2023 сылга абитура: сүбэлэр

Ааптар:  Диана Антонова
17.06.2023
Бөлөххө киир:
СИА хаартыската.

Сайыҥҥы кэм саҕаланан, сотору оскуола выпускниктарын олохторугар саамай дьоһун суолталаах быыбар туруохтаах. Бу түгэн долгуйууну, истириэһи кытта мэлдьи сибээстээх буолар. “Ханна туттарсабын?”, “Ханнык үөрэҕи талабын?”, — диэн боппуруостар үөскүүллэр. Итиннэ эппиэт буларга элбэх туһалаах сүбэлэр бааллар.

Бастакытынан, киһи ис дьулуура саамай күүскэ сабыдыаллыыр диэн өйдүөххэ наада. Бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ уонна ситиһиигитигэр итэҕэйиҥ. Саамай сүрүн сүбэтэ, абитуриеҥҥа – бэйэҕэр чугас идэҕин талыахтааххын. Оскуолаттан саҕалаан сөбүлээбит предметтэргэр кыһаллан, араас профориентационный тургутуктары ааһан, үчүгэйдик барытын толкуйдаан, чугас дьонноргун кытары сүбэлэһэн баран биирдэ эрэ быһаарыыгын оҥор.

Киирэргэ хас да үрдүк үөрэҕи талар ордук диэн бары билэллэр. Оннук, үөрэх кыһаларын рейтинин көрөргүн умнума. Үрдүк үөрэх кыһаларын тустарынан эмиэ элбэҕи билэ сатаа. “Аһаҕас аан күннэригэр” сылдьан устудьуоннар эрдэттэн куорпустары кытта билсиэхтэрин, уопсай дьиэ баарын-суоҕун көрүөхтэрин сөп. Брошюралары үөрэтиҥ, онно эһиги элбэх интэриэһинэй уонна туһалаах информацияны булуоххут. Устудьуоннары кытта сэһэргэһиҥ, сүбэлэттэриҥ.

Эһиги идэҕитигэр үөрэтии бырагырааматын болҕомтолоохтук көрүн. Бу информация үксүгэр университет саайтыгар баар. Тас дойдуларга стажировканы уонна ВУЗ партнердарын кыахтарын билиҥ, ол баазатыгар производственнай уонна кэлимник практиканы ааһыахха сөп.

Хас биирдии үөрэх кыһатыгар ылыы быраабылатын уонна наадалаах докумуоннары испииһэктэрин болҕомтолоохтук үөрэтиҥ. Быраабыла курдук, маннык информация ВУЗ саайтыгар «Приемная комиссия» уонна «Абитуриент» разделга көстүөхтээх.

2023 сылтан докумуоннары биэрии болдьоҕо уруккуттан уратыланыахтаах. Ааспыт сыл уларыйыытынан сибээстээн үөрэх бары көрүҥнэригэр үөрэтии (күнүскү, күнүскү-кэтэхтэн уонна кэтэхтэн) ылыы от ыйын 25 күнүгэр түмүктэнэр. Ол иһин үөрэххэ киириини кытта эрдэттэн быһаарсыҥ, киирии кэмигэр кыаллыа суоҕа.

Үөрэх кыһаларыгар киирэргэ, түмүгү таһынан эбии экзаменнары туттарарга былааннаах буоллаххытына, манныгы билэргит тоҕоостоох: бастакытынан, экзамен хас түһүмэҕинэн уонна ханнык форманан ыытыллалларын бил, араспысаанньаларын үөрэх саайтыгар бул;

Иккиһинэн, бириэмэни учуоттаан туран, былаан оҥоһун;

Үсүһүнэн, сурук экзаменнарын туттарыы критерийдэрин уонна быраабылаларын быһааралларын көр.

Ол да буоллар, олоххо араас түбэлтэлэр тахсаллар. Сороҕор абитуриеннарга араас төрүөтүнэн киирэр кыахтара суох буолар. Маннык хомолтолоох түгэҥҥэ эмиэ бэлэм буолуохтааххын.

Онно маннык сүбэлэр бааллар:

— Урукку сыл баалларыгар сигэнэн, хас да үрдүк үөрэххэ докумуоннары биэриҥ. Баҕалаах үөрэххэр киирбэтэххинэ университекка кыра баллаах ааһыаххытын сөп.
— Үрдүк үөрэххэ киирии сатамматаҕына, орто үөрэххэ туттарсыҥ. Холобур, колледж кэнниттэн тута 2-3 кууруска үрдүк үөрэххэ киирэр кыах баар.

САНАА

Зинаида Попова, ХИФУ культура уонна тыл институтун иккис кууруһун устудьуона:

— Мин приемнай хамыыһыйаҕа үлэлээбит, абитуриеннарга көмөлөспүт уопуттаах буоламмын, хайдах дьон үөрэххэ киирэллэрин элбэҕи билэбин. Элбэх саҥа ВУЗ-тар туһунан информацияны көрдүүргэ сүрэҕэлдьээмэҥ. Идэҕитин ыксаабакка талыҥ, барытын көрүҥ, үөрэтиҥ. Быһаара илик буоллаххытына, баалларынан ханна киирсэргитиҥ көрүҥ, ордук элбэҕи буларга кыһаллыҥ. Аһары ыксаан, мэнээк таллаххытына, кэлин олох даҕаны бу талбыт үөрэххиин сөбүлүө суоххутун сөп, таах бириэмэҕитин эрэ араарыаххыт. Кинилэр эйиэхэ бюджет миэстэтин биэрэллэр, бэйэлэрэ төлүүллэр онон эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыҥ. Оннук аһары куттаммакка, үчүгэйдик толкуйданан сөбүлүүр үөрэххитигэр туттарсыҥ. Барыгытыгар ситиһиилээхтик үөрэххэ киирэргитигэр баҕарабын.”

Онон, билбэххититтэн куттанымаҥ, хардарыта эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыҥ диэн сүбэлиибин. Үрдүк үөрэх кыһатыгар киирии – биһиги олохпутугар олус дьоһуннаах быһаарыы буолар.

+1
10
+1
0
+1
11
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0