Ил Дархан Айсен Николаев биллэрбит Дойдуга бэриниилээх буолуу сылын анал бэлиэтэ (символа) бигэргэннэ.
edersaas.ru
Бу бэлиэ сүрүн ис хоһооно – знамя иһигэр 2020 сыл киллэриллибит. СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, анал бэлиэ туһунан быһаарыыны ылыныах иннинэ, 15-65 саастаах дьонтон социологическай ыйытык оҥорбуттар. Кинилэртэн «патриотизм» диэн өйдөбүл тугу кытта сибээстээҕин ыйыппыттар. Респондент 60%-на, бастатан туран, былааҕы эбэтэр знамяны, сороҕо – сулуһу, аармыйаны, сүрэҕи уо.д.а. көрөрүн эппит.
— Знамя олус дириҥ ис хоһоонноох. Аҕа дойду көмүскэлигэр сэбиэскэй саллааттар инники күөҥҥэ знамя туппутунан сэриилэһэ киирэллэрэ. Оттон Дойдуга бэриниилээх буолуу сыла суруктаах кытыаста турар знамя өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын кытта эмиэ сибээстээх, — диэн быһаарар СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Евгений Фёдоров.
Сыл анал бэлиэтэ цифровой банертан сувенирнай бородууксуйаҕа тиийэ формакка сөп түбэһэр.
Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин фасадыгар ыйаммыт банерга 2020 сыл суруктаах знамя Саха сирин гербэтин иһигэр халлаан күөҕэ фоҥҥа кытыаста турара, онно «Улуу Кыайыы 75 сыла» кыһыл өҥнөөх сурук баара – символика ис тыынын күүһүрдэн биэрэр. Банер сотору кэминэн тас эрэкэлээмэ быһыытынан өрөспүүбүлүкэ устун тарҕаныаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru