Виктор Лебедевы улахан спортан атаардылар
Көҥүл тустууга аан дойду хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, саха чулуу спортсмена Виктор Лебедевы улахан спортан атаарыы «Триумф» спорт киинигэр ахсынньы 8 күнүгэр буолбута. Спортсмен аатын «АЛРОСА» хампаанньа 68,66 караттаах алмааска иҥэрбитэ.
Василий Стрекаловскай – Сурдлимпиада чөмпүйүөнэ
От ыйыгар Турция Самсун куоратыгар ыытыллыбыт Сурдлимпиадаҕа көҥүл тустууга Василий Стрекаловскай чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүтэ. Финалга уолбут Иран бөҕөһүн Хосейн Дерикваны кыайан, бэйэтин аатын саха успуордун устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубанан суруйда.
«Манчаары Оонньууларын» ыыттылар
От ыйыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар үбүлүөйдээх XX «Манчаары Оонньуулара» ыытыллыбыта. Саха олимпиадатыгар уопсайа 34 улуустан 38 хамаанда уонна 1800 спортсмен кыттыыны ылбыттара. Күрэхтэһии түмүгүнэн, 9 рекорд туруоруллубута.
Варвара Устинова Үлэ Дьоруойа буолла
Быйылгы сандал саас Саха сирин олохтоохторугар өссө биир Үлэ Дьоруойун бэлэхтээтэ. 38 сыл устата лесник-технологынан үлэлээбит Хаҥалас улууһун лесничэйигэр Варвара Устиноваҕа “Үлэ Дьоруойа” бэлиэни дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туттарда.
Олимпиада чөмпүйүөннэрэ ыалдьыттаатылар
Көҥүл тустууга X-ус норуоттар икки ардыларынааҕы Коркин аатынан турнирга олимпиада чөмпүйүөннэрэ Турцияттан Таха Акгюль уонна Грузияттан Владимир Хинчегашвили бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сырыттылар.
Тутар этэрээттэр сүлүөттэрэ ыытылынна
58-с үлэ сезонун түмүктүүр Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутар этэрээттэрин сүлүөтэ Дьокуускай куоракка ыытылынна. Арассыыйа, Казахстан уонна Белоруссия тутар этэрээттэрин байыастара ыалдьыттаан барбыттара. Сүлүөт кэмигэр тутар этэрээттэргэ өйдөбүнньүк туруорбуттара.
Роман Дмитриевкэ пааматынньык турда
Атырдьах ыйын 31 күнүгэр, Роман Дмитриев Олимп саамай үрдүкү чыпчаалыгар тахсыбыта 45 cыла туолар күнүгэр Дьокуускайга киниэхэ анаан пааматынньык уонна сквер аһылынна.
“Россия — моя история” мусуой арылынна
Алтынньыга Арассыыйа 5 куоратыгар баар, аныгы технологиянан оҥоһуллубут “Россия — моя история” паарка арыллыбыта. Паарканы Уһук Илин полпреда Юрий Трутнев арыйбыта.
Хаарчаана Санкт-Петербурдаата
Былырыын Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр Хаарчаана диэн оҕону төрөтөннөр дьон-сэргэ кутун өссө туппуттара. Быыкаайык эһэчээн биһиги харахпыт далыгар улааппыт буолан, киниэхэ ураты суолтаны биэрэбит. Ахсынньы 6 күнүгэр, Хаарчаана Санкт-Петербург куоракка эбээтигэр Усладаҕа көһөн тиийбитэ.
Икки саастаах саллаат
Тааттаҕа Кыайыы күнүн бэлиэтиир параадка эбээтэ тикпит байыаннай таҥастаах икки саастаах Артур устуруой иннигэр чиэс биэрэ-биэрэ маршировкалаабыта бүтүн Арассыыйаҕа аатырда. Уус Алдантан уонна Тааттаттан тардыылаах Чурапчы улууһун олохтооҕо, Чурапчытааҕы “Чуораанчык” оҕо саадын иитиллээччитэ Артур уонна кини доҕотторун оҕо саастара өрүү чаҕылхай күннээх буоллун!
“Хатаннар” Кириэмилгэ ыллаатылар
Үөһээ Бүлүүтээҕи детдом иитиллээччилэрэ – “Хатан” ырыа бөлөҕө «НТВ» ханаал ыыппыт норуоттар икки ардыларынааҕы “Ты — супер” бырайыагар кытынна. Финалга дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ бары күөх уоту баттаабыттарын үрдүнэн, 8 бастыҥтан биһиги оҕолорбут түөрт иһигэр киирбэккэ, күрэхтэн туораабыттара. Ол да буоллар, “хатаннары” Кириэмилгэ финалистар гала-кэнсиэртэригэр ыллаппыттара.
Альбиностар “атаакалаатылар”
Хаҥалас улууһуттан төрүттээх Нарияна Иванова инстаграмҥа страница арынан, кылгас кэм иһигэр “сулус” буолла. Нарияна төрүөҕүттэн альбинизм диагнозтаах. Баттахтыын, хаастыын муус-маҥан кыыһы НТВ ханаал «Звезды сошлись» биэриитигэр кытыннарбыта. Аны бу сайын Тааттаҕа альбинос куһу, Бүлүүгэ альбинос андаатары бултаабыттара иһиллибитэ.
Икки сыл субуруччу бастакынан оҕолоннулар
Чурапчы улууһун Чакырыгар олорор элбэх оҕолоох Макаровтар дьиэ кэргэн икки уоллара оруобуна биир сыл араастаан — 2016 уонна 2017 сыл тохсунньу 1 күннэригэр төрөөбүттэрэ. Бу сонун Саха сирин батсаап бөлөхтөрүн, инстаграм пабликтарын биир гына тарҕанан, дьон сөҕүүтүн ылбыта.
Саҥа “сулустар”
Бу сылга олус элбэх саҥа талааннар арылыннылар. Ол курдук, Семен Ченянов айар устуудьуйатыгар дьарыктанар “Snow Voiсе” бөлөх уолаттара киэҥ эйгэҕэ тахсан, номнуо туспа суоллаах-иистээх ырыаһыттар буоллулар. Аны инстаграмтан умайбыт “сулустар” – KitJah, игирэ Туприналар дьон кутун туттулар.
“Мисс Виртуальная Якутия” саҥа таһымҥа ыытылынна
Үkt.ru сайт үгэскэ кубулуйбут кырасаабысслар куонкурустарын, аны, Арассыыйа таһымыгар ыыттылар. Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһым быйылгы кыайыылааҕа Мария Никитина (Заровняева) “Бастакы вице-мисс” аатын ылары ситистэ. Бастакы миэстэни уонна сүрүн бирииһи – массыынаны Сургуттан сылдьар Екатерина Решетникова ылла.
“Сааскы кэм” киинэ уһуллулар
Кулун тутарга Николай Мординов – Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылын көрсө “Сааскы кэм” арамаанынан киинэ сүрэхтэннэ. Сүрүн дьоруой Микиитэ Лэглээрини Таатта Ытык Күөлүн 1-гы №-дээх оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Петров толордо. Киинэни Алексей Романов режиссердаата.
Аан дойду ыччатын бэстибээлигэр кытынныбыт
XIX Аан дойдутааҕы ыччат уонна устудьуоннар бэстибээллэрэ алтынньы 15 күнүттэн 22-гэр диэри Сочига буолла. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 185 дойдуттан 23 734 ыччат уонна устудьуон дьон кытынна, ону таһынан, 5000 волонтер. Бэстибээлгэ биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн уопсайа 150 киһилээх халыҥ делегация, 40 волонтер ситиһиилээхтик, чаҕылхайдык кытынна.
Амма кыыһа «ПОЛЕ ЧУДЕС» оонньууга кыайда
Ис дьыала министиэристибэтин култуурунай киинин начаалынньыга Юта Асекритова уонна Амматааҕы салаа силиэдэбэтэлэ, старшай лейтенант Анна Филиппова Москваҕа Бастакы ханаалга «Поле чудес» биэриигэ кытыннылар. Кыргыттар Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэригэр аналлаах биэриигэ оонньообуттара. Онно Анна Филиппова оонньуу муҥутуур кыайыылааҕа аата ылбыта.
Бастыҥ инженер «Лада-Гранта» массыынанан наҕараадаланна
Уһук Илиҥҥэ бастыҥ инженер куонкуруһугар «Идэтийбит инженер» хайысхаҕа «Якутскэнерго» исписэлииһэ Александр Иовлев кыайда. Кинини Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Сэбиэтин чилиэнэ Вячеслав Штыров анал бирииһинэн — «Лада-Гранта» массыынанан наҕараадалаатылар. Иовлев «Внедрение автоматики защиты от однофазных замыканий на землю в сетях с изолированной нейтралью 6-35 кВ» бырайыагы толкуйдаабыт.
“СЫТС” күрэхтэһиигэ мэҥэлэр кыайдылар
«Саха ыччатын – тыа сиригэр» («СЫТС») диэн үс күннээх илиинэн үлэҕэ күрэхтэһии Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр буолбута. Тэрээһини онус төгүлүн «Эдэр саас» ыччат таһаарыыта иилээн-саҕалаан ыытта. Бырайыак быйыл Нөмүгү таһыгар турар Хараанай сайылыгар уонна «Нөмүгү» агрофирма ходуһатыгар ыытылынна. Уопсайа, алта хамаанда илин-кэлин түһүстэ. Солуурдаах ууну оргутууга, оту мунньууга, кэбиһиигэ уонна ханаат тардыһыыга күрэхтэстилэр. Үс күннээх өрө күүрүүлээх үлэ түмүгүнэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун хомуур хамаандата бастакы миэстэҕэ тахсан, 70 тыһ. солк. уу харчынан наҕараадаланна.
“СЫП” эспэдииссийэ уон алтыс төгүлүн ыытылынна
Сааскы каникул кэмигэр «СЫП: Саха ыччатын — промышленноска!» диэн оскуола оҕолорун идэҕэ туһаайар эспэдииссийэбит быйыл 16-с төгүлүн буолла. Эспэдииссийэ хайысхата: “Кыһыл Сыыр – Мирнэй — Ленскэй”. “Сахатранснефтегаз”, “АЛРОСА”, “ЯТЭК”, “СургутНефтеГаз”, «Газпром Трансгаз Томск» уо.д.а. улахан хампаанньалар эбийиэктэрин иһиттэн көрдүлэр. Оскуола кэнниттэн техническэй үөрэхтэргэ туттарсыан баҕалаах оҕолор кытыннылар.
Айтана Аммосова, Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru