18-с үйэтээҕи хомуһу көрдөрүүгэ туруордулар

Ааптар: 
02.04.2019
Бөлөххө киир:

“Хомус (варган): историко-культурные традиции и музыкально-терапевтические практики” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ кэмигэр хомус быыстапкатын туруордулар. Олортон биирдэстэринэн 18-с үйэтээҕи хомус буолар.

edersaas.ru


ХИФУ түмэлин  пуондатыттан

Быыстапкаҕа чахчы сэдэх хомустары, оннооҕор, сороҕун көрдөрүүгэ аан маҥнай таһаарбыттар.  Хомус дойдутааҕы түмэлин уонна киинин пуондатын сэбиэдиссэйэ Вера Бурнашева иһитиннэрэринэн, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Археологияҕа, этнографияҕа итиэннэ СГУ Үрдүкү оскуолатын түмэлин пуондатыттан икки экспонаты аҕалбыттар. Олортон биирдэстэрэ, научнай-археологическай эспэдииссийэ кэмигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах сэлиэнньэтиттэн 3 килэмиэтир тэйиччи баар Орто өтөхтөн 1979 сыллаахха булуллубут хомус буолар. Көстөрүн курдук, кээмэйэ кыра. Чинчийии түмүгэр, быһа холоон 18-с үйэтээҕи хомус буолара быһаарыллыбыт. Вера Васильевна: “Итинэн, сахалар 18-с үйэҕэ тимир хомустаахпыт дакаастанар”, – диэн этэр.

Оттон иккис хомуһу эмиэ эспэдииссийэ кэмигэр 2011 сыллаахха Чурапчы улууһун Таба Баһа диэн өтөхтөн булбуттар. Маны, быһа холоон, 19-с үйэ бастакы аҥаарыгар таптайыллыбыт диэн быһаарбыттар. Хомуһу тэҥэ туойтан оҥоһуллубут араас мал-сал, быһахтар, ох уһуктара көстүбүттэр үһү.

 Хомус түмэлиттэн

Хомус аан дойдутааҕы түмэлиттэн дьон бэлэхтээбит былыргы үс хомуһун көрдөрүүгэ туруорбуттар. Ол курдук, Уус Алдан улууһун Тиит Арыы нэһилиэгиттэн 2010 сыллаахха, Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгиттэн чугас Эмээхсин Ураһата диэн сиртэн иллэрээ сыллаахха,  Амма улууһун Табалаах диэн сириттэн биллиилээх олоҥхоһут Устин Нохсоороп өтөҕүн таһыттан булуллубут хомустары таһаарбыттар.

 

Емельян Ярославскай аатынан түмэлтэн

Емельян Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлин быыстапкалыыр салаатын сэбиэдиссэйэ Марианна Стручкова иһитиннэрбитинэн, бэйэлэрин түмэллэригэр баар хомус кэллиэксийэтиттэн сорҕотун аҕалбыттар. Холобур, Тыва Өрөспүүбүлүкэтин үлэһиттэрин аатыттан 1972 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумугар бэлэх быһыытынан кэлбит ураты быһыылаах тимир хомустар бааллар.

Сахалартан Арассыыйатааҕы наука академиятын бастакы академига, тэхиньиичэскэй наука дуоктара В.П.Ларионов, Саха сирин биллиилээх хормейстера, СӨ норуодунай, Саха АССР үтүөлээх артыыската Ф.А.Баишева,  Саха АССР хайа бырамыысыланнаһын үтүөлээх үлэһитэ, Социалистическай Үлэ дьоруойа, РСФСР үтүөлээх металлура Т.Г.Десяткин, уо.д.а. кэллиэксийэлэрин таһаарбыттар. Ону таһынан, Семен Гоголев – Амынньыкы Уус, Иван Захаров-Кылыадьы Уус, Николай Бурцев, А.И.Чахов чертеһунан Дмитрий Матвеев, Егор Гоголев, Борис Неустроев — Мандар Уус, о.д.а. биллиилээх уустар чочуйбут хомустарын аҕалбыттар.

Сахаларга хомус хаата үксүгэр мас буолар. Оттон академик Владимир Ларионов кэллиэксийэтиттэн ылбыт хомустарын хаата пластиктан оҥоһуллубут. Хомойуох иһин, ханнык уус оҥорбута биллибэт. Аны Тыва Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлбит биэс хомустан турар кэмпилиэк эмиэ ураты болҕомтону эрэйэр. Саха хомуһуттан чыҥха атын. Николай Бурцев аатырбыт нуоталаах сэттэ хомуһун аҥаардас көрөн даҕаны хараҕы манньытыахха сөп.

Ити курдук, бу күн дьон дьүүлүгэр турбут хас биирдии хомус бэйэтэ туспа кэпсээннээх буолан биэрдэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0