Үүммүт сылга Саха сиригэр ханнык улахан таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллыахтарай? Соторутааҕыта буолан ааспыт Спорт министиэристибэтин кэлиэгийэтигэр 2017 сыллааҕы спортивнай-маассабай уонна физкултуурнай-чэбдигирдэр тэрээһиннэр былааннара бигэргэтилиннэ.
Петр Павлов, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыга Николай Цыпандин эппитинэн, үүммүт саҥа сылга барыта 663 спортивнай тэрээһин ыытыллыаҕа. Сыллааҕы былаан түөрт түһүмэхтэн турар. Ол иһигэр саҥа түһүмэх быһыытынан сыл устата 20 тэрээһиннээх ГТО нуорматын туттарыы киирбит. Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдар былааннарыгар керлинг көрүҥэ баар. Санатан эттэххэ, бу федерация учредителлэринэн “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компания ыытааччыта Петр Говоров уонна сатабыллаах предпринимателлэр Виктория Лыткина, Надежда Евсеева буоллулар. Номнуо “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһыгар тренердэргэ аналлаах дьарыктар ыытылыннылар. Дьарыгы Белоруссия керлингэ хамаандатын тренерэ, Россия чөмпүйүөнэ, спорт маастара Александр Орлов салайда. Маны таһынан спорт национальнай көрүҥнэригэр ыытыллар күрэхтэһиилэр бары Манчаары оонньууларыгар күүстээхтэри сүүмэрдиир сыаллаах ыытыллаллара этилиннэ.
Биллэрин курдук, сыл саамай улахан күрэхтэһиитинэн – спорт национальнай көрүҥнэригэр Манчаары ХХ спартакиадата буолуоҕа. Спартакиада от ыйын 6-10 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллара былааннанар. Бу улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн, Үөһээ Бүлүүгэ чэпчэки атлетикаҕа манежтаах стадион, спортивнай комплекс, ипподром, оттон Нам сэлиэнньэтигэр спортивнай быласаакка тутуллуохтара. Манчаары спартакиадатын бырагырааматыгар саҥа көрүҥ быһыытынан хабылык, хаамыска уонна хотугу многоборье киллэриллэн биэрдилэр. Онон Үөһээ Бүлүүтээҕи оонньуу спорт 11 көрүҥэр (хапсаҕай, мас-рестлинг, сахалыы ыстаныылар, гиирэ спорда, национальнай многоборье, чэпчэки атлетика, оҕунан ытыы, буулдьанан ытыы, хотугу многоборье, ат сүүрдүүтэ, хабылык уонна хаамыска) ыытыллыаҕа.
Быйылгы сыл – олимпийскай сыл. XXIII Сурдлимпийскай оонньуу от ыйын бүтүүтэ Турция Самсунг куоратыгар ыытыллыаҕа. Ааспыт маннык оонньууга биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн – буулдьанан ытыыга Евдокия Каторгина, дзюдоист Григорий Бысыкатов уонна тустууктар Владимир Бородин, Прокопий Николаев кыттыбыттара. Кинилэртэн Прокопий Николаев үрүҥ көмүс, Владимир Бородин боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Дьэ, бу улахан күрэхтэһиини көрсө олунньу бүтүүтэ биһиги Дьокуускайбытыгар Сурдлимпиадаҕа хамаанданы сүүмэрдиир сыаллаах Россия көҥүл тустууга чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. Онно биһиги эрэллэрбитинэн Сергей Николаев, Владимир Бородин, Валерий Чемпосов, Василий Стрекаловскай буолуохтара.
2017 сыл бастакы ыйын күрэхтэһиилэрэ
Тохсунньу 5. Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын көҥүл тустууга аһаҕас чөмпүйэнээтэ. “Триумф”.
Тохсунньу 6-8. 2002-2003 сс. төрөөбүт уолаттар уонна кыргыттар боксаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдара. Дьокуускай.
Тохсунньу 6-8. Үөрэнээччилэр дуобакка өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдара. Чурапчы.
Тохсунньу 7-8. Джиу-джитсуга Уһук Илин чөмпүйэнээтэ. Нерюнгри.
Тохсунньу 8-12. Үөрэнээччилэр саахымакка өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдара. Дьокуускай.
Тохсунньу 9-12. Оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэ кыһыҥҥы чөмпүйэнээтэ. Дьокуускай.
Тохсунньу 13-15. Оҕунан ытыыга Россия түһүлгэтигэр хамаанданы сүүмэрдиир өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии. Дьокуускай.
Тохсунньу 14-15. Выбор Быкалыров кэриэһигэр уолаттар хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдара. Бүлүү – Тыымпы.
Тохсунньу 20-22. Чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ дьиэ иһинээҕи чөмпүйэнээтэ. Дьокуускай.
Тохсунньу 20-22. Николай Захаров-Сахаачча кэриэһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ уолаттарга күрэхтэһиитэ. Дьокуускай.
Тохсунньу 27-29. Н.Н.Решетников бирииһигэр гиирэ спордугар өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир. Чурапчы – Чыаппара.
Тохсунньу 26-29. Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии. Мирнэй.
Бу курдук, хас биирдии ыйынан ханнык күрэхтэһиилэр ыытыллалларын сайтпытыгар биллэрэн иһиэхпит. “Эдэр саас” сайты кэтээн көрө, ааҕа, санааҕытын үллэстэ, мунаардаххытына – ыйыталаһа туруҥ.
Уопсайынан ылан көрдөххө, 2017 сыл спорка олоҕо биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыҥааһыннаах уонна интэриэһинэй буолара күүтүллэр.
Петр ПАВЛОВ. Хаартыскалар Интэрниэт ситимиттэн ылыллан туһанылыннылар.