8-16 саастаах оҕолордоох, кыра дохуоттаах ыалларга анаммыт судаарыстыбаннай көмө саҥа миэрэтин Биэнсийэ пуондата ыам ыйыттан түҥэтэн эрэр. Маныаха сорох дьоҥҥо аккаас кэлэн, өйдөммөт түгэннэр үөскээбиттэрэ. Бу боппуруостары быһаарар туһуттан, Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрин актыбыыскаларын, суруналыыстары кытары көрүстэ.
Ыам ыйын саҥатыттан 39 тыһыынча кэриҥэ сайабылыанньа киирбититтэн, 70%-на көрүллүбүт. Киирбит сайабылыанньаны көрөргө 10 хонук бэриллэр, өскөтүн, туох эрэ докумуон итэҕэс буоллаҕына, эбии 20 хонук бэриллэр, уопсайа 30 хонугунан көрүллэн бүтүөхтээх. Биэнсийэ пуондатын үлэһиттэрэ муус устар ыйтан саҕалаабыт уонна бу күннэргэ өрөбүлэ суох үлэлээбит буоланнар, ыгым кэмҥэ улахан кээмэйдээх үлэни үмүрүттүлэр.
Ыам ыйын 11 күнүттэн саҕалаан, билигин 17 855 оҕоҕо 459,1 мөлүйүөн солкуобай төлөнөн турар. Бастаан дьиэ кэргэттэр икки ыйдаах: муус устардааҕы уонна ыам ыйынааҕы төлөбүрдэри тэҥинэн ыллылар. Салгыы ый аайы биир сылы быһа төлөнөр, онтон саҥаттан сайабылыанньаны суруйуу ирдэнэр. Урут социальнай көмөнү ыларга элбэх докумуону хомуйар ирдэнэр эбит буоллаҕына, бу манна сайабылыанньаны эрэ суруйуохха наада. Атын докумуоннары Биэнсийэ пуондата бэйэтэ тустаах тэрилтэлэртэн хомуйар. Ол гынан баран, сайабылыанньа 13 лиистээх, манна тугу эрэ сыыһа суруйан кэбистэххэ, аккаас кэлиэн сөп.
Холобур, массыынаны атыылаан баран, ГИБДД баран, регистрацияттан уһултарбатах буоллаххытына, бу тэрилтэттэн кэлэр сибидиэнньэҕэ икки массыыналаах курдук көстөҕүт. Усулуобуйа быһыытынан, босуобуйа бэриллибэт. Бу курдук, “Росреестр” сибидиэнньэтинэн, киһи аатыгар хас да учаастак, дьиэ сурулла сылдьар буоллаҕына, эмиэ аккаастыыллар.
Дьэ, ол курдук, сүрүннээн ханнык төрүөтүнэн аккаас кэлэр эбитий?
68% — дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүк буоллаҕына;
13% — 2 тырааныспардаах дьиэ кэргэттэргэ;
8% — “нуул” дохуоттаах ыалларга;
5% — докумуон ситэтэ суоҕа;
4% — дьиэ кэргэн 2 дьиэлээх буоллаҕына;
2% — атын төрүөт.
Георгий Степанов сайабылыанньаны суруйарга болҕомтолоох буолар наадатын бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, баайы-дуолу учуоттаан, тустаах тэрилтэлэргэ баран чопчулуурга сүбэлээтэ. Сайабылыанньаны алтынньыга диэри суруйдахха, муус устартан ыла барыта мунньуллан, хос ааҕыллан кэлэр. Онон сүүрэн-көтөн, докумуоннары бэрээдэктииргэ, сайабылыанньаны хос суруйарга бириэмэ баар.
Дьахталлар түмсүүлэрин актыбыыскалара салайааччыга элбэх ыйытыыларын биэрдилэр уонна толору хоруйдары ыллылар. Ол курдук, бэйэ дьарыктаах төрөппүттэр дохуоттарын хайдах бигэргэтэллэрин; 2-с группалаах инбэлиит оҕону көрөн олоруу “нуул дохуокка” суолталаах төрүөт быһыытынан ааҕыллыбатын; ханнык дохуот көрүҥэ дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар ааҕыллыбатын, о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр.
Сабаҕалааһын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 42 тыһыынча кэриҥэ оҕо бу босуобуйаны ылыан сөп. Билиҥҥи туругунан, 37 тыһыынча сайабылыанньа киирбититтэн, 26,6 тыһыынча быһаарыы ылыллыбыт, 18 тыһыынча кэриҥэ оҕоҕо анаммыт. 8-16 саастаах оҕолорго босуобуйаҕа сыл аайы 4,6 миллиард солкуобай ыытыллара былааннанар.
Босуобуйа туһунан сиһилии “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.