203 микро-оройуоҥҥа ардах уутуттан сиҥнэн түспүт даамбаны бөҕөргөттүлэр

Бөлөххө киир:

Ааспыт өрөбүлгэ куоракка күүстээх ардах түһэн, саҥа 203 микро-оройуон даамбата эмиэ иккистээн сорох сиринэн сиҥнэн түстэ. Дьокуускай куорат дьаһалтата маны хонтуруолга ылан, кумах кутан, үрдэтэн биэрдэ.

edersaas.ru

«203 микро-оройуоҥҥа дьиэ тутуутунан дьарыктанар «РДР Групп» хампаанньа бу нэдиэлэҕэ ууну түһэрэр турба оҥорон угуоҕа. Ардах түстэҕин аайы сиҥнэ турар сири бөҕөргөтүөхтэрэ, инертнай матырыйаал кутан биэриэхтэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ бу сиринэн тырааныспар сырыыта тохтоон турар», — диэн Суол-иис управлениетын начаалынньыга Валерий Домотов иһитиннэрдэ.

Онон, 203 микро-оройуон ардах түстэҕин аайы билиҥҥэттэн турар сирэ сиҥнэн түһэ турар буоллаҕына, итиннэ тутулла турар дьиэлэр төһө үйэлээх буолуохтарай? Дьон кэпсииринэн, сорох корпустар истиэнэлэрэ хайа барбыт, ол иһин ити диэки атыыланар дьиэ олус элбэх. Уруккута манна Күөх хонуу уута мустар сирэ дьон олороругар төһө эрэллээх уонна табыгастаах буолуой?

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0