2024 сылтан эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдүөҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
СИА. Хаартыска Мария Васильева түһэриитэ

Саха сиригэр 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн оҕолоох ыаллары өйүүр эрэгийиэннээҕи социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Ол курдук, маннык төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдүөҕэ:

— «Сүүс сыл оҕолоро» хапытаал – 110 775 солкуобай;

— «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаал (үһүс уонна онтон салгыы оҕо төрөөтөҕүнэ) — 300 000 солкуобай;

— бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр төлөбүр – I зона – 55 694 солкуобай, II зона – 46 650 солкуобай;

— эдэр ыал бастакы оҕотугар – 8 605 солкоубай;

— ый аайы үһүс оҕоҕо көрүллэр төлөбүр – I зона – 27 847 солкуобай, II зона – 23 325 солкуобай;

— элбэх оҕолоох ыалга оскуолаҕа диэн көрүллэр төлөбүр  – 4 302 солкуобай;

Төлөбүрдэр туһунан сиһилии бу нүөмэртэн эрийэн ыйытыахха сөп: 8 800 100-00-01.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0