2022 сылга — Москваҕа

Ааптар: 
21.05.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун айанньыттара Дугуйдан Винокуров уонна Мичил Неустроев саха атын туругурдар соруктаах ыраах айаҥҥа турунаары бэлэмнэнэллэр.

Төһө да сыстыганнаах дьаҥ мэһэйдээтэр (үгүс дойдуларга, куораттарга хааччахтааһын олохтонно), уолаттар бэйэлэрин иннигэр туруорбут соруктарын ситиһэргэ сананнылар. Бу туһунан Дугуйдаан Винокуровы кытта бүгүҥҥү кэпсэтиибит: туох, ханна, хаһан?

ДОЙДУ АЛГЫҺЫНАН АТААРЫЫ

— Дугуйдан, дойдугуттан Өймөкөөнтөн тэйбитиҥ үһүс ыйа буолла. Бу кэм устата санаабыт санааҕын толороору, араас толкуй, бы­­лаан өйгүн-санааҕын туттаҕа. Кэпсэтиибитин айаҥҥыт хаамыытыттан саҕалыахха.

— Дойдубуттан кулун тутар саҥатыгар олус тэрээһиннээхтик айхаллаан-уруйдаан атаарбыттара. Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов хамаандатын кытта бэйэтинэн тиийэн кэлэн, тэрээһиммитин өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаабыта. Күтүөтүм Мичил Неустроевтыын айанныыр буолбутум. Кини бэйэтэ Уус Алдан улууһуттан төрүттээх. Онон икки улуус – Өймөкөөн уонна Уус Алдан улуустарын баһылыктара алгыс тылын этэн атаарбыттара — үөһэттэн анаабыт курдук. Уус алданнар Мичил кинилэр биир дойдулаахтара буоларын кэлэн баран истэн, соһуйбуттара.

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН 100 СЫЛЫГАР

— Айаҥҥытыгар бэртээхэй соругу туруорбуккут дии – Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар саха атын кыаҕын көрдөрүү. Наһаа элбэх этии киирбитэ дии. «Берлиҥҥэ, Монголияҕа барыҥ» диэн сүбэлээччи үгүс этэ. Итиччэ элбэх этииттэн ким толкуйун, сүбэтин ылыммыккытый?

— Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ Егор Борисов этии киллэрбитэ. Кинилиин аара айаннаан иһэн, «Халыма» федеральнай трассаҕа көрсүбүппүт. Онно Егор Егорович анаан тохтоон интэриэһиргээбитэ, аттарбыт туругун көрбүтэ-истибитэ. Кини бэйэтэ айанньыт айылгы­лаах буолан, биһиги бырайыакпытын тута өйөөбүтэ. Онон биһигини бу аатырбыт географическай уопсастыба өйүүр. Егор Егорович күн бүгүҥҥэ диэри кэпсэтэ, сүбэлии сылдьар.

Аара кэлэн иһэн нэһилиэктэринэн сырыыгыт кэнниттэн туох санаалааххытый?

— Сүрүнэ, дьоммут-сэргэбит айаммытын өйүүрүн биллибит. Ханна сылдьыбыт сирбит аайы дьон айхаллаан, көмөлөһөн көрүстэ. Онон сахалар олус сомоҕолоһуулаах эбиппит диэн санаа кынаттаата. Тиийбит сирбитигэр бэйэбит дьиэбит курдук сырыттыбыт. Саха киһитэ, кырдьык да, Дьөһөгөй Айыытыгар сүгүрүйэр эбит. Биһигини барыбытын саха ата сомоҕолоото. Ол да иһин салгыы айанныыр суолбут сылгыга сыһыаннаах эрэгийиэннэринэн барар. Ханна сылгыны иитэллэр да, онно Дьөһөгөйгө быдан чу­­гастар. Түүр омуктар былыр-былыргыттан сылгыны тутар үөрү­йэх буоллахтара. Сылгыбыт аһыгар-үөлүгэр, айылҕатыгар да чугас буолуо этэ.

— Чурапчыга сылгыһыттар сүбэ мунньахтарыгар сылдьыбыккыт дии. Онно эһиги айаҥҥытыгар сыһыаннаах туох кэпсэтии барбытай?

— Сылгыһыттар санааларын истибиппит, кэпсэтиилэригэ кыттыбыппыт. Онно хата Бүлүү эҥээр сылгыһыттарын кытта чугастык билсибиппит. Онон бу улуустарга бэйэбит дойдубутугар курдук көрсөллөрүгэр эрэллээхпит.

СЫЛГЫГА ЧУГАС ЭРЭГИЙИЭННЭРИНЭН

— Дьэ, онон салгыы ханан айанныыр буоллугут?

— Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Ленскэй ­улуустарынан Иркутскай уобаласка тиийиэхпит. Онтон Бурятиянан, Тыванан, Красноярскай кыраайынан, Хакасиянан, Кеме­ровскай уобалаһынан, Алта­йынан Казахстаҥҥа тии­йиэхпит. Салгыы Челябинскайынан Башкортостанынан, Татарстанынан, Чувашиянан Новгородскай уобаласка, онтон Кировскай уобалаһынан Москва туһаайыытын тутуһуохпут. 2022 сылга Москваҕа Саха АССР 100 сыллаах үбүлүө­йүн бэлиэтиир Ыһыах ыһыллыах­таах. Ол онно ыһыахтыыр түһүлгэҕэ ыраах айаҥҥа туруммут Өймөкөөн атынан хаамтаран киирэр былааннаахпыт. Айаммыт сүрүн соруга – саха атынан туризмы сайыннарыы.

ЭРЭГИЙИЭННЭР КӨРСӨРГӨ БЭЛЭМНЭР

— Ити ааттаталаабыт эрэгийиэннэргитигэр эһиги кэлэргитин билэллэр дуо?

— Инстаграм сирэйбититтэн көрөн, Чувашия Магнитогорскай куоратыттан уонна Башкортостан Уфа куоратыттан айаммытын өйүүллэрин, көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрэн, сибээскэ тахса сылдьыбыттара.

АҔА СҮБЭТЭ – КҮНДҮ

— Уһаабыт кэмҥитигэр тугунан дьарыктанныгыт?

— Сыстыганнаах дьаҥтан быһыы ыллыбыт, аттарбыт туйахтарын тимирдээтибит (подкова), Билигин ыҥыырбытын тиктэбит. Алексей Неустроев диэн сылгыһыт Үс Хатыҥҥа кэлэ сылдьан, сылгыларбыт ыҥыырдарын көрөн баран, ыраах айаны тулуйуо суохтар диэн интэриниэтинэн сакаастаан, тимир куруус ыҥыырын атыылаһан аҕалан бэлэхтээбитэ. Ол ону аҕабын кытта сүбэлэһэн тигэбит. Ити курдук, билбэт да дьоммут өйөбүл буолаллар.

— Аҕаҥ ханна баарый, куоракка дуо?

— Суох, Өймөкөөҥҥө тыаҕа сытар. Ийэбэр видеоҕа устан ыыппытым. Ону кини аҕабар тиийэн көрдөрбүт этэ. Аҕам сүбэтин видеоҕа устан аҕалан Үчүгэйтэн ыыппыта. Онно тугу сыыһа оҥорон эрэрбитин быһааран сүбэлээбит этэ. Кини сүбэтэ туохтааҕар да күндү. Онон аныгы үйэҕэ олорор буолан, суотабай төлөпүөн нөҥүө сүбэ-ама ыла олоробут.

— Арба, социальнай ситимнэргэ наар Үс Хатыҥҥа бааргыт туһунан суруллар дии. Онно түһэн сытаҕыт дуо?

— Үс Хатыҥ сылгыһыта, Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх Григорий Неустроевы кытта «Тыгын Дархан» киинэ уһуллуутугар билсибиппит. Онтон ыла доҕордуубут. Онон аттарбыт онно тураллар.

… Ити курдук, уолаттарбыт сарсын, ыам ыйын 21 күнүгэр, Үс Хатыҥтан ыраах айаҥҥа туруналлар. Бу күннэргэ кинилэр айаннарын интэриэһиргээн, Дугуйдаҥҥа Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин Бастакы ханаала сибээскэ тахса сырытта. Онон уолаттар айаннара аны Арассыыйа таһымыгар сырдатыллыаҕа.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0