Үлэтэ суох хаалбыт дьон посуобуйа ылыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биэнсийэҕэ бараллара чугаһаабыт дьон 2019 сылга диэри үлэтэ суох хаалбыт буоллахтарына, социальнай посуобуйаны ылыахтара.

Бу туһунан бэҕэһээ  социальнай уонна үлэ хайысхаларын хонтуруоллуур хамыыһыйа мунньаҕын кэнниттэн РФ вице-премьера  Татьяна Голикова  секретариата иһитиннэрдэ. Санатар буоллахха, РФ Конституционнай суута биэнсийэҕэ барар саастаах дьон үлэлэриттэн матар түгэннэригэр, посуобуйа (11,28 тыһ. солк) бэриллиэхтээҕин туһунан быһаарыы ылыммыта. Онон биэнсийэҕэ барыахтаах дьон үлэтэ суох хаалбыт буоллахтарына, тустаах социальнай посуобуйа төлөнүллэр. Саамай сүрүнэ, сайабылыанньа бэриллиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0