РСФСР иһинэн аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ тэриллиэҕиттэн Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын, экэниэмикэтин сайдыыта киэҥ далааһыннаахтык үрдүк таһымҥа тахсыбыта, саха омук ахсаана биллэрдик элбээбитэ, култуурабыт чөлүгэр түһэн, үүнүү-сайдыы суолугар үктэммитэ. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Саха сиригэр тэҥнээтэххэ, уопсастыба сайдыытыгар инникигэ улахан хардыы оҥоһуллубута.
Саха сирэ аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ быһыытынан тэриллибит кэмиттэн уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна олох-дьаһах, экэниэмикэ сайдыытыгар историяҕа суруллар үлүскэн суолталаах кэм ааста. Аптаныамыйа Саха сиригэр судаарыстыбаннас институттарын тэрийэргэ уонна бөҕөргөтөргө, түҥ былыргы хаһаайыстыбаны, олоҕу-дьаһаҕы тосту уларытан, бырамыысыланнаһы тэрийии уонна тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннарыы суолугар эрэллээхтик хардыылыырга, үөрэҕи уонна науканы, култуураны уонна ускуустубаны үрдүк таһымҥа таһааран, бүтүн Арассыыйа уонна аан дойду бастыҥнарын кэккэтигэр киллэрэргэ кыаҕы биэрбитэ.
Саха сирин судаарыстыбаннаһын үөскээһинэ
Бу иннинээҕи ыстатыйаҕа XX үйэ саҕатыгар Саха сирин историятын олоччу уларыппыт бэлиэ түгэннэри: аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэни тэрийэр иһин охсуһууну уонна национальнай аптаныамыйаны туруорсааччылар өрөгөйдөөх кыайыыларын туһунан кылгастык билиһиннэрбиппит. 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин Ситэриилээх кэмитиэт (ВЦИК) Саха Аптаныамыйалаах Социалистическай Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан Дэкириэтэ ол кыайыы сокуонунан олохтоммут туоһута буолбута. Ол дэкириэтинэн Саха сирин бэйэтэ омуктаах, сирдээх-уоттаах аптаныамыйалаах тэриллии быһыытынан анал туруга судаарыстыба-быраап өттүнэн бигэргэтиллибитэ.
Онно саха норуотун эдэр бассабыык уолаттара: М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, С.М. Аржаков, И.Н. Барахов Саха сирин аҥаардас аптаныамыйалаах уобалас эрэ быһыытынан буолбакка, аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ быһыытынан тэрийэри ситиспиттэрин өссө төгүл чорботон бэлиэтиэх тустаахпыт.
Саха сирэ аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ анал туругун ылар кэмигэр – 1922 сыллаахха, Сэбиэскэй Арассыыйаҕа аптаныамыйа үс көрүҥэ баар буола сылдьыбыта. Ол курдук, бастакынан – аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ; иккиһинэн – 1918 сыл бүтүүтэ аптаныамыйалаах үлэһит коммуналара тэриллибиттэрэ; үсүһүнэн – 1920 сылтан саҕалаан аптаныамыйа өссө биир көрүҥэ – аптаныамыйалаах уобалас киэҥник туттуллар буолбута.
Аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ аптаныамыйа үрдүкү көрүҥэ буолар. Оннук өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ туспа судаарыстыбаннастаах, ол эбэтэр: судаарыстыбаннай тутуллаах, конституциялаах эбэтэр конституция суолталаах сокуоннаах. Оттон үлэһит коммуналарыгар уонна аптаныамыйалаах уобаластарга судаарыстыбаннастара суох.
Аптаныамыйалаах уобаласка, үлэһит коммунатыгар (1923 с. суох буолбуттара) уонна кэлин үөскээбит национальнай уокурукка (аптаныамыйа кэнниттэн) холоотоххо, аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ тэриллэрин ситиһии оччотооҕу РСФСР кэмигэр омуктаах, сирдээх-уоттаах тэриллиигэ судаарыстыба биэриэн сөптөөх кыаҕын муҥутуур чыпчаала буоларын бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Аптаныамыйалаах уобалас бырааба аҕыйах, оттон национальнай уокурук сүнньүнэн дьаһалталаах оройуонтан туох да улахан уратыта суох.
1925 сыллааҕы Конституциянан Саха АССР РСФСР арахсыспат сорҕотунан бигэргэтиллибитэ. Былаас үрдүкү уорганынан Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр сийиэстэрэ биллэриллибитэ. Сэбиэттэр сийиэстэрин быыһынааҕы кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүкү былааһынан Саха сиринээҕи Киин Ситэриилээх кэмитиэт (ЯЦИК) – Саха АССР сокуон оҥорор, дьаһайар уонна хонтуруоллуур үрдүкү уоргана буолбута.
РСФСР тэриллибитин бастакы сылларыгар аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ бырааба олус киэҥ этэ. Аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ конституциялаах, парламеннаах уонна гражданстволаах буолара. 1938 сылга диэри аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ амнистияны олохтуур уонна гражданство биэрэр бырааптана сылдьыбыта. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тутулун оҥоруу уонна ис тутулун тэрийии эмиэ арааһа үгүс этэ.
РСФСР 1925 сыллааҕы Конституциятынан аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ, киниэхэ бэриллибит быраабын иһинэн, бэйэтин сүрүн сокуонун (конституциятын) уонна сокуон суолталаах аакталарын ылынар бырааптаммыта. Ону тэҥэ, аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ кини судаарыстыбаннай тутулун быһыытын уонна боломуочуйата тарҕанар кыраныыссатын уопсай барылын быһаарар конституциятын Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин Ситэриилээх кэмитиэт уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы Сэбиэттэр сийиэстэрэ бигэргэтиэхтээхтэрэ.
Кэлин, сэбиэскэй былаас кэмигэр, ССРС (1936 с. уонна 1977 с.) уонна РСФСР (1937 с. уонна 1978 с.) конституцияларынан аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэҕэ РСФСР былааһын үрдүкү уоргана бигэргэппит Конституциятын итиэннэ бэйэтин сокуонун ылынарга быраабы биэрии салгыы туттуллубута.
ССРС 1977 сыллааҕы Конституциятыгар олоҕуран, аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сиригэр-уотугар экэниэмикэ уонна олох-дьаһах кэлимник сайдарын хааччыйара, сиригэр-уотугар ССРС уонна сойуус өрөспүүбүлүкэлэрин судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү уорганнарын уонна салалталарын боломуочуйаларын олохтуурга уонна быһаарыыларын толорорго көмөлөһөрө.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи кэмҥэ Саха сирин уобалаһын экэниэмикэтэ
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Саха сирин уобалаһа Россия империятын биир саамай хаалыылаах, уһук сытар дойдута этэ, сүрүннээн сүөһүнү, дьиэ табатын иитиинэн, түүлээҕи бултааһынынан уонна балыктааһынынан дьарыктаналлара. Сири оҥоруу таһыма мөлтөх этэ. Тыа хаһаайыстыбата диэн сүөһүнү иитии уонна бултааһын буолара.
1897 с. ыытыллыбыт Арассыыйа нэһилиэнньэтин бастакы биэрэпиһин чахчыларынан саха ахсаана 225,4 тыһ., оттон 1917 с. биэрэпис чахчыларынан 226,9 тыһ. киһи этэ. 20 сыл устатыгар саха омук ахсаана 1,5 тыһ. эрэ киһинэн элбээбит. 1914 с. туругунан Саха сиригэр баара-суоҕа 75 куойкалаах 10 быраас учаастага баара. Нэһилиэнньэ 90% ханнык да быраас көмөтүнэн туһаммат этэ. Доруобуйа харыстабылын тиһигэ суоҕун кэриэтэ этэ, ол быһыытынан киһи олоҕун уопсай уһуна кылгаһа, оҕо уонна дьахтар өлүүтэ олус элбэх этэ.
1897 с. нэһилиэнньэ 96% тыа сиригэр олорор этэ. 1917 с. хаһаайыстыбаларга барытыгар кэриэтэ ханнык да тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтэ суоҕа. Сири оҥоруунан сорох улууска эрэ дьарыктаналлара, ону даҕаны илии хара үлэтинэн эрэ оҥороллор этэ. Саха сирин үрдүнэн 74 сиэйэлкэ, 42 от охсор, 108 бурдук быһар массыына, 71 бурдук сынньар массыына, 345 веялка баара.
Бырамыысыланнас кустарнай уонна кустарнай аҥаардаах бытархай тэрилтэлэртэн турара. 1910 с. 97 кустарнай тэрилтэ баара, ол иһигэр 12 паровой уонна 65 атынан бурдук сынньар, 9 маһы таҥастыыр мастарыскыай, пиибэ буһарар, мыыла буһарар уонна үс тириини таҥастыыр собуот. Саха сирин үрдүнэн Дьокуускай к. эрэ биир 180 кВт кыра кыамталаах уот ыстаансыйата үлэлиирэ. Сиртэн хостонор баайы эмиэ илиинэн хостууллар этэ: тууһу Кэмпэндээйигэ уонна Пеледуйга, кыһыл көмүһү Алдаҥҥа уонна Бүлүүгэ, сибиньиэһи уонна үрүҥ көмүһү Үөһээ Дьааҥыга уонна таас чоҕу Хаҥаласка.
Телефоннай ыстаансыйа, 1932 с.
Саха АССР экэниэмикэтин сайдыыта
1928 с. саҕалаан ССРС судаарыстыба экэниэмикэтин тэтимнээхтик сайыннарар сыалтан биэс сыллаах былаан ылыллыбыта. Сайдыы биэс сыллаах былааныгар көһүү, бастатан туран, ыарахан бырамыысыланнас хаалан иһэрин быһыытынан дойдуну сайыннарар кыһалҕаттан киирбитэ. Сэбиэскэй Сойуус аграрнай тииптээх дойдуттан индустриальнай судаарыстыбаҕа кубулуйуохтааҕа. Куораттарга бырамыысыланнас сайдыытын атахтыыр биир сүрүн төрүөтүнэн ас-үөл кырыымчыга буолбута, бытархай бааһынай хаһаайыстыбалар куораты аһынан-үөлүнэн толору хааччыйар кыахтара суоҕа. Ити кыһалҕаны дэриэбинэҕэ уонна куоракка баайы-дуолу былааннаан тэҥинэн үллэрэн быһаарыахха сөбө, ол социализм кэнсиэпсийэтигэр сөп түбэһэр этэ. Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатын улахан аҥаарыгар коллективизация ыытыллыбыта.
Бастакы пятилеткалар бырамыысыланнас сайдыытыгар анаммыттара, онтон кэлээччилэр атын салааларга туһаайыллыахтаахтара. ССРС историятыгар барыта 13 биэс сыллаах былаан үлэлээбитэ.
Сэрии иннинээҕи пятилетка сылларыгар Саха сиригэр модун уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна олоххо-дьаһахха уларыйыылар киирбиттэрэ.
1940 с. бырамыысыланнас бородууксуйатын уопсай кээмэйэ 1922 с. таһымы 40 төгүл куоһарбыта.
Сири бас билии аактатын туттарыы, 1936 с.
Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар
1941-1945 сс. саха дьоно дойдуларын көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр түмсүүлээх дьиэ кэргэн курдук кыттыбыттара.
Сэрии саҕаланарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 415 тыһ. кэриҥэ киһи олорор этэ. Фроҥҥа 63 тыһ. саха барбыта – сааны-саадаҕы тутар кыахтаах улахан эр киһи барыта кэриэтэ. Биир дойдулаахтарбыт бары фроҥҥа барытыгар сэриилэспиттэрэ, үгүстэрэ хорсун санаа уонна геройдуу быһыы холобурунан буолбуттара. Фроҥҥа барбыт дьонтон 40 тыһ. кэриҥэ киһи дьиэтигэр эргиллибэтэҕэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар хорсун быһыыларын уонна бойобуой дьайыыларын иһин 25 саха Сэбиэскэй Сойуус уонна Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун аатын ылбыта, 5 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун анал аатыгар тэҥнэһэр Албан аат уордьан толору кавалерынан буолбута. 10 тыһ. тахса киһи сэриигэ хоодуот быһыыларын иһин уордьанынан уонна мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.
Саха сирэ сэрии сылларыгар дойдуну кыһыл көмүһүнэн, хорҕолдьунунан, сүлүүдэнэн уонна да атын сиртэн хостонор туһалаах баайынан, күндү түүлээҕинэн, балыгынан хааччыйбыта. Фроҥҥа 40 тыһ. туонна балык ыытыллыбыта, Сойуус үрдүнэн таҥастаммыт күндү түүлээх 20% Саха сиригэр оҥоһуллубута. Оборуона пуондатыгар нэһилиэнньэ 150 мөл. солкуобай кэриҥэ суумалаах көҥүл өттүнэн сиэртибэлээһини уонна судаарыстыбаннай сойуом облигациятын хомуйбута, ол үбүнэн икки тааҥка холуонната («Советская Якутия», «Алданский горняк») уонна бойобуой сөмөлүөт үс эскадрильята («Комсомолец Джугджура», «Советский полярник», «Медицинский работник») тутуллан армияҕа ыытыллыбыта. Сэрии ыар сылларыгар Саха сирин үлэһиттэрэ сылаас таҥастаах уонна бэлэхтээх тыһыынчанан баһыылканы ыыппыттара.
Кыайыы киһи ааҕан сиппэт сиэртибэлэммитэ, мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун бэрик гына ылбыта, биһиги аҕаларбыт уонна эһээлэрбит Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурбуттара. Бу сэрии уонна сэрии туһунан өйдөбүл Саха сирин элбэх омуктаах норуотун уопсай историятын быстыспат сорҕото буолар.
Сэрии кэнниттэн Саха сиригэр 50-с сылларга алмаастаах сири арыйыы бырамыысыланнас тэтимнээхтик сайдарыгар төһүү күүс буолбута. Мииринэй оройуонугар ыытыллыбыт геологическай чинчийии түмүгэр 1954 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр «Зарница» кимберлит туруупкатыгар Сэбиэскэй Сойууска бастакы алмаас көстүбүтэ. Алмааһы хостуур бырамыысыланнаһы тэрийэргэ Сэбиэскэй Сойуус бары өрөспүүбүлүкэлэрэ күргүөмүнэн кыттыбыттара. Алмааһы хостооһун өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин тутаах салаатынан буолбута уонна күн бүгүнүгэр диэри Саха сирин бүддьүөтүн дохуотун сүрүн төрүтүнэн буолар. Саха сиригэр Мирнэй, Айхал, Удачнай курдук саҥа куораттар үөскээбиттэрэ.
Алмааһы хостооһун энергетическэй тирэҕин чыпчаалынан ирбэт тоҥ үрдүгэр тутуллубут аан дойдуга соҕотох уунан барар уот ыстаансыйата буолбута – 1954-1964 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ биир бөдөҥ тутуунан буолбут Бүлүүтээҕи ГЭС.
Өрөспүүбүлүкэ олох-дьаһах уонна экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар биир бэлиэ миэстэни Нерюнгритааҕы таас чохтоох сири арыйыы ылар. 1975 сылтан Соҕуруулуу-Саха сирин сирдээҕи-уоттааҕы оҥорон таһаарар холбоһугу тэрийии саҕаламмыта. Манна Нерюнгри куорат тэриллибитэ. Чох хостонуоҕуттан Саха сирин соҕуруу өттүгэр тимир суола – Амур-Саха сирэ магистраль баар буолбута. Тимир суол билигин Өлүөнэ өрүс уҥа кытылынан Аллараа Бэстээххэ кэлэн турар.
Чоҕу, гааһы хостооһун уонна электроэнергетика хайысхалара тэтимнээхтик сайдан барбыттара. 1986 сыллаахха электрическэй эниэргийэни оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ 6835,7 мөл.
кВт ч буолбута, чоҕу хостооһун – 15,8 мөл. туонна, гааһы хостооһун – 1148 мөл. куб. м.
Ону тэҥэ тутуу матырыйаалын оҥорор таһаарар бырамыысыланнас күүскэ сайдыбыта. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ керамзиты, дьиэ эркинигэр аналлаах матырыйааллары, тимир-бетон оҥоһуктары уонна дэтээллэри, итиэннэ тутууга сыһыаннаах атын матырыйааллары оҥорон таһаарар кыахтаммыта.
САССР тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы
Өрөспүүбүлүкэ аптаныамыйаны ылыныаҕыттан тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын төрдүттэн уларыппыт тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар улахан уларыйыылар буолуталаабыттара. 1924–1928 сылларга сир саҥалыы үллэһиллибитэ, онтон 1929 сыллаахха сир реформата ыытыллан, ол түмүгэр тыһыынчанан ахсааннаах дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалар баар буолбуттара. Дойду салалтата дьоҕус хаһаайыстыбалар түргэнник сайдар уонна нэһилиэнньэ күннэтэ улаатар наадыйыытын толуйар кыахтара суоҕун учуоттаан туран, сири оҥорууну тэтимнээхтик сайыннарар туһуттан, 1931–1937 сылларга тыа хаһаайыстыбатын маассабай холбоһуктааһыны тэнитэр. Бу быһаарыныы ас-үөл кыһалҕатын быһаарыахтааҕа, чуолаан, килиэп тиийбэт буолуутун, итиэннэ туорахтаах культураҕа уонна кыылы-сүөлү иитиигэ баар кыһалҕалары суох оҥоруохтааҕа.
Ол курдук, 1940 сылга диэри 932 холкуос баар буолбута. Массыына-тыраахтар ыстаансыйатын тиһигин тэнитии оҥоһуллан, ыһыы сирин иэнэ кэҥээбитэ, сири таҥастааһын култуурата үрдээбитэ, тыа хаһаайыстыбатын техническэй базатын тэрийии бастакы олуга ууруллубута.
1960–1970 сылларга холкуостар уларыйан сопхуостарга кубулуйбуттара. Сопхуостар сыыйа-баайы холкуос-кэпэрэтиип көрүҥүнэн хаһаайыстыбаны салайыыны үтүрүйэн барбыттара. 1974 сылга диэри холкуостары бүтүннүү суох оҥоруу түмүгэр уонна салгыы сопхуостары бытарытыы кэннэ кинилэр ахсааннара 1985 сылга 116 тэҥнэспитэ.
САССР тыа хаһаайыстыбата бөдөҥ үрдүк механизацияламмыт салаа буолбута. 1987 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар 6300 тахса тыраахтар, 400-чэкэ бурдук хомуйар комбайн баара, үрдүк уонна орто идэлээх үөрэхтээх 6 тыһ. тахса исписэлиис үлэлиирэ.
Материальнай-техническэй база сыллата хаҥаан испитэ. Холобур, аҥардас 1986 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар 1700 кэриҥэ тыраахтар уонна массыына, 6300 тахса оту хомуйар, сир үрүт араҥатын таҥастыыр уонна атын холбонон состоруллар техника бэриллэн турар.
Ити кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын саҥа агробырамыысыланнай салаалара баар буолбуттара. Ол курдук, сибиинньэни уонна көтөрү иитэр баабырыкалар арыллыбыттара, туорахтаах, сүөһү сиир, сиилэс культуралара ыһыллар, оҕуруот аһын уонна силис астаах үүнээйи арааһа олордуллар буолбуттара.
1986 сыллаахха 1965 сылы кытта тэҥнээтэххэ, хаһаайыстыбалар бары категорияларынан эти бэлэмнээһин 64 %, үүт – 37%, хортуоппуй – 2,2 төгүл, оҕуруот аһа – 2,3 төгүл үрдээбит. Бу кэмҥэ судаарыстыба атыылаһыыта эмиэ улааппыт: эт – 92 %, үүт – 62 %, хортуоппуй – 5,8 төгүл, оҕуруот аһа – 3,9 төгүл.
Тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйата хаһаайыстыба бары категорияларынан, 1965 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 57% үрдээбит, ол иһигэр сири оҥорууттан ылыллар бородууксуйа – 59% уонна сүөһү иитиититтэн ылыллар бородууксуйа – 57%. Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйата үрдээбитин туоһулуур дьиҥнээх сыыппара маннык этэ.
САССР экэниэмикэтин сайыннарыы түмүктэрэ
Уопсайынан 1986 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас бородууксуйата 1980 сылы кытта тэҥнээтэххэ 1,4 төгүл, 1970 сылы кытта – 2,3 төгүл үрдээбит. Өссө үрдүк көрдөрүү туһааннааҕынан чох бырамыысыланнаһыгар – 6,8 төгүл уонна 18 төгүл, электроэнэргиэтикэҕэ – 1,9 төгүл уонна 6,7 төгүл, гаас бырамыысыланнаһыгар – 1,9 төгүл уонна 7,7 төгүл ситиһиллибитэ.
Үлэ оҥорумтуотун үрдэтии оҥорон таһаарыы үрдүүрүгэр сүрүн төрүөт буолбута. Ол курдук, 1986 сыллаахха бырамыысыланнас эйгэтигэр үлэ оҥорумтуота 1980 сылы кытта тэҥнээтэххэ
11 %, онтон 1970 сылы кытта – 50 % улааппыт. Бу сыыппаралар бүгүн даҕаны ситиһиллибэт муҥутуур чыпчаал буолаллар.
Билиҥҥи кэмҥэ ханнык баҕарар дойдуга экэниэмикэ үрдээһинин көрдөрүүтэ сылга 3 % тиийэрэ баҕалаах. Холобур, Бүтүн аан дойду экэниэмикэтин локомотивынан биллэр КНР экэниэмикэтин үрдээһинэ 2022 сылга 5-5,5 % буолар кэриҥнээх. Бу көрдөрүүнү Европа да, АХШ да ситиһэр кыахтара суох.
Түмүктээн эттэххэ, Саха сирэ аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ анал туругун ылыаҕыттан экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар биллэр-көстөр ситиһиилэммитэ. 1986 сыллаахха бырамыысыланнас эйгэтигэр оҥорон таһаарыы 1940 сылы кытта тэҥнээтэххэ 43,4 төгүл, оттон 1913 сылы кытта – 603 төгүл үрдээбитэ.
САССР үлэһит дьоно дойду сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэн тураллар. Таһаарыылаах үлэлэрин иһин өрөспүүбүлүкэттэн 76 киһи Социалистическай Үлэ Дьруойун аатын сүкпүтэ. Саха сирэ хаһаайыстыбаннай уонна культурнай тутуулары ыыппытын иһин 1957 сыллаахха Ленин уордьанынан, 1972 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ 50 сылынан – Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин уордьанынан уонна ССРС тэриллибитэ 50 сылынан – Норуоттар доҕордоһууларын уордьанынан бэлиэтэммитэ.
Аныгыс ыстатыйаҕа өрөспүүбүлүкэ олох-дьаһах, култуура өттүнэн уонна уопсастыбаннаһын сайдыытыгар ситиһиилэр тустарынан сырдатыллыаҕа.
Алексей Еремеев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ