2019 сылга хомунаалынай төлөбүр иккитэ үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан, Саха сиригэр эһиил хомунаалынай өҥө төлөбүрэ тохсунньуга – 1,7%, онтон от ыйын 1 күнүттэн ортотунан 2,4– 4,8% үрдүөхтээх.

edersaas.ru
«Сыл ахсын ОДьКХ төлөбүрэ от ыйыгар үрдээччи, ол эрэн НДС нолуога 18% — 20% диэри эбиллэн, 2019 сыл саҥатыгар тарыып 1,7% үрдүөҕэ. Ол эрэн, сылааһынан, уотунан, уунан хааччыйар тэрилтэлэр нолуогу судургутуллубут көрүҥүнэн төлүүр, НДС-тан босхоломмут түгэннэригэр хомунаалынай өҥө төлөбүрэ нэһилиэнньэҕэ тохсунньуга уларыйыа суоҕа. Үгэс быһыытынан, төлөбүр от ыйыгар 2,4% эбиллиэҕэ», — диэн быһаарда СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова.
Дьон олорор дьиэтэ хайдах хааччыллыылааҕыттан көрөн, өрөспүүбүлүкэҕэ хомунаалынай өҥө төлөбүрэ 4,8% куоһарыа суохтаах.
Өскөтүн хомунаалынай төлөбүр дьиэ кэргэн уопсай дохуотун сууматыттан  15%-тан элбэҕи ылар буоллаҕына субсидия оҥотторон, кэккэ чэпчэтиинэн туһаныахтарын сөп.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0