Чугастыы Арассыыйа дьонуттан ааттаталаатахха Григорий Лепс иконалары, Надежда Бабкина куукулалары, Николай Басков чаһыны кэллиэксийэлииллэрин истэбит. Бүгүн билиһиннэрэр дьоруойбут Татьяна Павлова харыйа оонньуурдарын мунньар.
Саҥа сыл тиэмэтигэр чугас буолаарай диэн бүгүн ааҕааччыларбытын Нам улууһун олохтооҕо Татьяна Дмитриевна Павлованы кытта билиһиннэрэбит. Киинэ мэхээньиктэрин идэтигэр үөрэниэҕиттэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри идэтинэн үлэлээбит. Кулууп үлэтигэр, култуураҕа сыстаҕас киһи быһыытынан, оҕолорун кэллиэксийэ эйгэтигэр сыһыара таарыйа маҥнай значоктары мунньан саҕалаабыт.
Кэллиэксийэ арааһыттан
— Оҕолорбун кэллиэксиэйэҕэ сыһыара таарыйа значоктары муспутум. Биир кэмҥэ тохтуу сылдьан баран, кэлин хаттаан ылсыбытым. Оҕо-оҕо курдук доҕотторугар бэлэхтээн, мэнэйдэһэн көҕүрэппиттэрэ да элбэх этэ. Салгыы туох көстөрүнэн, сороҕор атыылаһан хаҥатынабын. Билигин значоктар сүрүннээн хомсомуол, пионер, Саха сирэ, космонавтика тиэмэлэригэр бааллар.
Аҕам булчут этэ. Онон тыаҕа кыраһыын лаампаны туһанара. Аҕабыттан хаалбыт лаампалары ыраастаан, сууйан-сотон илдьэ сылдьабын, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.
Ону таһынан, сэбиэскэй кэмнээҕи кырааматалары, дипломнары, былыргы иһити, маллары, араас сыллардааҕы манньыаттары сэҥээрэр. Онон тиэмэлэринэн наардаталаан, кэллиэксийэтэ эгэлгэ.
“Оҕом саастыы сулус“
Онтон харыйа оонньуурун мунньуута хайдах саҕаламмытын ыйыласпыппар бу курдук сэһэргээтэ: “Маҥнай уруккуттан илдьэ сылдьар харыйа оонньуурдарбар олоҕуран, оонньуурдары хомуйан барбытым. 1940-с сыллардааҕы оонньуурдартан саҕалаан бааллар. Билигин балачча хаҥаата. Тус-туспа тиэмэлэринэн уурталыыбын.
Кэллэксэньиэрдэр тэрээһиннэриттэн балачча суумаҕа 1940 сыллаах биэрэс оонньууру атыыласпытым. 1950-с сыллардааҕы оонньуурдартан куобахчааннары, хотойу, “Чиполлино” нобуоруттан Виноградник Маастарын бэлиэтиэхпин сөп. 1952 сыллааҕы сэбиэскэй сулус, 1956 сыллааҕы Маленький Мук баар. 1960-с сыллардааҕы обургу чаһылаахпын. Ити кэмнээҕи оонньуурдар бары ытыртаран туттарыллаллар (прищепка).
Сүрүннээн миэхэ 1960-1970-с сыллардааҕы оонньуур дэлэй. Юрий Гагарин космоска көппүт, “Чебурашка” ойуу киинэ тахсыбыт кэмнэригэр маныаха, уо.д.а. ханыылыы тиэмэҕэ оонньуурдары оҥортуур буола сылдьыбыттара.
Балартан биллэн турар, оҕом сааһын тэҥэ саастаах чаһы уонна төрөөбүтүн кэннэ аан бастакы харыйатыгар анаан ылбыт уотунан үлэлиир, сэбиэскэй сулус, эмиэ харыйа төбөтүгэр иилиллэр таас оонньуур (макушка) буолар. Оҕом саҥа хаама сылдьан ньуосканан үлтүрүтэлээн сорохторун алдьаталаабыта. Баататтан оҥоһуллубут Хаарчаана оонньуур эмиэ сылдьыбыта быданнаата”, — диэн кэллиэксийэтиттэн кэпсиир.
Оонньуурдары таһынан, Татьяна Дмитриевна бэйэтэ сабаҕалыырынан, 1960-с сыллардааҕы чап-чараас, мап-маҥан былыргы гирлянданы уура сылдьар эбит. Бу, оччотооҕу кумааҕы киэргэл төһө да саһарбытын иһин, ааспыт кэми санатар, бастакы гирляндалартан биирдэстэрэ буолан, Саҥа сыллааҕы (дьыллааҕы) кэллиэксийэтин биллэ байытар.
Оҕолорум, сиэннэрим салгыахтара
Кэллиэксийэлээһин – бэйэтэ туспа умсугутуулаах дьарык. Сорох дьон ый ахсын хамнастарын 20-30 бырыһыанын кэллиэксийэлэрин хаҥатарга ыыталларын билэр, истэр буолан бүгүҥҥү сэһэргэһээччибиттэн сэмээр ыйыталаһабын. Онуоха: “Биирдэ куоракка кэллэксэньиэрдэр түмсүүлэригэр сылдьан сэҥээрбит оонньуурдарбын, малбын атыыласпытым. Бэйэм араас быыстапкаларга сылдьан көрөбүн, ылаттыыбын”, — диэн кэпсиир.
Дьолго, Татьяна Дмитриевна сиэннэрэ кэллиэксийэҕэ сыстаҕастар эбит. Туох эмэ сонуну буллахтарына эбэлэрин үөрдээри бэлэхтииллэр, оонньуурдар хас сыллаахтарын, ханна оҥоһуллубуттарын интэриэһиргииллэр эбит. Ким, тугу салгыы мунньуохтааҕын анаталаабыт. Онон туох көстөрүнэн сыыйа-баайа тэҥҥэ хаҥатыһаллар.
Илиинэн оҥоһуктар
Татьяна Дмитриевна аҕа саастаах көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ буоларын быһыытынан, оҕо эрдэҕинэ харыйа таас оонньуурдарыгар эбии илиинэн оҥороллорун истиҥник ахтар. “Алын кылааска үөрэнэр эрдэхпинэ баатаны килиэйдээн куобах, эһэ, араас көтөрдөрү, хаары, кумааҕынан кырыйан хаар, сыапачыка оҥорон иилиллэрэ, тэтэрээт лииһиттэн араас өҥнөөх былаахтары кырыйаллара. 1960-1970-с сылларга кулуубка эмиэ оннук хаардары оҥорорбут”, — диэн ахтар.
Оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ тастыҥ убайдара Баһылай харыйа туруорарын өйдүүр. Айылҕаттан уруһуйдуур талааннааҕын, бурдугунан силим оҥорон кумааҕыттан кыыл-сүөл оонньуурдары килиэйдиирин кэпсиир. Хайгыалаах учаастагар оччолорго оҕо аҕыйах буолан маарыланан хаар кырыйарын, олору үҥкүүлэтэ оонньотолуурун ахтар. “Баҕар, кыра эрдэхпинэ убайым харыйа оонньуурдарын оҥорорун көрөн кэлин кэрэхсээн, кэллиэксийэлиирбэр олук уурбута буолуо”, — диэн сабаҕалыыр.
Оскуола иннинэ Саҥа сылынан бэлэх эҥин диэн өйдөбүл букатын суоҕун этэр. Арай, оскуолаҕа киирбиттэрин кэннэ хаһыакка сууламмыт лампысыай кэмпиэт, бирээнньик бэлэхтэри биэрэллэрин истиҥник ахтар.
Саха сирин кэллэксэньиэрдэрин ахсаана сыллата хаҥаан иһэр. Ким тугу мунньара бэйэтин баҕата. Маныаха Саҥа дьыллааҕы тиэмэ хас биирдии киһиэхэ чугас, истиҥ, сылаас өйдөбүлү угуттуур. Аҕа саастаах дьон сылайдыбыт, кырыйдыбыт диэн олорунан кэбиспэккэ, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсаллара, ураты интэриэстээхтэрэ, урукку олох тыынын эдэрдэргэ тиэрдэллэрэ өссө кэрэхсэбиллээх.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru