2%-наах ипотеканы биэрэн саҕалаатылар

25.12.2019
Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата Уһук Илин эрэги­йиэнигэр 2%-наах ипотеканы үлэлэтэр сокуону олоххо киллэрдэ. Ону ахсынньы 7 күнүнээҕи 1609 №-дээх уурааҕа туоһулуур.

edersaas.ru

Ипотеканы ылыы усулуобуйалара чопчуланнылар. Арассыыйа ханнык баҕарар гражданина ирдэбилгэ эппиэттиир буоллаҕына, ылыан сөп, ол эрээри дьиэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр баар буолуохтаах. Манна биир боппуруос күөрэйэн тахсар: дойду киин өттүгэр олорор дьон чэпчэки бырыһыаннаах ипотеканан кыбартыыра ылан баран, бэйэлэрэ олорбокко, куортамнаан харчы өлөрөр сыаллаах буолуохтарын сөп.

Дьиҥинэн, бу бырагыраама сүрүн сыала – Уһук Илиҥҥэ дьону олохсутан хаалларыы, нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтии. Кистэл буолбатах, ордук ыччат дьон киин сирдэргэ талаһаллар, көһөн барыы да элбэх. Онон бу бырагыраама сүрүннээн ыччаты олохсутарга, дьиэлииргэ, эдэр үлэһиттэри ыҥыран аҕаларга туһуланар, ону тэҥэ, тутааччылары эмиэ көҕүлүүр сыаллаах.

Онон, кэлин биир сүрүн ирдэбил киирэн биэрдэ: эдэр ыаллар бу ылбыт кыбартыыраларыгар 9 ый иһинэн бырапыыскаланыахтаахтар уонна 5 сылы быһа атын сиргэ көһүө суохтаахтар.

Эдэр ыаллар кирэдьиит ылалларыгар бу атыылаһар кыбартыыраларын, эбэтэр саҥа дьиэ туттар буоллахтарына, атын дьиэни солуок быһыытынан биэриэхтээхтэр.

НаДальнийВосток.Рф саайт суруйарынан, аан бастаан са­­йаапкалары «Банк ДОМ.РФ» уонна Азиатскай-Тихоокеанскай баан ылан эрэллэр.  Сайаапканы бааҥҥа тиийэн, эбэтэр, domrfbank.ru уонна www.atb.su. саайтарга биэ­риэххэ сөп. Билиҥҥитэ 1 миллиард  солкуобай суумалаах кирэдьиити номнуо биэрдилэр (Арассыыйа үрдүнэн). Атын бааннар (Сбербаан, ВТБ, Газпромбаан, Россельхозбаан, уо.д.а.) биир ый иһинэн чэпчэки бырыһыаннаах кирэдьииттэри биэрэн барыахтара.

Уһук Илиҥҥэ Киһи хапытаалын сайыннарар ааҕыныстыба дьоҥҥо иһитиннэрэр-биллэрэр уонна тэрийэр үлэни көҕүлүүр.

Ыччаты олохсутуу

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кирэдьиит болдьоҕун устата сыллааҕыта 2 бырыһыан­наах ипотека ыччакка саамай сытыы кыһалҕаны – дьиэ-уот боппуруоһун быһаарар аналлаах диэн бэлиэтээтэ: “Уһук Илиҥҥэ сыллааҕыта 2%-наах ипотека Уһук Илиҥҥэ эрэгийиэҥҥэ эдэр испи­сэлиистэри уонна олохтоох ыччаты олохсутар кыаҕы биэриэҕэ”.

Бырагырааманан уопсайа 450 миллиард солкуобай суумалаах кирэдьиити биэрии олохтонно, ол эбэтэр 147 тыһыынча кирэдьиити.

450 миллиард солкуобай — үбүлээһин суумата.

5 сыл — бырагыраама болдьоҕо.

Кирэдьиити биэрии усулуобуйалара

Кимнээх ылар бырааптаахтарый?

  • 36 саастарын туола илик эдэр кэргэн­ниилэр. Оҕолоохторо, оҕолоро суоҕа оруола суох.
  • Толорута суох дьиэ кэргэн (оҕо уонна 36-тын туола илик төрөппүт).
  • “Уһук Илин гектарын” хаһаайына (сааһыттан, дьиэ кэргэниттэн тутулуга суох). Дьиэни ылбыт гектарыгар эрэ туттара көҥүллэнэр.

Хайдах дьиэни ылыахха сөбүй?

  • Тутулла турар, эбэтэр саҥа тутуллан бүппүт дьиэни тэрилтэттэн (юридическэй сирэйтэн) эрэ ылар көҥүллэнэр.
  • Тыа сиригэр эрэ урут тутуллубут дьиэни чааһынай дьонтон атыылаһыахха сөп. Саҥаттан туттуохха эмиэ сөп.
  • Сир учаастагын атыылаһыахха уонна онно дьиэ туттуохха сөп (“ИЖС”).
  • “Уһук Илин гектарын” учаастагар дьиэ туттуохха сөп (“ИЖС” уонна хаһаайыстыба тэринэргэ “ЛПХ” көрүҥнэринэн).

Болдьоҕо – 20 сылга диэри.

Муҥутуур суумата – 6 мөлүйүөн солкуобайга диэри.

Бастакы усунуос — 20%.

Бырагыраама үлэлиир болдьоҕо – 5 сыл (кэлин, баҕар, уһатыахтара).

Кирэдьиит төлөнөн бүтүөр диэри 2%-наах буолар.

Олоҕу страховкалыыртан аккаастаннахха, баан ыстаапканы 1%-нан үрдэтиэн сөп.

Ипотека кирэдьиитэ 2019 сыл ахсынньы 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри ылыллыбыт буолуохтаах.

Урут ылыллыбыт ипотека кирэдьиитин бырыһыана хос ааҕыллара (рефинансирование) көҥүллэммэт.

Киһи маннык кирэдьиитинэн олоҕор биирдэ эрэ туһанар.

Үбүлээһин Уһук Илини сайыннарыы пуондатын нөҥүө барар. Ол кэнниттэн эрэгийиэннээҕи ипотечнай ааҕыныстыбаларга түһэр. Салгыы бааннар үлэлэһэллэр. Ирдэниллэр докумуоннар испииһэктэрин баан олохтуур.

Дьон санаата

Наталья Николаева, биэнсийэлээх:

— Мин оҕолорум хапсалларыттан үөрэ аҕай сылдьабын. Хайдах дьиэлиибин диэн толкуйга түһэ сылдьар кэмим этэ. Биир оҕолоохтор, уолум үлэлиир, өссө оҕо кэтэһэллэр. Онон иккис оҕолоро төрөөтөҕүнэ, Ийэ хапытаалын бастакы усунуос гынан, бырагыраамаҕа киирсэргэ былааннаналлар. Кыра уурунуулаахпыт. Оҕолоро кыраларыгар кирэдьиити төлөһөргө көмөлөһүөхпүт буоллаҕа. Кэнники кэмҥэ оҕолонор ыалларга судаарыстыба өттүттэн көмө оҥоһулларыттан үөрэбин, саатар оҕолорбут туһаныахтара буоллаҕа. Биһиги саҕана туох да көмө суох этэ, быыкаайык босуобуйа сыыһын эрэ ыларбыт.

Елизавета Эверстова, юрист:

— Бырагыраама усулуобуйатынан, эдэр ыал 36 саастарын туола илик, эбэтэр соҕотох төрөппүт 36 сааһын туола илик уонна оҕолоро 18-с саастарын туола илик буоллахтарына бэриллэр. Бу бырагыраама үчүгэйэ диэн, куоракка олорор эдэр ыалларга саҥа эбэтэр тутулла турар дьиэҕэ дьиэ ыларга көмө буолар. Ону тэҥэ, тыа сирин эдэр ыаллара эрдэ тутуллубут (“вторичнай” ырыынакка) дьиэни ылыахтарын сөп.

Ипотека ылыан баҕалаах ыаллар 20% бастакы усунуостаах буолуохтаахтар. Маны эдэр ыаллар ыарырҕатыахтарын сөп буолан баран, икки оҕолоох ыаллар Ийэ хапытаалын туһаныахтарын сөп. Бастакы усунуос эдэр ыалга суох буолуон сөп, ол иһин уурунуулаах дьон, эбэтэр төрөппүттэрэ, аймахтара, ким эмит көмөлөстөҕүнэ эрэ, бырагыраамаҕа кыттар кыахтаахтар. Бастакы усунуоһа суох кыттыахха сөп эбитэ буоллар, быдан элбэх ыал бырагыраамаҕа киириэ этэ дии саныыбын.

Бырабыыталыстыба уурааҕынан, эрдэ судаарыстыбаннай көмөнөн туһаммыт ыаллар 2%-наах ипокекаҕа сатаан ­киирсибэттэр. Урукку кирэ­дьииттэрин историята куһаҕан, эбэтэр 2-3 ипотеканы тэҥинэн төлүүр түгэннэригэр уонна
5-8 %-наах ипотеканан дьиэ ылбыт ыал эмиэ сатаан киирсибэт. ­Саатар хос аахтарыы (рефинансирование) суох, ол аата эдэр ыал, холобур, былырыын
9%-наах ипотеканы ылбыт ­буоллахтарына, 9%-тан 2%-ҥа диэри кыччаппаттар. Ол иһин эрдэ ипотека ылбыт эдэр ыалларга табыгаһа суох.  Аны туран, 2%-наах ипотеканы олоххо биирдэ эрэ туһаныахха сөп.

Ол гынан баран, бу бырагыраама саҥа холбоспут эдэр ыалларга олус туһалаах, судаарыстыбаттан төһүү көмө буолар. Олохсуйалларыгар, кирэдьиити төлүүр курдук үлэлээх-хам­настаах, куортамҥа көһө сылдьыбакка, олорор дьиэлээх-уоттаах буолалларыгар көмөлөөх.

Мин доҕотторум бу бырагырааманы олус интэриэһиргээтилэр. 2% ипотеканан дьиэ ылыахтарын баҕараллар. Сотору кэминэн киирсиэхпит. 

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0