«Бүддьүөт хас биирдии солкуобайа көдьүүстээхтик туһаныллыахтаах уонна дьоҥҥо туһаны аҕалыахтаах»

Ааптар: 
24.05.2019
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи икки ый устата социальнай ситимнэргэ итиэннэ дьон түмсэ түстэ даҕаны кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ – 202-с №-дээх уларыта тутууга анаммыт уураах. Дьон туһааннаах уурааҕы ыарыылаахтык ылынан эрэриттэн эбитэ дуу, ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов суруналыыстары ыҥыран пресс-кэмпириэнсийэ биэрбитэ, нэһилиэнньэни долгутар ыйытыыларга хоруйдаабыта.

edersaas.ru

Санатан эттэххэ, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай инфраструктуратын эбийиэктэрин дьоҕус тиһигин структуратын уонна параметрдарын стандартарын туһунан” 202-с №-дээх уураах былырыын бэс ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта.

Тыала суохха мас хамсаабат

Владимир Солодов суруналыыстары кытта кэпсэтиитин бэрт ыраахтан, Саха сирэ тайаан сытар иэнинэн, тарҕанан олоруутунан, кытаанах усулуобуйалаах айылҕалааҕынан Арассыыйаҕа ураты эрэгийиэн буоларын бэлиэтээһинтэн саҕалаабыта. Итиэннэ: “Кэнники сылларга социальнай эйгэҕэ ороскуот биир тэҥэ суох үрдээһинэ баарын бэлиэтээбиппит. Күн бүгүн, уопсай, бииргэ түмүллүбүт бүддьүөт 50 бырыһыана бүддьүөт эйгэтигэр ороскуоттанар. Холобура, үөрэххэ орос­куот 2012-2019 сылларга 40 миллиардтан 72 миллиард солкуобайга диэри үрдээбит. Биир курдук, бу үчүгэй көрдөрүү. Судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэ социальнай туругун көрдөрөбүт. 2012-2018 сылларга аҥаардас уһуйаан, оскуола тутуутугар 35 миллиард солкуобай үп кутулунна. Сылга уонтан итэҕэһэ суох оскуола тутуллар. Иккис курдук, ороскуот биир тэҥэ суох үрдээһинэ дьаахханыылары үөскэтэр. Санатан эттэхпинэ, былырыын бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөккэ 15 миллиард солкуобай тиийбэт кыһалҕатын көрсүбүтэ. Бу кэмҥэ социальнай тэрилтэлэри бэрээдэктээһин наадалааҕа көстүбүтэ”, — диэн быһаарбыта.

Сыыппаралар

Холобур быһыытынан, Саха сиригэр биир оҕону үөрэтэргэ төһө үп-харчы ороскуоттанарын ыйар тоҕоостоох. Биир оҕоҕо ортотунан 217,8 тыһыынча солкуобай туһаныллар эбит буоллаҕына, 130 тэрилтэҕэ — 300 тыһыынча сол­куобайтан тахса, 24 тэрилтэҕэ — 500 тыһыынчаттан тахса, 3 тэрилтэҕэ 1 мөлүйүөнтэн тахса үп ороскуоттанар. “Мөлүйүөнтэн тахсалыы суумалаах кыра оскуолалар. Ол эрээри, элбэх үп-харчы ороскуоттанар оскуолаларын барыларын аҥаар кырыытыттан сабан барыахпыт диэн өйдүүр букатын сыыһа. Өскөтүн, айанын сырыыта уустук, эбэтэр чугаһынан соҕотох үөрэх тэрилтэтэ буоллаҕына, ханнык даҕаны сарбыйыы, сабыы туһунан боппуруос турбат”, — диэн чуолкайдык эппитэ.

Аны олоххо хайдах киириэҕэй, туох мэхэньиисимнэр баалларый, тыын суолталаах социальнай эбийиэктэр бу уураахха хабыллар түгэннэригэр үпкэ-харчыга кэмчилээһин төһө буолуоҕай диэн ыйытыыга чопчу хоруйдар суохтара.

“Маннык көрүҥнээх уурааҕы көтүрүөххэ”

Онтон аҕыйах хоноот, Ил Дархан Айсен Николаев Усуйаанаҕа сырыытын кэмигэр 202-с №-дээх уурааҕы көтүрэр туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр Владимир Солодовка сүбэлиэм диэн иһитиннэрбитэ.

— Усуйаана улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан кэпсэтиибит кэмигэр киэҥник кэпсэммит 202-с уурааҕы эмиэ ырыттыбыт. Өскөтүн Усуйаана оройуонугар бу уурааҕы толордоххо, бүддьүөт үлэһиттэрин ахсаана аччаабат, төттөрүтүн 40 киһинэн элбиэхтээх. Ааспыт сыл бэс ыйыгар ылыныллыбыт уонна сүбэлиир майгылаах уураах кэккэ министиэристибэлэр өйдөтөр-быһаарар үлэни ситэ ыыппатахтарыттан уонна сорох уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна бэлитиичэскэй баартыйалар тиэрэ өйдөбүлү биэрбиттэриттэн, таах дьон тылыгар киирэн биэрдэ.

Биһиги бүддьүөтү тупсарыы боппуруоһунан син биир дьарыктаныахтаахпыт. Бу хайысхаҕа үлэ барыаҕа. Ол гынан баран, бу уопсастыбаны кытта ыкса ситимнээхтик, көдьүүстээхтик барарын туһугар, ол иһигэр Усуйаана курдук өрөспүүбүлүкэ ыраах Арктика улуустарын олохтоохторо холкутук, нус бааччы, көмүскэллээхтик олороллорун туһугар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлигэр Владимир Викторович Солодовка 202-с нүөмэрдээх уурааҕы көтүрэригэр сүбэлиэм. Ол оннугар, бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри хас биирдии оройуону кытта чопчу сөбүлэһиллибит быһаарыылаах саҥа уурааҕы ылынар наада. Онно сарбыйыы туһунан буолбакка, бастатан туран, салайыы систиэмэтин тупсарыы туһунан этиллиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, кистээбэккэ эттэххэ, туһата суох бүддьүөт тэрилтэлэрин ахсаанын аччатыы, бүддьүөт эйгэтигэр салайар персоналы аҕыйатыы бэлиитикэтин син-биир ыытыахпыт. Бу — кэм ирдэбилэ. Бүддьүөт хас биирдии солкуобайа көдьүүстээхтик ороскуоттаныахтаах уонна биһиги олохтоохторбутугар туох-ханнык иннинэ туһаны аҕалыахтаах. Мин сылдьыбыт Тумат оскуолатыгар 70 эрэ оҕо үөрэнэр эрээри, үрдүк үөрэххэ киирэр, кэлин үчүгэй исписэлиис буолан тахсар оҕолору иитэн таһаараллар. Ол иһин өссө төгүл этэбин, итинник оскуолалары өйүүр инниттэн бүддьүөт эйгэтин көдьүүстээхтик салайыы ирдэнэр. Саҥа уурааҕы балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри ылынар наада”, — диэн иһитиннэрдэ.

Ил Дархан ити иһитиннэриитин кэнниттэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов: “202-с №-дээх уураах — бу мөккүөрэ суох ылыллар балаһыанньа уонна быһаччы дьайар докумуон буолбатах. Тиэрэ өйдөбүлү таһаарбат уонна быһаччы туттуллан барыыны туоратар инниттэн уураах икки күн иһигэр тохтотуллуоҕа. Маныаха 2019 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри сиһилии, хас биирдии оройуоҥҥа тус-туһунан үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай эйгэ атын тиһигин хаачыстыбатын үрдэтэр кыаҕы биэрэр тэрилтэлэр тиһиктэрин торумнуохпут. Биһиги бүддьүөт хас биирдии солкуобайын ордук табыгастаахтык уонна муҥутуур көдьүүстээхтик туһаныынан салайтарыахпыт. Бу тиһиги туһаныы 2020 сылтан саҕаланыаҕа, — диэн эттэ.

“Дьон интэриэһин көмүскүүбүт”

Феодосия Габышева, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

— Дьокутааттар куорпустарыгар күннэтэ социальнай эйгэ тэрилтэлэрин уларытан тэрийииттэн долгуйбуттарын биллэрэр дьон кэлэллэрэ. Мин хас биирдии сурукка, дьон этиитигэр чопчу киһи интэриэһин көмүскүөхтээхпит уонна көмүскүүбүт диэн хоруйдуурум. Бу түгэҥҥэ — оскуола үөрэнээччилэрин интэриэстэрин. Ыам ыйын 18 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүбүтүм. Онно туһааннаах уурааҕы ырыппыппыт. Ил Дархан норуот санаатын өрүү болҕомтолоохтук истэр. Бары нормативнай аакталар түмүктэрин бэйэтэ кэтээн көрөр. 202-с нүөмэрдээх уурааҕы көтүрүү – улахан суолталаах хардыы. Ол да буоллар, үлэ Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Ил Түмэн, Дьокуускай куорат Дууматын таһымыгар кэлимсэтик (комплексно) барыаҕа.

Саха сирин бырабыыталыстыбата орто үөрэҕи сайыннарыыга үгүһү оҥордо. 90-с сылларга Национальнай оскуолалары сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ оҥоһуллубута. 2004 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин саҥа Базиснай былаана, саҥа сокуоннар уонна тыа сиригэр үөрэх тэрилтэлэрин тутууга тус сыаллаах бырагыраама ылыныллыбыттара.

Билигин даҕаны көс оскуола модела ситиһиилээхтик үлэлии турар, тыа сиригэр аҕыйах оҕолоох оскуолалар оннунан хааллылар, үөрэх тэрилтэлэрин инновационнай моделлара оҥоһуллаллар: уһуйаан-оскуола, технопааркалар, научнай-үөрэтэр кииннэр, социокултуура комплекстара, о.д.а. Маны барытын үөрэх федеральнай министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэригэр көрдөрөбүт, Саха сирин сайыннарыыга кини ураты усулуобуйата: килиимэтэ, киэҥ территорията, демографията учуоттаныахтаах диэн билэллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Андрей СОРОКИН уонна интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0