172 мобильнай биригээдэ 8 806 туонна оту бэлэмнээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыраах учаастактарынан оттуур 172 мобильнай биригээдэ тэриллэн, атырдьах ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, 8 тыһыынча 806 туонна оту бэлэмнээтилэр.

Ити иһигэр биирдиилээн улуустарынан ыллахха, Амма 23 биригээдэтэ 2 349 туоннаны, Мэҥэ Хаҥалас 19 биригээдэтэ 1 601 туоннаны, Бүлүү 19 биригээдэтэ 1 379 туоннаны, Чурапчы 30 биригээдэтэ 1 181 туоннаны, Хаҥалас 30 биригээдэтэ 525 туоннаны, Уус Маайа түөрт биригээдэтэ 192 туоннаны, «ТуймаадаЭкоферма» ХЭТ биригээдэтэ Дьокуускай куорат таһыгар 300 туоннаны оттоотулар. Санатан эттэххэ, мобильнай биригэдэлэринэн 36 тыһыынча туоннаны оттуур сорук турар.

Амур уобалаһын Зеятааҕы оройуонугар Чурапчы улууһуттан икки мобильнай биригээдэ оттуу барыахтаах. Хоптоҕо нэһилиэгиттэн Иннокентий Осипов салайар биэс киһилээх биригээдэтэ атырдьах ыйын 9 күнүгэр барбыта. Сылаҥ нэһилиэгиттэн Михаил Макаров салайар биригэдэтэ бу күннэргэ айанныаҕа диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0