20 тыһыынча ыал төлөбүрдэри туттулар

21.05.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 20 тыһыынча ыал 3-гэр диэри саастаах оҕолорго бэриллэр 5000 солкуобай суумалаах төлөбүрдэри ыллылар. Ыам ыйын 12 күнүгэр федеральнай бүддьүөттэн 222 мөлүйүөн солкуобай кэлэн, бу ыйдааҕы төлөбүрү номнуо түҥэппиттэрэ.

edersaas.ru

Урут маннык төлөбүрдэри Ийэ хапытаалын туһанар бырааптаах эрэ дьон ылар кыахтаахтара, ыам ыйын 11 күнүгэр Владимир Путин ити ирдэбили суох гыммыта. Ону тэҥэ, 3-15 саастаах оҕолорго 10 тыһыынча солкуобай төлөнөрүн туһунан эппитэ.

10 тыһыынча солкуобайы 2004 сыл ыам ыйын 11 күнүттэн 2017 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолоох ыаллар ылаллар. 16-17 саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ ылар бырааптара суох. Сайабылыанньаны төрөппүттэри тэҥэ, эппэкииннэр, попечителлэр биэриэхтэрин сөп. Ол эбэтэр, оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр эмиэ бэриллэр. Эппэкииннэр уонна попечителлэр “Госуслуги” портал нөҥүө сайабылыанньа биэрэр кыахтара суох. Биэнсийэ пуондатын салааларыгар эрдэттэн суруйтаран баран, тиийэн оҥорторор кыахтаахтар. Ыал арахсыбыт буоллаҕына, оҕолору илдьэ олорор төрөппүт ылар, — диэн Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов быһаарда.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0