баһаар бохсулунна.

Суукка устата уопсайа 1358,5 га иэннээх  13 саҥа баһаар Уус Маайа, Үөһээ Халыма, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар күөдьүйдэ.

Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 37 911 га иэннээх  48 ойуур баһаара баар (Уус Маайа -7, Амма-2, Мииринэй-3, Ленскэй-1, Алдан-22, Томпо — 5, Өлүөхүмэ -3, Өлөөн -1, Үөһээ Халыма -1, Нерюнгри-3).
Билиҥҥитэ  24 743 га иэннээх  14 ойуур  баһаарын умулларыыга үлэ ыытыллар. Уоту утары охсуһууга   385  киһи уонна  8  техника үлэлиир.

Зондировщик-сөмөлүөт бүгүн Уус Маайа, Алдан оройуоннарыгар үлэлиирэ күүтүллэр диэн суһал ыстаап иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0