20 ойуур баһаара бохсулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр суукка иһигэр аҕыс оройуоҥҥа 20 ойуур баһаара бохсулунна, икки саҥа баһаар баара бэлиэтэннэ, сэттэ баһаар бохсулунна. Бу туһунан Экология миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрэр.

10 765 га иэннээх ойуур баһаардарын Алдаҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Томпоҕо, Дьааҥыга, Нерюнгригэ, Орто Халымаҕа, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа умуруордулар. Өймөкөөҥҥө 19 га иэннээх сиргэ биир ландшафтнай баһаар умуруорулунна.

«Суукка саҕаланыыта 252 321 га иэннээх 63 ойуур баһаара баар. Былырыын баччаларга 2 мөлүйүөн га иэннээх 167 ойуур баһаара баара бэлиэтэммитэ», — диир Коноплев.

51 438 га иэннээх 13 ойуур баһаарын умуруорууга миэрэ ылыллар, онтон түөрдэ куһаҕан суоллаах-иистээх хонтуруолланар сиргэ баар. Айылҕа харыстабылыгар 1095 киһи, 101 тиэхиньикэ үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0