2017 сыл түмүгүн туһунан Ил Дархан санаата

Бөлөххө киир:

Иллэрээ күн Ил Түмэн сессията буолан ааста. Ил Дархан Егор Борисов дьокутааттарга СӨ бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттууругар: “Тыа сиригэр киһи хайдах да үлэтэ уонна дьарыга суох буолуон сатаммат. Тоҕо диэтэргин, тыа сиригэр киһи хаһаайыстыбата суох буолбат. Олохтоох былаас хаһаайыстыбалаах дьону өйүүрэ улахан суолталаах”, — диэн бэлиэтээтэ.

Егор Афанасьевич бэлиэтииринэн, билигин регионнааҕы баалабай бородууктабыт биир киһиэхэ тиксэринэн 1 мөл. солк. тиийэн эрэр, бүддьүөппүт дохуоттаах чааһа 2010 сыллааҕыны кытары тэҥнээтэххэ, икки төгүл улааппыт. “Бэйэбит киллэринэр дохуоппут 54 %-тан 69 %-ҥа диэри үрдээтэ. Оттон бүддьүөт ороскуоттах чааһын туһунан эттэххэ, бастатан туран, социальнай эйгэҕэ ороскуоппут улаатта. Хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа — 3,9, регион экономикатын бөҕөргөтүүгэ — 2,5, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатыгар- 1,5, тырааныспар эйгэтигэр- 5,2 төгүл үрдээтэ. Ити сыыппаралар элбэҕи этэллэр”, — диэн иһитиннэрэр кини.

Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ федерация таһымыгар бүддьүөтү тыырыыга, бүддьүөттэр икки ардыларыгар сыһыаннаһыыга бэйэтин интэриэһин куруутун көмүскүүр. Ол да иһин сылын аайы федеральнай хааһынаттан бүддьүөппүтүгэр үгүөрү үбү ылабыт.

Бырабыыталыстыба дьон-сэргэ дохуоттаах, дьарыктаах буолуутугар биир кэлим үлэни ыытар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2012 с. таһаарбыт ыам ыйынааҕы ыйаахтарын толорууга СӨ бырабыыталыстыбата биир бастакынан былаанын торумнаан үлэтин саҕалаабыта. Ол чэрчитинэн, хамнаһы үрдэтии түһүмэҕинэн баран, билигин бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин дохуота лаппа хаҥаата. Манна даҕатан Егор Борисов: “Социальнай ыйытык түмүгүнэн, билигин нэһилиэнньэ 70 % бэйэтин дохуотунан астынан олорор, ыйытыллыбыт дьонтон хас бэһис киһи дохуота үчүгэйин бигэргэппит”, — диэн этэр дакылаатыгар. Дакылааты ырытыы кэмигэр дьокутааттар бу сыыппара элбэҕи этэрин, бу этии кэтэҕэр үгүс үлэ оҥоһуллубутун бэлиэтээтилэр.

Ил Дархан олохтоох оҥорон таһаарыыга Анал этиитигэр ураты болҕомтону уурбута. Аҥаардас тыа хаһаайыстыбатыгар кэлиҥҥи сэттэ сылга уопсайа 70 млрд солк. көрүлүннэ. Ону таһынан иллэрээ сыл тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһааннаах сокуон тахсан, судаарыстыбаттан көрүллэр көмө көдьүүһэ биллэн, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, оҥорон таһаарыыбыт ахсаана эбилиннэ. Егор Борисов бу этиитигэр сыһыаран, судаарыстыбаттан көмөнү ылбыт хаһаайыстыбалары тэҥнээн көрдө. Көмө харчыны көдьүүстээхтик туһаныахха наадатын өссө төгүл санатан туран: “Судаарыстыбаннай көмө ситиһии 30 бырыһыана эрэ, 70 % киһи бэйэтэ үлэлээн-хамсаан ситиһиэхтээх. Үлэ күүһүн ханна-туохха түмэри өйдүөххэ, сыалы-соругу онно туһулуохха”, — диэн бэлиэтээн эттэ.

Оттон тыа сиригэр үлэ-хамнас туһунан этэригэр: “Тыа сиригэр киһи хайдах да үлэтэ уонна дьарыга суох буолуон сатаммат. Тоҕо диэтэргин, тыа сиригэр киһи хаһаайыстыбата суох буолбат. Олохтоох былаас хаһаайыстыбалаах дьону өйүүрэ улахан суолталаах”, — диэн бэлиэтээтэ.

Ил Дархан бу отчуотугар нэһилиэнньэҕэ ыытыллыбыт социальнай ыйытыктар түмүктэригэр олоҕуран, дьон-сэргэ ордук туох, ханнык боппуруостарга санаатын уурарын көрөн, ол эйгэлэри сырдатта. Ол курдук, дохуоттаах, дьарыктаах буолуу, тыа хаһаайыстыбата, тутуу, доруобуйа харыстабыла, тарыып, суол-иис, сибээс боппуруостарыгар санаатын эттэ.

Бырабыыталыстыба 2017 с. түмүгүнэн туруоруммут сыалын ситиспитин, былааннаах үлэтин тиһэҕэр тириэрдибитин бэлиэтээтэ. Бу туһунан сиһилии “Саха сирэ” хаһыат бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр (20-с №-гэр) ааҕыҥ.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0