Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай наҕараадаларынан наҕараадалыыр туһунан
Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин
ЫЙААҔА
Өр кэмнээх эҥкилэ суох судаарыстыбаннай сулууспатын иһин наҕараадалыырга
“Эҥкилэ суох сулууспатын иһин” XX сыл анал бэлиэнэн
ОЛЕСОВ Семен Семеновиһы – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палататын аудиторын.
Арассыыйа Федерациятын
бэрэсидьиэнэ В. Путин
Москва, Кремль
Алтынньы 1 күнэ, 2021 сыл
558 №-дээх
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадатынан наҕараадалыыр туһунан
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ЫЙААҔА
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин сайдыытыгар, идэ аатын, учуутал аптарытыатын үрдэтиигэ уһулуччулаах кылаатын итиэннэ өр кэмнээх айымньылаах үлэтин иһин бочуоттаах ааты иҥэрэргэ
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай учуутала”
СОСИН Олег Константиновичка, “Сунтаардааҕы политехническэй лицей-интэринээт” муниципальнай бүддьүөт уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтин дириэктэригэр, физика учууталыгар, Доҕордоһуу уордьан кавалерыгар, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталыгар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А. Николаев
Алтынньы 4 күнэ, 2021 сыл
2073 №-дээх
2021 сылга педагогика эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин М.А.Алексеев аатынан
Судаарыстыбаннай бириэмийэтин аныыр туһунан
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ЫЙААҔА
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин балаһыанньаларын бигэргэтэр туһунан” 2015 сыл балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи 660 №-дээх Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, педагогика эйгэтигэр М.А.Алексеев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин анааһыҥҥа Хамыыһыйа этиитин көрөн баран, уурабын:
физикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарын
итиэннэ миэстэлэспиттэри иитэн таһаарыыга тус кылаатын, үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ, иитиигэ үрдүк
түмүктэрин, учууталлар итиэннэ төрөппүттэр уопсастыбаннастарын билиниилэрин иһин 2021 сылга педагогика
эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин М.А.Алексеев аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреат аатын
иҥэрэн туран аныырга
ФЕДОРОВА Лена Дмитриевнаҕа, “Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөт биир киэбэ суох уопсай үөрэхтээһинин тэрилтэтин дириэктэри солбуйааччыга, физика учууталыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунугар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А. Николаев
Алтынньы 4 күнэ, 2021 сыл
2074 №-дээх.
О проведении публичных слушаний на тему
«О проекте закона Республика Саха (Якутия)
«О государственном бюджете Республики Саха
(Якутия) на 2022 год и на плановый период
2023 и 2024 годов»
В соответствии с примерной программой деятельности Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) в период осенней сессии 2021 года провести публичные слушания на тему «О проекте закона Республики Саха (Якутия) «О государственном бюджете Республики Саха (Якутия) на 2022 год и на плановый период 2023 и 2024 годов» 12 октября 2021 года в 10 часов в форме расширенного заседания постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) по бюджету, финансам, налоговой и ценовой политике, вопросам собственности и приватизации, в формате видеоконференции.