2 ойуур баһаарын умуллардылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 2 ойуур баһаарын умуллардылар. Ол курдук, Орто Халыма, Томпо улуустарыгар 249 га иэннээх сиргэ 2 ойуур баһаарын умуллардылар.

Аны Уус Маайа оройуонугар 46 га иэннээх сиргэ 1 ойуур баһаара күөдьүйбүтэ билиннэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 81 402 га иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаара умайар: Уус Маайаҕа – 5, Орто Халымаҕа – 2, Өймөкөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Аллараа Халымаҕа – 1.

Уус Маайаҕа уонна Өлүөхүмэҕэ 62 805 га иэннээх сиргэ 3 ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар. Умуруорууга барыта 656 киһи, ол иһигэр 543 киһи – парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспаттан, 102 киһи – ойуур баһаарын умуорар сулууспаттан, 11 киһи – олохтоох нэһилиэнньэттэн баҕа өттүлэринэн тылламмыт дьон, 8 тиэхиникэ үлэлииллэр.

Былырыын атырдьах ыйын 17 күнүгэр  4,4 мөлүйүөн га иэннээх сиргэ 139 ойуур баһаара күүдэпчилэнэр этэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат”, edersaas.ru

Хаартыска: ЯкутияИнфо.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0