2018 сыл чулууларын аатын Чөмпүйүөннэр баалларыгар иһитиннэриэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Спорт министиэристибэтигэр мунньахтаабыт анал хамыыһыйа сыл уон бастыҥ спортсменын быһаарда. 2018 сыл лауреаттарынан кимнээх буолбуттарын ахсынньы 26 күнүгэр буолар Чөмпүйүөннэр баалларыгар билиэхпит.

Быйылгыттан ыла дьахталлар, эр дьон итиэннэ кыргыттар, уолаттар ортолоругар, адаптивнай спорт көрүҥнэригэр улахан дьоҥҥо, оҕолорго, спорт национальнай көрүҥнэригэр биирдии бастыҥ спортсмены талар буолуохтара.

Ол курдук, эр дьоҥҥо бастыҥтан бастыҥҥа хандьыдаатынан Василий Егоров (бокса), Арыйаан Тютрин, Николай Охлопков, Эдуард Григорьев, Владислав Андреев (көҥүл тустуу), Айаал Макаров (спортинг), Гаврил Колесов, Андрей Федотов, Николай Стручков (дуобат), Владимир Рыбкин, Николай Чуфистов (хайыһарынан сүүрүү), Вадим Колтовской (кикбоксинг), Максим Афонин (чэпчэки атлетика), Владимир Балынец (пауэрлифтинг), Эдгар Тобуков (ушу), Алексей Созонов (хотугу многоборье), Руслан Лугинов (киирэ спорда), Павел Черноградскай (мас тардыһыы), Узаир Абдураков (бойобуой күөн көрсүү), Александр Петров (буулдьанан ытыы) киллэриллибиттэрэ.

Дьахталларга Сардаана Трофимова, Диана Адасько, Надежда Гоголева (чэпчэки атлетика), Мотрена Ноговицына, Ньургуйаана Азарова, Степанида Кириллина (дуобат), Екатерина Осипова (пауэрлифтинг), Наталья Черноградская (мас тардыһыы) сыл чулуутун аатыгар түһэриллибиттэрэ.

Адаптивнай спорка эр дьоҥҥо уон үс, дьахталларга сэттэ спортсментан бастыҥы талыахтара.

Лауреаттар ааттара ахсынньы 26 күнүгэр “Триумф” Спорт киинигэр буолар Чөмпүйүөннэр баалларыгар биллиэҕэ.

Роман Попов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0