«18-гар диэри саастаах оҕолорго көмөлөһөбүт”

Бөлөххө киир:

2018 сылтан Дьокуускай куоракка Кыра уонна обургу оҕолор доруобуйаларын туругун чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин (Республиканский реабилитационный центр для детей и подростков с ограниченными возможностями здоровья) үлэлии олорор.
Бу киэҥ-куоҥ, аныгылыы тутуулаах, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах тэрилинэн толору хааччыллыылаах киин Сэргэлээх аартыгар, бэс чагда быыһыгар турар. Манна араас улуустартан, куораттартан оҕолор төрөппүттэрин кытта кэлэн сөптөөх чэбдигирдэр өҥөлөрү ылан бараллар.

edersaas.ru


Киин дириэктэрэ, СӨ социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ, философия билимин хандьыдаата Зинаида Семеновна Максимова кэпсиир:
— Биһиги Кииммитигэр төрүөхтэриттэн 18-гар диэри саастаах инбэлиит эбэтэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэлэн 21 күн устата чөлүгэр түһэриини ааһаллар.
Киин араас чөлүгэр түһэрэр өҥөлөрү оҥорор түөрт салаалаах (отделениелаах): социальнай-психологическай-педагогическай реабилитация салаата (сэбиэдиссэй А.Е. Лаврентьева), социальнай-средовай салаа (сэбиэдиссэй М.А. Андреева), социальнай-мэдиссиинискэй салаа (сэбиэдиссэй Нь.Л. Сон), Эрдэттэн көмө сулууспата (сэбиэдиссэй Е.Ю. Семенова).
Бастакы салаа сыала-соруга – интеллектуальнай, сенсорнай, саҥаларын сайдыыларыгар кэһиллиилээх оҕолор көнөр суолларын тобулуу, анал диагностикалыыр-консультациялыыр, көннөрөр-чөлүгэр түһэрэр ньымалары туттан оҕо оскуолаҕа барыытын, социальнай эйгэҕэ сөп түбэһэн киириитин хааччыйыы. Манна биһиги логопедтарбыт, дефектологтарбыт верботональнай диэн ньыманы хото туһананаллар. Тоҕо диэтэххэ, бу ньыма доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо организма истэр, саҥарар, алтыһар дьоҕурдарын сайыннаран, оҕолор уопсастыбаҕа киирэллэригэр олус көмөлөөх. Манна дорҕоон тэтимин, муусука көмөтүнэн саҥарар дьоҕуру сайыннарыы, анал аудиовизуальнай куурус, пиктографскай ритмика, сенсорнай “Сова-няня” хоско дьарыктар, араас анал аппарааттарга дьарыктар киирэллэр.
Логопедтар бэйэлэрин үлэлэригэр оҕо саҥатын көннөрөргө анал бырагыраамалаах интерактивнай остуолу тутталлар.
Биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн үлэлииргэ аналлаах хосторго сенсорнай интеграция дьарыктара үрдүк таһымҥа ыытыллаллар. Сенсорнай интеграция диэн тугуй? Бу бэйэни өйдөөһүнү бэрээдэктээһин диэххэ сөп. Ону биһиги эппит-сииммит, тулалыыр эйгэбит амтан, сыт, таарыйыы, хамсаныы, о.д.а. көмөлөрүнэн ылар. Уонна бу ылбыттарбытыттан хайалара ордук туһалааҕын быһаарабыт. Холобур, таһырдьаттан иһиллэр тыаһы-ууһу истэбит дуу эбэтэр учуутал кэпсээнин болҕойон истэбит дуу? Ити курдук киһи мэйиитэ хамсаныыны, эмоцияны, тутта-хапта сылдьыыны хонтуруоллуур. Онон, оҕо дьону кытта сатаан алтыспат, оҕолору кытта сатаан оонньообот, биир сиргэ таба олорбот, оттомо суох, ыһыллаҕас, эмискэ үөрэр, онтон эмискэ кыыһырар, эбэтэр куһаҕаннык утуйар, о.д.а. буоллаҕына, сенсорнай интеграция дьарыктара манна көмөлөһөллөр. Биллэн туран, аҕыйах күн иһигэр бу барыта көнө охсубат буоллаҕа. Ол иһин, оҕо реабилитацияны барар кэмигэр биһиги төрөппүтү үөрэтэбит. Дьарык кэмигэр төрөппүт оҕотун кытта тэҥҥэ сылдьыһан, барытын сурунан, ыйытык баар буоллаҕына, дьарык кэннэ токкоолоһон, хайаан да өйдүөх тустаах.
Сенсорнай хоско дьарыктары сүрүн эбэтэр эбии чөлүгэр түһэрэр технология быһыытынан туттабыт. Ол барыта куурус туох сыаллаах-соруктаах ыыттылларыттан тутулуктаах.
Социальнай-средовой салааҕа чөлүгэр түһэрии хас биирдии оҕоҕо оҥоһуллубут көннөрөр-сайыннарар тус бырагыраамаҕа олоҕуран барар. Манна оонньуунан, үлэнэн, остуоруйа, ускуустуба көмөлөрүнэн, үүнээйилэри көрөн-харайан, дьиэҕэ-уокка хайдах көрүнэн олорорго үөрэтэр ньымаларга ураты болҕомто ууруллар. Холобур, социальнай-бытовой адаптация хоһо кыбартыыра курдук оҥоһуулаах. Манна толору оҥоһуулаах куукуна, утуйар хос, туалет, ванна бааллар. Оҕолор манна хайдах бэйэни сөпкө көрүнэн олорорго үөрэнэллэр: остуолу тардарга, иһити сууйарга, оннооҕор чэпчэки бүлүүдэлэри астаан көрөргө, кыра таҥастары сууйарга о.д.а. үлэ көрүҥүн оҥорон көрөллөр. Орону хайдах хомуйарга, таҥаһы ыскаапка хайдах дьаарыстаан уурарга о.д.а. үөрэнэллэр.
Бу салаа үлэһиттэрэ тэрийэр социокультурнай тэрээһиннэрэ, куолаан ыытар дьарыктара, маастар-кылаастара, кэмпириэнсийэлэрэ инбэлиит оҕолор социальнай адаптацияны ааһалларыгар, уопсастыбаҕа киирэллэригэр төһүү күүс буолаллар.
Дьиэ кэргэни кытта үлэ ыал социальнай паспорын оҥорууттан саҕаланар. Салгыы бу ыалы учуокка ылан, оҕо 18 сааһын туолуор диэри көмөлөһөбүт. Ол эрээри, биири өйдүөх тустаахпыт – оҕо социальнай эйгэтэ кини иитиллэр дьиэ кэргэниттэн саҕаланар, онон ыал хайдах олохтооҕо-дьаһахтааҕа оҕоҕо салгыы бэриллэр.
Эрдэттэн көмө сулууспата төрүөхтэриттэн үстэригэр диэри саастаах инбэлиит, сайдыыларыгар генетическэй кэһиллиилээх, доруобуйаларыгар хааччахтаах эбэтэр оннук буолар сибикилээх оҕолору кытта үлэлэһэр.
Бу салаа исписэлиистэрэ төрөппүттэри оҕо уратытын учуоттаан, хайдах көрөн-харайан, кинини кытта алтыһан, оонньоон, кини сайдыытыгар хаалыыта суох буоларын эбэтэр хаалыытын кыччытар туһугар үлэлэһэллэр. Тус бырагыраамалар оҕо үс сааһыгар диэри хайаан да ылар наабыктарын сайыннарарга туһуланаллар. Манна киирэллэр: хамсаныы (оонньууру ыраахтан ылыы, эргийээһин, сыыллыы, хаамыы), когнитивнайдар (толкуйдааһын, өйдөөн хаалыы, туруоруллубут сыаллары ситиһии), коммуникативнайдар (киниэхэ этиллибити истэр, өйдүүр, кэпсэтэр буолуута), социальнай-эмоциональнай (оонньооһун, атын дьону кытта алтыһыы, бэйэ иэйиитин көрдөрүү), бэйэни көрүнүү (аһааһын, таҥныы, суунуу).
Эрдэттэн көмө биирдэ эрэ оҥоһуллубат – бу уһун кэмнээх быыстала суох алтыһыы, ол эбэтэр бу ыал сулууспа исписэлиистэрин кытта куруук көрсөллөр, алтыһаллар, сүбэлэһэллэр.
Социальнай-мэдиссиинискэй салаабыт туох баар тэрилинэн хааччыллан турар. Ол курдук, харах бырааһын хоһугар туох да ыарыыта суох хараҕы тупсарар аппараат, лор-комбайн, киһи мэйиитин үлэтин күүһүрдэр “MagPro” аппараат, эмтиир физкультура уонна ортопедия исписэлиистэрэ кыра оҕолор сүһүөхтэрэ хамсыырын стимуляциялыырга уонна хаамарга үөрэтэргэ аналлаах “RehabMedical” аппарааттара, о.д.а. бааллар. Араас ванналар, оҥоһуу күрүлгэннээх уонна уунан массаастыыр тэриллээх бассейнаахпыт. Бу мээнэ сөтүөлүүргэ эрэ аналлаах бассейн буолбатах, манна эмтиир физкультура дьарыктара ыытыллаллар. Физио-эмтээһин хас да көрүҥүн туттабыт. Доруобуйаны чөлүгэр түһэрии биир сүрүн көрүҥүнэн илбийии (массаж) буолар. Манна барытыгар үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр үлэлииллэр.

Төрөппүккэ эмиэ миэстэ көрүллэр

Биһиги Кииммитигэр киириэн баҕалаах инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр бэйэлэрин улуустарын эбэтэр куораттарын социальнай харалта салаатыттан квота ылан кэлиэхтэрин сөп. Улуустан кэлбит оҕоҕо уонна кини биир төрөппүтүгэр уопсайга миэстэ көрүллэр. Олоруулара иккиэннэригэр босхо, оҕо күҥҥэ биэстэ босхо аһыыр. Социальнай харысхал салаатын квотатынан кэлбит оҕо психологическай-педагогическай, социальнай, мэдиссиинискэй өҥөлөрү барытын ылар.
Маны таһынан учаастактааҕы педиатр эбэтэр невролог ыыппыт оҕотун ОМС нөҥүө ылабыт. Бу түбэлтэҕэ оҕо тастан сылдьан, күҥҥэ биирдэ босхо аһаан, социальнай-мэдиссиинискэй эрэ өҥөлөрүнэн туһанар.
Кистэл буолбатах, улуустарга да, куораттарга да инбэлиит эбэтэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох ыаллар доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр өҥөлөрүнэн туһаммакка сылдьаллара баар суол. Дьиҥэр, бу оҕолор күннэтэ дьарыкка наадыйаллар. Ким эрэ солото суоҕар сигэнэн, ким эрэ наадалааҕынан аахпакка, о.д.а. биричиинэлэринэн оҕоҕо тустаах кэмигэр болҕомто ууруллубакка хаалар. Дьиҥэр, чөлүгэр түһэриини ааспыт оҕо доруобуйатын туругун эрэ тупсарар буолбатах, кини дьону кытта алтыһыы, бэйэни көрүнүү, салайыныы курдук сүрүн үөрүйэхтэргэ үөрэнэр. Оттон төрөппүт исписэлиистэр оҕону кытта хайдах дьарыктаналларын көрөн үөрэнэр, тустаах уонна туһалаах сүбэни-аманы ылар.
Биһиги аадырыспыт: Дьокуускай куорат, Сэргэлээх аартыга, 47 дьиэ.
Төлөпүөммүт: 318-005 (доб. 1).

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Мария РЕШЕТНИКОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0