2017 сыллааҕы гороскоп

Ааптар: 
04.12.2016
Бөлөххө киир:

hoj-kopiyaХой (кулун тутар 21 күнэ – муус устар 20 күнэ)

2017 сыл хой бэлиэтигэр төрөөбүт дьоҥҥо ытылҕаннаах, соһуччу уонна түргэн уларыйыылардаах буолуо диэн сулустар билгэлииллэр. Биир үксүн тус олоххо уларыйыылар буолуохтара. Дьиэ кэргэннээх дьон бу кэмҥэ этиһэн да ылыаххытын сөп, ол эрээри түргэнник эйэлэһиэххит. Маннык сыһыаннар, төттөрүтүн, дьиэ кэргэҥҥит олоҕун харыстыахтара, бигэ туруктуохтара. Соҕотох, аналларын була илик «хойдор» сэтинньигэ аналларын көрсүөхтэрин сөп. Үлэҕэ, карьера үрдээһинигэр ситиһиилэр күүтэллэр. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥутун кытта тылга тииһимэҥ, эйэлээх сыһыаны харыстааҥ. Кэлэр сыл устата быһаарыныылары түргэнник ылынымаҥ, барытын үрүт-үөһэ толкуйдааҥ, чугас дьоҥҥутуттан сүбэлэттэриҥ.

o-us-kopiyaОҕус (муус устар 21 күнэ – ыам ыйын 21 күнэ)

Бөтүүк сыла оҕус бэлиэтигэр төрөөбүт дьоҥҥо олус туһалаахтык ааһыа. Эбиитин санаабыккыт, толкуйдаабыккыт барыта эһиги былааҥҥытынан баран иһиэ.Ол эрээри, киһи үөйбэтэх өттүттэн сонуннары истиэххит, олоххутугар уларыйыылар буолуохтара. Урут хаһан даҕаны улахан болҕомтоҕутун уурбатаххытыгар олус наадыйан кэлиэххит. Дьиэ кэргэҥҥитигэр, үлэҕитигэр ситиһиилээх сыл тосхойуо. Дьоҥҥо үтүөтүк сыһыаннаһыҥ, оччоҕо барыта орун-оннугар баран иһиэҕэ. Кэлэр сыл эһигини элбэххэ үөрэтиэҕэ.

igireler-kopiyaИгирэлэр (ыам ыйын 22 күнэ – бэс ыйын 21 күнэ)

Игирэлэр тиһэҕэр тиэрдибэтэххитин үүнэр сылга, дьэ, ситиһиэххит! Туох баарга барытыгар дьоһуннаахтык сыһыанастаххытына барыта орун-оннугар табыллан иһиэ. Үгүс күүлэйдэр, барыылар-кэлиилэр, саҥа дьону кытта билсиилэр күүтэллэр. Дьыалабыай сибээстэри олохтооҥ уонна олору тутуһуҥ, бу сибээстэргит эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ. Дьылҕаҕыт бэлэмнээбит кыахтарын барытын туһанан иһин, туора туран хаалымаҥ. Кулун тутар ыйга доруобуйаҕытын көрүнүҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

araak-kopiyaАраак (бэс ыйын 22 күнэ – от ыйын 22 күнэ)

Ааһан эрэр 2016 сыл сылаалаах соҕус табыллыбыт буоллаҕына, кэлэр 2017 сылга араак бэлиэлээх дьон, дьэ, сылайбыккытын, сылаарҕаабыккытын умнуоххут! Эһигини олус элбэх соһуччу үөрүүлээх, түһүүлээх-тахсыылаах сыл күүтэр. Ол эрээри, тирээн кэлбит кыһалҕалары, үксүн кэриэтэ, бэйэҕит быһаарыаххыт, ким даҕаны көмөлөһөргө тиэтэйиэ суоҕа. Олунньуга үлэҕитигэр болҕомтото ууруҥ, кэлин син биир сыраҕытын сыаналыахтара, үп-харчы баар буолуо. 2017 сыл – эһиэхэ бэйэ дьыалатын тэринэргэ, саҥа сүүрээҥҥэ олорсорго тоҕоостоох сыл.

hahaj-kopiyaХахай (от ыйын 23 күнэ – атырдьах ыйын 21 күнэ)

Үүнэр сылга тулуурдаах уонна өһөс буоллаххытына үгүһү ситиһиэххит. Үлэҕитигэр үрдэтиэхтэрэ, ол эрээри түбүгүрэ түһүөххүт. Дьиэ кэргэннээх дьоҥҥо ил-эйэ, өйөһүү-өйдөһүү баар буолуо. Оттон сулумах сылдьар дьон аналгытын көрсүөххүтүн сөп. Кэргэн тахсарга (ыларга) ыксаамаҥ диэн сулустар сүбэлиллэр. Харчыгытын кыра ахсын бараамаҥ, дьиэ атыылаһыытыгар, муораҕа сынньалаҥҥа уурунуҥ. Айар дьоҕурдаах «хахайдар» муусукаҕа, литэрэтиирэҕэ, уруһуйга талааннаргытын арыйыаххыт.

kyys-kopiyaКыыс (атырдьах ыйын 22 күнэ – балаҕан ыйын 23 күнэ)

Кэлэр сылга кыыс бэлиэтигэр төрөөбүт дьон сыл устата бириэмэлэрин туһалаахтык атаарыахтара. Үлэ чааһыгар киирдэххэ, элбэх айан, илии баттааһыннаах мунньахтар күүтэллэр. Ол эрээри, сыраҕыт, түбүгүрбүккүт икки бүк сыаналаныаҕа. Эр киһиэхэ – дьахтар, дьахтарга – эр киһи өттүттэн сылаас сыһыаннар, таптал да баар буолуохтара. Умнуллубат сайын күүтэр. 2017 сыл бүтүүтэ урукку доҕотторгут, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэргит биллиэхтэрэ. Кинилэри кытта аны сибээскитин быһымаҥ.

yjaa-ynЫйааһын (балаҕан ыйын 24 күнэ – алтынньы 23 күнэ)

Уоттаах Бөтүүк сыла ыйааһын бэлиэтигэр төрөөбүт дьоҥҥо үтүө сылы түстүүр. Ол курдук, эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр, үлэҕитигэр, хаһаайыстыбаҕытыгар таһаарыылаах сыл буолсу. Үлэттэн, дьиэттэн-уоттан быыс булаҥҥыт, өссө умнуллубаттык сынньаныаххыт, күүлэйдиэххит. Аны харчы куруук баар буолуо, тиийиммэт-түгэммэт кэмнэргитин умнан кэбиһиэххит. Ол эрээри, доруобуйаҕытын көрүнүҥ, харыстана сылдьыҥ диэн сулустары кэтээн көрөөччүлэр билгэлииллэр.

skorpion-kopiyaСкорпион (алтынньы 24 күнэ – сэтинньи 22 күнэ)

Урукку этиһиилэргит, өйдөспөт түгэннэргит 2017 сылга умнуллуохтара. Дьиэ, учаастак ылынарга саамай тоҕоостоох кэм. Оттон ыам ыйыгар итии дойдуга күүлэйдииргит, сынньанаргыт бэйэҕитигэр олус туһалаахтык дьайыа. Үп-харчы дэлэй буолсу, лотуоҕа, лотереяҕа сүүйэн да кэбистэххитинэ көҥүлгүт! Бу сылга саҥаны саҕалыыргытыгар, бэйэҕит кистэлэҥ талааҥҥытын арыйаргытыгар олус сөптөөх кэм тирээн кэлиэ, улахан толкуйа суох барытыгар сөбүлэһэн иһин. 2017 сыл бүтүүтэ элбэх үөрүүлээх түгэннэр күүтэллэр.

ohchut-kopiyaОхчут (сэтинньи 23 күнэ – ахсынньы 22 күнэ)

Бэйэҕит сыыһа толкуйгутунан онно-манна угаайыга киирэн биэрбэтэххитинэ, кэлэр Бөтүүк сыла нус-хас олоҕу түстүүр. Болҕомто киинигэр сылдьа сатааҥ, үүнэр сыл эһиги “сулустаах” чааскыт тосхойор кэмэ эбит. Сулумах сылдьар дьон кими эрэ уҥа-таала суох таптаан “иэдэйиэххит”. Маны таһынан, охчут бэлиэтигэр төрөөбүт дьон бэйэҕит ис туруккут сааһыланыа, бэйэҕитигэр быдан эрэллээх буолуоххут. Тас көрүҥҥүтүгэр тугу эмит уларытар, дьиэҕит иһин-таһын өрөмүөннүүргэ сөптөөх сыл үүнэн эрэр.

chubuku-kopiyaЧубуку (ахсынньы 23 күнэ – тохсунньу 20 күнэ)

Чубуку бэлиэлээх дьоҥҥо үүнэр сыл “былыта суох халлааны” билгэлиир. Үлэҕитин, дьэ, сыаналыахтара, хамнаскыт үрдүө, харчыҥ, бэйэҕит даҕаны билбэккинэн, элбээн иһиэ. Киирбит этиилэри тугу даҕаны мүччү тутумаҥ, барытыгар олорсон, быһаарсан, кыах баарынан үлэлэһэн иһин. Дьиэ кэргэннээх дьон дьолгутун харыстааҥ. Оттон сулумах сылдьааччылар, сирбэккэ-талбакка сырыттаххытына, аналгытын көрсүөххүт. Тыл этэр, бырааһынньык ыытар, дьону түмэр үтүө хаачыстыбаҕыт сайдыа.

uu-ut-kopiyaКүрүлгэн (тохсунньу 21 күнэ – олунньу 19 күнэ)

Бөтүүк сылыгар уопсастыбаҕа аптарытыаттаах миэстэни ыларга дьулуһуҥ. Улахан уларыйыылар күүтүллүбэттэр, кыра баар буоллаҕына даҕаны, барыта үчүгэй эрэ өттүгэ уларыйыаҕа. Үлэни уларытар, дьиэни-уоту саҥардар кэм үүнүөҕэ. Кыра даҕаны дьыалаларга, наадаларга болҕомтоҕутун ууруҥ, кэлин бэйэҕитигэр махтана саныаххыт. 2017 сыл сайына – бэйэ дьыалатын арынарга, уруккуттан санаабыккытын олоххо киллэрэргэ тоҕоостоох кэм. Бэйэҕитигэр эрллээх буолуҥ, барыта табыллан иһиэҕэ.

balyktar-kopiyaБалыктар (олунньу 20 күнэ – кулун тутар 20 күнэ)

2017 сыл балыктар бэлиэҕэ төрөөбүт дьоҥҥо дьолу, табыллыыны, ситиһини, баҕа санаалар туолууларын түстүөҕэ. Биир сиргэ олорон эрэ үлэлиир дьон үлэҕитин уларытарга сулустар сүбэлииллэр. Бөтүүк сылын устата эһигини соһуччу көрсүһүүлэр, умнуллубат сырыылар күүтэллэр. Дьиэ кэргэҥҥитигэр сыһыаҥҥыт өссө тупсуо. Үбү-харчыны суоттаан-учуоттаан туттуҥ. Бэйэҕит кыаххытыҥ билиммэт буоллаххытына, дьоҥҥо ону-маны эрэннэримэҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0