2018 сылга диэри 100 ФАП тутуллуо

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2018 сылга диэри судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһиҥҥэ олоҕуран, 100 ФАП-у тутар туһунан дьаһалы 2014 с. ылыммыта.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, http://eddrsaas.ru

«2012-2016 сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн фельдшер-акушер пууннарын (ФАП) тутуу салҕанна. Бу бырагыраама чэрчитинэн, ФАП-тары тутууга 131 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах үп көрүллүбүтэ. Онон, 2012-2015 сылларга 20 ФАП үлэҕэ киллэриллибитэ.

2016 сылга төһө ФАП тутулунна?

2016 сылга Кэбээйи улууһугар Кальвица, Мэҥэ Хаҥаласка Томтор, Сунтаарга Аллаҥа, Уус Маайаҕа Күп, Чурапчыга Үрүҥ Күөл уонна Төлөй сэлиэнньэлэригэр тутулуннулар.

Ону сэргэ, доруобуйа харыстабылын 8 эбийиэгэ: Үөһээ Бүлүүгэ поликлиникалаах балыыһа комплекса, Дьокуускайга эмчиттэр олорор уопсай дьиэлэрэ үлэҕэ киирдилэр.

Дьааҥыга Баатаҕайга балыыһа комплексын, Намҥа Граф биэрэгэр, Тааттаҕа Чычымахха, Аллайыахаҕа Русскай Устьеҕа ФАП тутуулара салҕаналлар.

33 эмтиир тэрилтэ 43 эбийиэгэр олохтоох өрөмүөн ыытылынна, саҥа эмтиир тэриллэр атыылаһылыннылар.

Бу сыл соруктара:

Киин куоракка 130 куойкалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи перинатальнай киин тутуллуо. Киин бастакы сыбаайата 2014 с. ахсынньытыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэриллибитэ.

— «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр санитарнай авиацияны сайыннарыы» дьоһун суолталаах бырайыак олоххо киллэриллиэ.

— «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй көмө үрдүк технологиялаах көрүҥнэрин уонна эмтээһин инновационнай ньымаларын туһаныы дьаһалларын туһунан» уонна «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй хааччыйыы уонна көмө хаачыстыбаларын тупсарыы дьаһалларын туһунан» СӨ Ил Дарханын ыйаахтара олоххо киллэриллиэхтээхтэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0