2032 сылга диэри Дьокуускай соҕуруу хайысханан сайдыаҕа

11.12.2018
Бөлөххө киир:

Кэлэр сылларга Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста уонна Аллараа Бэстээххэ таһаҕаһы тиэйэр-сүөкүүр киин тутулларын учуоттаан туран, 2032 сылга диэри Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын торумнарын олохтоох дьаһалтаҕа дьүүллэстилэр.

Экономикаҕа уонна үпкэ-харчыга куорат баһылыгын солбуйааччы Михаил Воробьев: «Тимир суол тутуллан Табаҕа диэки муоста оҥоһулуннаҕына, өрөспүүбүлүкэ киин куората соҕуруу хайысханан Табаҕа, Владимировка, Хатас диэкинэн сайдыахтаах», — диэн этэр. Манна хомунаалынай инфраструктура, дьон олорор дьиэтэ, табаары мунньар, тиэйэр бырамыысыланнай киин тутуллуохтаах. Билигин «Водоканал» тэрилтэни кытта Табаҕаҕа канализационнай тиһилик тутулларын туһунан кэпсэтии бара турар. Оччотугар бөһүөлэк толору хааччыллыылаах буолуо этэ.

Дьокуускай кылаабынай архитектора Семен Сергеев иһитиннэрэринэн, 2032 сылга диэри куорат генеральнай былааныгар түөрт сүрүн бырайыак киирдэ: “Кангалаас 2.0” инновационнай кластер, доруобуйаҕа куттала суох аһы-үөлү астыырга агропояс, история уонна култуура нэһилиэстибэтин үйэтитэр «Эргэ куорат-2» рекрационнай-туристическай киин, итиэннэ бүтүн оройуону тутан таһаарар биир кэлим тутуу барыаҕа.

Дьон олорор дьиэтэ сүрүннээн куорат иһигэр тутуллуоҕа, эргэрбит хаарбах дьиэлэр көтүрүллүөхтэрэ, ол оннугар саҥа тутууга миэстэ тахсан биэриэҕэ. Муоста тутулуннаҕына, Покровскайдыыр суолунан сүрүн айан аартыга ааһыаҕа. Бүлүүлүүр суол 9 км бөҕү тоҕор полигон сирин-уотун чөлүгэр түһэрэргэ үлэ барыаҕа, ону таһынан, инвестор харчытынан кытаанах бөҕү харайар саҥа полигон тутуллуоҕа.

Киллэмҥэ, Сыырдаахха, Хатаска, Намныыр суол 17 км элбэх оҕолоох ыалга бэриллибит сир учаастактарыгар уот уонна гаас киириэҕэ. Экэниэмикэ департаменын начаалынньыга Татьяна Корякина этэринэн, Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын стратегията федеральнай целевой бырагырааманан үбүлэниэн сөп. Бу сүрүн докумуоҥҥа уокуруктар, пригородтар салайааччылара бэйэлэрин сирдэрин хайдах сайыннарарга этиилэрин киллэриэхтэрэ.

Мунньах кыттыылаахтара өрүс боротуохатын кытыытыгар кумахха тутуллубут дьиэлэр, саҥа оройуон төһө үйэлээх буолуон, халаан уута ылыа диэн куттал баарын-суоҕун ыйыталастылар. Итиэннэ үрдүк этээстээх дьиэлэр тутуллан кыараҕас уулуссалары кэҥэтии хайдах барыан токкоолостулар, Кангалааска сырыы элбээн, массыыналар аара суолга хаайтаран олороллоро быһаарыллара наадалааҕын ыйдылар.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0