Сир сибиинньэтин сыла этэҥҥэ түмүктэннэ. Дьиэҕэ-уокка иитиллэр кыыл арыый сылаас-сымнаҕас өттүктэннэ диэххэ сөп. Оттон, бу үүммүт саҥа сылбыт хайдах буолуой?
Биһиги манна хоруй көрдөөн, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр көрбүөччү, айылҕаттан ураты айдарыылаах Наталия Иванованы кытары көрсөн кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн, Наталия Дмитриевна. “Взять быка за рога” дииллэринии, эйиэхэ кэлбит дьону хайдах көрөҕүн, иһитиннэрии эйиэхэ хайдах кэлэрий?
—Дьиҥэр, киһи айылҕаҕа тугу таарыйда, саҥарда, тутта, оҥордо да, информация хаалан иһэр. Аура көмпүүтэр курдук көстөр. Ону, маҥнай саҕалыырбар, бэйэм кофенан көрөрүм. Оччолорго Айыы Ойууна Владимир Кондаков: “Эн көрбүөччүгүн. Кофета суох көр”, — диэбитэ.
— Оттон инникини билэ-көрө сатыыры сорохтор аньыыргыыллар ээ.
— Сүүс сыл ааспыты, сүүс сыл буолуохтааҕы да көрүөххэ сөп. Ол гынан баран, дьону харыстыыбын, онон ыйытыыларыгар эрэ хоруйдуубун. Кыһалҕалаахтарга көмөлөһөбүн, сүбэ-ама биэрэбин. Холобур, дьон “тугум да табыллыбат буолла”, “иэскэ киирдим, хайдах гынабын”, «дьиэ-уот туттуохпун баҕарабын. Тиэргэммэр миэстэтин ханан таларым буолла» диэн, о.д.а. ыйытара элбэх. Арыт, дьиэлэрин көрдөрүөн баҕалаахтар баар буолаллар. Онно утары кэпсэтэ олорон “утах ыламмын”, баран көрөн кэлиэхпин сөп.
— Илиҥҥи халандаарынан – Күтэр, саха халандаарынан Билии Айыыта Билгэ Хаан сыла диэн этэллэр. Олунньубут 29-таах, “үрдүк дьыл” диэн. Хайдах “өттүктээх” сыл үүннэй?
—Бииргэ түмэн көрөбүн. Халлааммыт биир, күммүт киириитэ-тахсыыта, эргийэн кэлиитэ араастаһар. Онон Илиҥҥи халандаарынан кинилэргэ саҥа сыл тохсунньу бүтүүтүттэн саҕаланар буоллаҕына, биһиэхэ ахсынньы 25 күнүттэн саҕаланна.
Бу кэмҥэ ордук баҕа санааҕытын этиҥ, ыралааҥ диэн. Ол гынан баран, күммүт кылгаһынан, эргииринэн да көрдөхпүнэ, ордук кыһыҥҥы өттүгэр баҕа санаа туолуута биһиэхэ бытаан. Үгүс киһиэхэ туолара ыраах. Ол гынан баран, онтон санаарҕаамыахтарын наада. Сырдыгы, кэрэни баҕарар буоллаххына, ону куруук ыра санаа оҥоһуннаххына уонна ол туоларыгар дьулуһар буоллаххына, хаһан эрэ туолар.
Үүммүт саҥа сылбыт туһунан этэр буоллахха, куһаҕана суох сыл кэллэ. Күтэр элбэх хорооннооҕун, хаһаастааҕын таптыыр, өһөс, дьулуурдаах. Крыса (биһиэхэ күтэр диэххэ) хараабылга туох эмэ бөрүкүтэ суох тахсар буоллаҕына, сүтэн, баран хаалар буолбат дуо. Ити кини билгэһитин туоһута. Ол эбэтэр, Билии Айыыта Билгэ Хаан – сэрэйэн көрөр дьоҕур үрдээһинин, күүһүрүүтүн сыла. Итиннэ эбии сыыһаны-халтыны көннөрөргө тоҕоостоох сыл. Маны сэргэ, билиигэ-көрүүгэ күүскэ тардыһар киһи, олоҕор үчүгэйи, кэскиллээҕи, туһалааҕы оҥостуо. Билиитин хаҥатынар эдэр ыччакка өйдөрүгэр-санааларыгар тугу үөрэппиттэрэ күүскэ иҥиэҕэ.
Манна даҕатан эттэхпинэ, Водолей (Күрүлгэн) сабыдыаллыыр кэмигэр, киһи ордук сэрэхтээх буолуохтаах. Онон бэйэни иһиллэнэн, чуумпутук сылдьарга кыһаллар ордук.
Үлэ-хамнас, олох-дьаһах хайдах буолуой?
— 2020 сылга үлэтэ суох буолуу элбиэҕэ. Итинтэн көстөрүнэн, кэтэх тэрилтэлэргэ үлэлии барыы үксүөҕэ. Дьон бэйэ дьыалатын, дьарыгын тэринэргэ күһэллиэхтэрэ.
Саха сиригэр улахан инвестордар кэлиэхтэрэ. Биэс-алта. Олор бары бэйэлэрин үлэһиттэрин илдьэ кэлиэхтэрэ. Ол гынан баран, саха ыччата билиитин-көрүүтүн туһанан кинилэргэ үлэҕэ киирэр курдук толкуйданыан наада. Тута да буолбатар, сыыйа олохтоохтук оҥостон, үлэҕэ-хамнаска киирэргэ кытаанахтык уонна дьулуһан ылсыахтарын наада. Күтэр сыла дьулуурдаах, өһөс буолары ирдиир. Ол өһөс буолууну билиини-көрүүнү хаҥатарга, үлэһит буоларга туһаайдыннар.
Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуута уһуу түһүө. Онуоха биһиги тымныыбытын уйар матырыйаал билиҥҥитэ өссө да көстө илик. Өлүөнэ эбэбит сүүрүгэ дохсун, күүстээх. Ону сэргэ, айылҕабыт ылыныан наада. Кинини утарар табыллыбат.
Ыал буолуу, оҕо-уруу төрөөһүнэ, дьиэ-уот тэринии
— Загсата суох, гражданскай сөбүлэҥинэн олоруу элбиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ-уот суоҕа онно төрүөт буолуоҕа. Урут эдэр дьон ыал буолан холбоһон баран, төрөппүттэрин кытары биир дьиэҕэ балачча өр өйөһөн олорор буоллахтарына, билиҥҥи ыччаттар төрүт атыттар. Эдэрдэр урукку курдук, ийэни-аҕаны кытта дьукаах олоруохтарын баҕарыахтара суоҕа. Туспа күөс таһаарына сатыыллара өссө элбиэ.
Оттон кирэдьиит боппуруоһугар сэрэнэр, суоттаан, ырытан, толкуйдаан, ыараҥнатан көрөр буолуохтара. Толкуйдаах ыччаттар харчыны бэйэлэрэ оҥорорго дьулуһуохтара. Барыта суот-учуот, былаан быһыытынан буолуоҕа.
Арыгыны иһэр киһи биллэ аҕыйыаҕа. Уопсайынан, кыраадыстаах, аһыы утаҕы сэҥээрбэт, сэргээбэт буолан иһиэхтэрэ.
Ханна да хаачыстыбаҕа охтуу күүһүрүө. Билии-көрүү буоллун, үлэ-хамнас буоллун, ас-үөл буоллун, дьиэ-уот буоллун буоллун. Барытыгар эргиччи оннук киирэн иһиэҕэ. Дьон бэйэтин эргиччи үчүгэйдик көрүнэргэ кыһаллар буолуоҕа.
Үөрэх уонна доруобуйа туһунан
— Киһи сааһыттан тутулуга суох эбии үөрэниитэ үксүө. Ити — олох сайдыыта, ирдэбилэ. Элбэх ыччат ордук омук тылыгар интэриэһэ күүһүрүө. Тоҕо диэтэххэ, улахан хампаанньаларга, тас дойдуга үлэлиэхтэрэ, инникитин өссө күүскэ сайдыахтара турдаҕа.
Улахан болҕомто, кыһамньы доруобуйаҕа ууруллар буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, киһи барыта үлэлээх-хамнастаах буолуон, этэҥҥэ уонна уһуннук, дьоллоохтук олоруон баҕарар.
Истээх ыстааны сирэр, сис көстө сылдьар таҥаһын таҥнар кэм баар буола сылдьыбыта тохтуоҕа. Кыһынын халыҥнык таҥнар буолуохтара.
Уопсайынан, киһи бу Орто дойдуга ыалдьыттыы кэлэрин өйдүөҕэ. Үйэни уһатыыга, чэгиэн сылдьарга кыһаллыахтара.
—Оттон Аар айылҕабыт киһини 40 сааһыттан ылата, сымнатан эттэххэ, арыый көйгөтүтэн барар, бөххө быраҕа сатыыр дииллэр дии.
— Итиннэ сүбэ кэриэтэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан, толкуйдуулларыгар этиэхпин баҕарабын. Саха киһитэ сэттэ аанньаллаах. Олортон бастакыта – оҕо төрөөтөҕүнэ, ийэ тапталынан оҕоҕо ананар. Иккис — сиэннэннэххэ, эбээ тапталынан, үөрэҕинэн сиэҥҥэ бэриллэр. Үһүс – хос сиэҥҥэ ананар. Ити курдук, сэттистэн ураты барыта тыырыллар. Сэттис — өлүү аанньала диэн. Ити мээнэҕэ буолбатах эбит. Дьон мээнэҕэ сэттэ уонна сэттэ уон сааһы ылбаттар. Сорохтор ити туһунан билбэтэхтэрин да иһин, сэрэйэн көрөр дьоҕурдарынан да буолуон сөп. 70 сааһы аастахха, ойбон сааһы ааһыы диэн буолар. Этэҥҥэ киһи сааһа, үйэтэ уһуохтаах диэн. Ол туһугар киһи бэйэтэ өйүнэн-санаатынан, майгытынан-сигилитинэн, уопсайынан туох баарын эргиччи көрүнэн, толкуйдаан, налыйан, холкутуйан онно тардыһыахтаах диэн. Биһиги, орто дойду дьоно-сэргэтэ, итини эрдэттэн истэн, ааҕан билэн, көрүнэн-истинэн сылдьыахтаах эбиппит. Ол туһуттан, ордук 45 саастан ылата, киһи Ийэ айылҕаттан этэҥҥэ сылдьарын туһугар куруук көрдөһө сылдьыахтаах диэн этиллэр. Иннин-кэннин көрүнэн, салгыны мээнэ хамсаппакка, сэрэнэн-сэрбэнэн.
Араҥаччылыыр кыыл-сүөл
— Хас биирдии киһи ийэ кыыллаах буолар. Барыларыгар тус-туһунан. Кимиэнэ эрэ улахан, кимиэнэ эрэ арыый кыра. Ити ис хоһооно наһаа улахан, киэҥ. Ыллыҥ да, аҕыйах тылынан быһааран дуу, этэн дуу кэбиһэр тутах, табыллыбат. Онон хас биирдии киһиэхэ тус-туһунан көрөн этиэххэ, сүбэ-ама биэриэххэ сөп. Итиннэ даҕатан эттэххэ, били, сыыппаранан этиилэрэ да (сыыппара магията дииллэр), фэн-шуй да мээнэҕэ буолбатахтара көстөр.
Өссө итини таһынан, киһи эньиэргийэтинэн, ньэгиринэн көрөн туох сөп түбэһэрин, бэл, хайдах өҥ бу киһиэхэ ордук буолуон сөптөөҕүн этиэххэ эмиэ сөп. Туһугар эмиэ дьикти буолбатах дуо? Ити иһин, киһиэхэ өҥ дьайар күүһэ диэн баарын суруйар буоллахтара.
Суолу арыйыы
—Эйигин киһиэхэ суолун арыйан көмөлөһөр дииллэр. Ону быһаарыаҥ дуо?
— Көр эрэ, ити былыр хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи таттаралларын, эбэтэр оҕолонуон-урууланыан баҕалаахтар оҕо кутун таттаралларын туһунан кэпсиир, суруйар буолаллара. Ол билигин олох уларыйан, эмиэ аныгы олох сиэринэн буолан истэҕэ.
Мин дьоҥҥо тирэх буолабын, кыһалҕаларыгар көмөлөһөбүн. Олохторугар бэйэлэрин суолларын булуналларыгар, бэйэлэригэр эрэллээх буолалларыгар, санааларыгар күүс-уох биэрэргэ кыһаллабын. Олохторугар араас кыһалҕалаахтар, муммут-тэммит дьон үгүс. Ол кыһалҕаларын быһаарарга, туохтан, хаһан, тоҕо саҕаламмытын булан көрөн үлэлэһэбин. Суолларын арыйан тирэх буолабын. Онно анаан кимиэхэ да этиллибэт кистэлэҥ күлүүс тыллардаахпын.
Сүбэ
—Дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар, туора дьон ситиһиититтэн үөрэр, куруук үчүгэйи ыраланар киһиэхэ барыта этэҥҥэ буолан иһэр. Онон куруук сырдыгы, кэрэни баҕарыҥ.
Дьиэҕит хас биирдии түннүгэр, бордууһунаҕа, аан үрдүнэн кириэстэ уруһуйдааҥ. Уонна: “Бу кириэс аннынан мин дьиэбэр туох да куһаҕан кииримэ”, — диэн этиҥ. Ол дьыл үчүгэйдик олоруоххут, чөл, чэгиэн сылдьыаххыт.
Уопсайынан, “үрдүк дьыл”, онон кутталлаах буолуо диэн этэ, кэпсии, куттана, дьаархана сылдьымаҥ. Куһаҕаны, мөкүнү киһи бэйэтэ ыҥыран ылыан сөп. Онон мындыр, толкуйдаах уонна киэҥ-холку көҕүстээх буоларга кыһаллыҥ, үчүгэйи ыралааҥ.
Көрбүөччү Наталия Иванова
Көрбүөччү Наталия Иванова Таатта улууһун Тыараһатыттан төрүттээх.
— Аҕабар иккис кэргэниттэн 21-с оҕобун. Кини 68 саастааҕар төрөөбүппүн. Оҕонньор 92-гэр диэри оттообута. 97-гэр орто дойдуттан барбыта. Ийэм 75-гэр диэри олорбута. Наһаа сымнаҕас, аҕыйах саҥалаах буолара.
Биир ийэттэн, аҕаттан бииргэ төрөөбүттэр үһүө хаалбыппыт. Ол гынан баран, ортоку кыыһы дьоммут ыалга биэрбиттэр. Хомойуох иһин, билигин кини суох.
Эдьиийим 79 саастаах. Биһигин ыйаабыт сиригэр, тапталлаах Тыараһатыгар олорор. Ыал тапталлаах ийэтэ, эбээтэ. Мин ыал ийэтэбин, сиэннэрдээхпин.
Өбүгэбит сайылыга Харамаайы диэн. Онно кырдьаҕас бэс баар. Мин бэйэбин өйдүөхпүттэн, онно саламалааҕа, мас оонньуурдардааҕа. Онно кыра сылдьан ымсыыран аҕай биэрэрим. Ол иһин, аҕам миэхэ улахан мас оҕус оҥорон биэрбитэ. Кэлин ол оҕуспун уонна алта кырыылаах бабаарына дьиэбитин Чөркөөх мусуойугар ылбыттара.
Бастакы көрүүлэнии
— Дьокуускайга олордохпутуна, биир саас улахан уу кэлэн хаһаайыстыбабытын түөрэ сотон илдьэ барбыта. Ити Ленскэйгэ улахан уу кэлбит сылыгар этэ. Онно наһаа соһуйбутум. Арыт, онтон аһыллыбытым эбитэ дуу диэн саныыбын.
Ол гынан баран, оччолорго уонна ол иннинэ даҕаны, ыалбыт ийэлэригэр дьоннор хаартынан таайтара кэлэллэрэ. Мин кинилэргэ сылдьан ол дьону туораттан көрөн билэрим. Туох санаалаах-оноолоох олорорун, хайдах олохтооҕун, о.д.а. Биирдэ: “Мин ити кэлбит дьоҥҥун, эн курдук кэпсээн биэриэхпин сөп ээ”, — диэбитим. Ол кэнниттэн, өр буолбатахтара, ыалым көһөн хаалбыттара.
Аны, ол ыалым ийэлэригэр кэлбит дьон миэхэ киирэн барбыттара. Бастаан харчытын сүтэрбит таксист кэлбитэ. Дьонун испииһэгин ылан көрбүтүм. Онтум бэйэлээх бэйэтин суола талахха тиийбит уонна сүтэрбит харчыта онно сытар. Ону: “Харчыҥ бэйэҕин күүтэн сытар. Маннык талахха тиийбиккин дии. Онтон тиийэн ылаар. Сытар”, — диэн ойуулаан биэрбитим. Таксист онно тиийэн булан ылбыт этэ.
Москубаҕа үлэ
— 1998 сылтан Москубаҕа ыҥырыынан баран үлэлиибин. Килийиэннэр ыйытыылара ханна да майгылаһар. Ордук күннээҕини сэҥээрэллэр, үлэ-хамнас туһунан туоһулаһаллар. Улахан куорат ыччаттара ханнык идэни таллахтарына ордук буолуоҕун, ханна олохсуйан олороллоро чуо кинилэргэ табыгастаах буолуоҕун, о.д.а. билэ-көрө сатыыллар.
Ол гынан баран, биири ордук тоһоҕолоон сүбэлиибин. Ханнык да сылтан, дьылтан тутулуктаммакка, киһи бэйэтин бэйэтэ ыраастаныахтаах, алҕаныахтаах. Ордук ийэ оҕотун алгыы сылдьыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, ийэ тыла оҕотугар ордук күүскэ дьайар. Оттон олоҕу салҕааччыларбыт – оҕолорбут. Онон, бэйэ-бэйэҕитин харыстаһыҥ, наар үчүгэйи ыралааҥ. Мин дьоҥҥо саамай баҕарар баҕа санаам итинник.