«Эдэр ыалга 2% бырыһыаннаах ипотека бэриллэн, Дьокуускайга саҥа тутуллубут дьиэлэргэ кыбартыыра бүттэ, бүтүн подъеһы биир күн иһигэр атыылаһаллар. Биэс мөлүйүөнү ыллахтарына, 900 000 солкуобайы эбии төлүүллэр. Онон дьон 2-3 хостоох кыбартыыраны хамаҕатык ылар”, — диэн риэлтордар кэпсииллэр.
edersaas.ru
Оттон Уһук Илин Приморьеҕа чэпчэтиилээх ипотекаҕа олус элбэх сайаапка киирэн, дьиэ сыаната ыараабыт. Ол туһунан Уһук Илин дойду бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрбит.
Бу боппуруоһу быһаарарга Владивостокка чэпчэки сыаналаах дьиэ тутарга саҥа оройуоннары тутуу хампаанньаларыгар биэрэргэ этии киллэрбит кини. Ол туһунан РБК суруйар https://www.rbc.ru/rbcfreenews/5e32686a9a79471478f692d8?utm_source=yxnews&utm_medium=desktop&utm_referrer=https%3A%2F%2Fyandex.ru%2Fnews .
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1