2019 сылга гаас ханнык улуустарга тиэрдиллиэй?

Бөлөххө киир:

Күн бүгүн Сахабыт сиригэр Дьокуускайга, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Горнай улуустарыгар, уопсайа 96 нэһилиэк гаас оттукка холбонон олорор. Ыраах сытар хоту улуустары гаастыыр бырагыраама суох, ол иһин «күөх төлөн» кэлэр сылларга киин, соҕуруу, арҕаа эрэ улуустарга киириэҕэ.

 edersaas.ru 

Эргэ дьиэлэр гаастара араарыллыахтаах 

Быйыл Саҥа дьыл саҕана магистральнай гаас турбата Нам улууһугар тоҕо баран, баһаар тахсыбыта элбэх киһини долгутта. «Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Иван Макаров этэринэн, туох төрүөт буолбутун идэлээх дьон чинчийэн баран тохсунньу бүтүүтэ иһитиннэриэхтэрэ. Сэрэйэн көрдөххө, гаас турбата эргэрэн, сулууспалыыр болдьоҕо ааһан, быһылаан тахсыбыт.

«Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах үгүс дьиэлэргэ гаас турбата эргэрэн, үйэтин моҥоото. 30 сыл буолла да турба туһаныллар болдьоҕуттан тахсан, саахалланар турукка киирэр. Онон дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар куттал суоһаабатын туһугар киин куоракка 14 дьиэни гаастан араарбыппыт. Нэһилиэнньэ ону ситэ өйдөөбөккө, борокуратуураҕа тиийэ үҥсүбүтэ. Күн бүгүн Дьокуускайга 579 элбэх кыбартыыралаах КПД, блочнай дьиэлэр гаастарын ситимэ эргэрэн турар», — диэн этэр кини.

Магнитогорскайга уонна Шахты куоракка элбэх этээстээх дьиэҕэ бытовой гаас эстэн, олохтоохтор суорума суолланнылар. Маннык алдьархай хатыламматын туһугар эргэрбит уонна тиэхиньиичэскэй ирдэбилгэ эппиэттээбэт дьиэлэри гаастан араарыахтара.

Быйыл «күөх төлөн» Бэрдьигэстээххэ киириэҕэ   

 

Александр Го­голев, «Сахатранс­неф­тегаз» хампаанньа кылаабынай инженерэ: «2019 сылга, былаан быһыытынан, гаас Бэрдьигэстээххэ киириэхтээх, былырыын 30 килэмиэтир усталаах магистральнай турба Горнай улууһугар тардыллыбыта. Ону таһынан, илин эҥээргэ Мэҥэ Хаҥаласка Бүтэйдээххэ, Чурапчыга Туора Күөлгэ гаас ситимэ киирдэ.

Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут — нэһилиэк дьиэлэрин, бары тутууларын гаас уматыгынан хааччы­йыы. Билиҥҥитэ тыа сиригэр нэһилиэнньэҕэ биир тыһыынча куб гаас 4 258 солкуобай, куоракка – 5 348 солкуобай», — диэн кэпсиир.

Соҕуруу улуустарга

Ленскэй оройуонун гаас­тыырга быйыл олохтоох дьаһалта 80 мөлүйүөн солкуобайы көрдө, онон Мииринэй диэки баар «Отраднинскай» гаастаах сиртэн «Сахатранснефтегаз» киллэриэҕэ.

Салгыы 2025 сылга диэри Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар «Сибиир күүһэ» магистральнай турба ааһар сириттэн чугас сытар нэһилиэктэр гааска холбонуохтара.

«Газпром» үрдүк күүрүүлээх гаас турбатын бөһүөлэктэр икки ардыларыгар тутан биэ­риэҕэ, оттон бөһүөлэк иһинээҕини өрөспүүбүлүкэ хааччыйыаҕа.

Гааһы киллэртэрии үбэ-харчыта 

Чааһынай дьиэҕэ гаас киирэригэр дьиэлээх хаһаайын ортотунан 100 тыһыынча солкуобай суумалаах хочуол атыылаһыахтаах. «Сахатранснефтегаз» магистральнай ситими тардан, олбуор таһыгар холбонор утаҕы аҕалан биэрэр.

Билигин саҥа сокуонунан, гаас ситимиттэн 200 миэтэрэҕэ баар учаастакка утах 47 000-57 000 сол­куобайга тардыллыахтаах.

Нэһилиэнньэ улахан аҥаара уотунан барар хочуолу туттар, кыһыҥҥы бытархан тымныыга ол куттала диэн, уот барда даҕаны, дьиэҥ түргэнник тымныйар. Аныгы хочуоллар уот бардаҕына 6-8 чааска диэри сылааһы тутар аккумулятордаахтар. Онон хочуолгун кыһыл оҕону биэбэйдиир курдук күн ахсын көрө-истэ сылдьыаххын наада.

Төлөбүр счетчиктан тутулуктаах

Дьиэ иэниттэн уонна ичигэһи таһаарбат, тастан тымныыны киллэрбэт гына хаһаайын хайдах оҥостубутуттан көрөн, гааһы туһаныы иһин ыйга кыһын оройугар 4000-5000 солкуобайы төлүүллэр. Ол оннугар сайын төлөөбөттөр. Хас биирдии ыал төһөнү туттубутунан счетчик көрдөрүүтүнэн төлөбүр ааҕыллар.

Куорат кытыы оройуоннарыгар, Мархаҕа, Хатаска, Покровскайдыыр суолга баар сир учаастагын барытын гаастыыры үп-харчы тиийбэтэ атахтыыр эбит. Элбэх оҕолоохторго бэриллибит учаастактар билиҥҥитэ уота, гааһа суох тураллар.

Олохтоохтор этэллэринэн, Дьокуускай кытыытыгар биир оройуоҥҥа гаас баар, оттон аттынааҕы учаастакка суох буолуон сөп. Ону оҥорорго, турба эргимтэтин кэҥэтэргэ, гаас күүрүүтүн үрдэтэргэ  350-400 мөлүйүөн сол­куобай наада диэн чуолкайдыыр кылаабынай инженер Александр Гоголев.

Сорохтор сирдэрин сыанаҕа атыылаары, гаас киллэртэрэргэ тиэтэйэллэр. Билиҥҥитэ гаас­тааһыҥҥа 2000 тахса сайаапка киирэн, «күөх төлөн» ситимэ салгыы тардыллыахтаах.

Түмүк

«Сахатранснефтегаз» ньиэп, гаас хампаанньата 2000 тахса үлэһиттээх, бары кэриэтэ төрүт олохтоох дьон, кинилэр орто саастара – 39. Үгүстэр Москваҕа Губкин, Бауман аатынан аатырбыт университеттары бүтэрэн дойдуларыгар кэлэн магистральнай ситими бырайыактааһыҥҥа, тутууга, айылҕа гааһын туһаҕа таһаарыыга үлэлииллэр. Инники былааннара – убатыллыбыт гааһы оҥорон, ыраах улуустарга тиэрдии. Оччотугар гаас ситимин тутууга ороскуотурбакка эрэ, «күөх төлөнүнэн» хааччыйар кыах көстүө этэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0