Монополияны утары охсуһар федеральнай сулууспа салайааччытын солбуйааччыта Анатолий Голомолзин 2020 сылга бэнсиин сыаната үрдүөҕэ диэн сэрэттэ. Ол эрэн, сыана кыра-кыралаан инфляцияны тилэх баттаһа үрдүөҕэ.
2019 сылга бэнсиини оҥорон таһаарааччылар сыананы 0,4% эптилэр. Алтынньыга уматык Арассыыйа үрдүнэн ортотунан 10% үрдээтэ. Ол туһунан «МК.RU» иһитиннэрэр www.mk.ru/economics/2019/11/28/v-fas-predupredili-o-podorozhanii-benzina-v-2020-godu.html
Күн бүгүн Дьокуускай сапыраапкаларыгар Аи-92 бэнсиин 50-56 солкуобай, Аи-95 сыаната 53-56,8 солкуобай. Биллэрин курдук, «ЯТЭК» сапыраапкаларыгар сыана арыый да чэпчэки, «Саханефтегазсбыт» үрдүк сыананы тутар.
«Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1