Оскуола оҕолоро, устудьуоннар үөрэхтэрин таһынан, дохуот киллэринэр кыахтаахтар. Ити этиини Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуона, хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, 15 сааһыттан туорт астыыр Таня Пермякова туоһулуур.
Туорт уонна программирование
— Таня, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта оскуолатын быйыл бүтэрбитим. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, оскуолаҕа үөрэнэр бырааттардаахпын.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка программист идэтигэр үөрэнэбин, исписээлинэһим – “вэб уонна мультимедийнэй сыһыарыылары оҥоруу”.
— Туорт астыыгын уонна программист идэтигэр үөрэнэ киирбиккин. Бэйэ-бэйэлэригэр букатын майгыннаспат хайысхалар. Тоҕо ити идэни таллыҥ?
— Билиҥҥи үйэҕэ сыһыаннаах, олоххо арыый ирдэнэр идэ диэн талан киирбитим. Оскуолаҕа түөрт-биэс сыанаҕа үөрэммитим. Биир кэлим эксээмэннэрбэр (ЕГЭ) бүддьүөккэ хапсар бааллары ылбытым.
— Эксээмэннэргэр бэлэмнэнэргэр мэһэйдэппэтэҕиҥ дуо?
— Суох. Эбиэт иннинэ үөрэнэрим, эбиэт кэнниттэн консультацияларга сылдьарым, эбии дьарыктанарым уонна киэһэтин астыырым. Сарсыныгар эбиэккэ күнүс кэлэн киэргэтэн баран атыылыырым. Бэйэтэ даҕаны аҕыйаҕы оҥорорум, эксээмэннэрим кэмигэр тохтообутум.
«15 сааспыттан»
— Хас сааскыттан туорт астыыгын уонна хайдах саҕаламмытай?
— Аһылыгы алын кылааска үөрэниэхпиттэн астыыбын. Ханнык баҕарар оҕо курдук бастаан сымыыт буһарарым, онтон сыыйа соркуой буһара үөрэммитим. Арыый улаата түһэн баран туорт оҥорорго холоммутум. Табыллыбыта. Атыыга диэн анаан-минээн 15 сааспыттан дьарыктанар буолбутум.
— Ким үөрэппитэй?
— Мүөттээх, бискибиит туорт оҥорорго бэйэм үөрэммитим. Онтон атын туортары астыырга биологияҕа учууталбыт Сардаана Петровна Гоголева үөрэппитэ. Оскуолабыт иһинэн урбаан эйгэтигэр уһуйар куруһуогу кини салайара. Кылгас кэмҥэ дьарыктана сылдьыбытым. Онтон оскуолабыт иһинэн үлэлиир “Саха” КВН куруһуогар сөбүлээн оонньообутум.
Технология уруогар (учууталбыт Дария Валерьяновна Сивцева) эмиэ араас аһылыгы астатара. Баҕар, ити уруоктартан даҕаны кынаттаммыт буолуохпун сөп. “ВорлдСкиллс” күрэхтэһиигэ кондитер дьыалата компетенцияҕа (салайааччым Татьяна Владимировна Протодьяконова) кыттан оскуолабар бастаабытым, улууска иккис-үһүс миэстэлэрдээхпин.
Бастакы долгутуулаах туорт
— Аан бастаан атыылаабыт туоркун өйдүүгүн дуу?
— Бэркэ өйдүүбүн. Астыыр туортарым табыллалларын көрөн, бастаан ийэм, атыыга астаан көр диэбитэ. Ити 15 саастаахпар этэ. Оҕо буоларым быһыытынан, маҥнай кыбыстар этим. Биир дойдулаахпыт ылбыта, 600 солкуобайга мүөттээх туорду атыылаабытым. Атыылаан баран олус үөрбүтүм. Оннук сыыйа астаан барбытым, дьон сөбүлээбитин биллэрэрэ. Онтон кынаттанан салгыы дьарыктанар санаа киирбитэ. Билигин күҥҥэ түөрт-биэс туорду оҥоробун. Дохуотум аҥаара бородууктам ороскуотугар барар.
— Бородууктаҕын хантан ылаҕын? Киэргэтэргэр тугу туһанаҕын?
— Дьокуускайтан кууһунан атыылыыр маҕаһыыннартан атыылаһабын. Билигин ыраахтан олорон үөрэнэр буолан, кэм иллэҥ бириэмэлээх курдукпун.
Киэргэтиитигэр сибиэһэй отоннору (клубника, сугун), араас сакалааттары туһанабын.
Туорт арааһа
— Ханнык туортары астыыгын? Сыаната төһөнүй?
— Сүрүннээн мүөттээх, кыһыл баархат, сакалааттаах уонна сакалааттаах мүөттээх туорт оҥоробун. Сакаас киирдэҕинэ, мастикалаах туортары эмиэ бэлэмниибин. Мүөттээх туорт атыыга хамаҕатык барар. Холобур, киилэтэ 1 200 солкуобай.
Сайаапкалары Инстаграмҥа @cake_with_love_ykt страницабар ыыталлар. Бэйэлэрэ кэлэн ылаллар эбэтэр курьерынан ыытабын.
— Бииргэ үөрэнэр доҕотторуҥ туордунан дьарыктанаргын билэллэр дуу?
— Сорохтор билэллэр. Киэҥ араҥаҕа кэпсии сылдьыбаппын. Инстаграммын көрөн, өйүү таарыйа биһирээбиттэрин биллэрэллэр, стористарыгар таһаараллар.
“Төрөппүттэрбиттэн харчы ылбаппын”
— Төрөппүттэргиттэн харчы ылбат буоллаҕыҥ?
— Харчы көрдөөбөт буолбутум ыраатта. Киһи бэйэтэ сөбүлүүр дьарыгынан эбии дохуот киллэринэрэ үчүгэй эбит.
Идиэйэлэри — интэриниэттэн
— Хантан идиэйэ ылаҕын? Бука, тупсаран, уларытан, саҥардан иһэриҥ буолуо.
— Pinterest диэн сыһыарыы баар. Онно киирэн көрөбүн, сороҕор эбэн, уларытан биэрэбин. Үксүн интэриниэттэн көрөбүн.
— Биир туорду төһө уһуннук оҥороҕун? Саамай уустуга тугуй?
— Киэһэ буһаран бэлэмниибин, түүн устата сүмэһинин иҥэринэр. Сарсыныгар бэлэм буолар.
Билигин ыарырҕаппаппын. Маҥнай саҕалыырбар киэргэтиитэ, тэҥнээһинэ уустук этэ. Арыый астыырга үөрэнэн, ыарахаттары көрсүбэппин диэххэ сөп.
— Кондитердар куурустарыгар эҥин үөрэниэххин баҕарбаккын дуо?
— Туорт атыытынан олоҕум тухары дьарыктанабын дии санаатахпына, куурустарга үөрэниэм этэ. Билиҥҥи туругунан оннук куурустарга сылдьар толкуйум суох.
— “Ээ чэ, бүгүн астаабаппын” эҥин диир күннээххин дуу?
— Биллэн турар, сороҕор оннук кэмнэр баар буолаллар. Киһи өрүү биири хатылыыртан хал буолар. Оччоҕо кыратык сынньанан ылар ирдэнэр. Олус сылайдахпына, биир эмит күн сынньанабын.
Атын хайысхалар
— Оскуола оҕолоро мантан ураты өссө тугунан дьарыктаныахтарын сөп дии саныыгын?
— Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр биисинэс-бырайыактар дакылааттарыгар сылдьан көрдөххө, сахалыы остуол оонньууларын оҥорон атыылыыллара. Холобур, биһиги оскуолабытыгар сайынын оттору хомуйан, чэйдэри, сибэккиттэн мүөттэри атыылыыллар. Биһиги оскуолабытыгар оҕолор араас биисинэс бырайыактара элбэхтэр.
Түһээн хомуйуу
— Бэйэ дьарыктаах дьонтон түһээн хомуйаары гыналлар. Эн итиннэ туох санаалааххын?
— Тус бэйэм, ону туох даҕаны диэн утарбаппын. Ирдиир буоллахтарына, төлүөхпүн сөп.
Былааннар
— Инникитин туох былааннааххын?
— Үөрэҕим таһынан туорт астааһынынан салгыы дьарыктанар былааннаахпын. Ол эрээри, бэйэм кондитерскай арыйар, кэҥэттинэр эҥин туһунан толкуйдана иликпин. Көннөрү сөбүлүүр дьарык быһыытынан илдьэ сылдьыахпын баҕарабын.
Баҕа санаа
— Оскуола оҕолоро, устудьуоннар туох эрэ дьарык булан дохуот киллэринэр кыахтаахтар эбит дуо? Тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Сөп бөҕө буоллаҕа. Саамай сүрүнэ, дьарыктарын ис дууһаларыттан сөбүлүүр буолуохтарын наада. Оччоҕо барыта табыллар. Биллэн турар, маҥнай утаа уустуктар бааллар. Ону сыыһа курдук ылынан, теориятын үөрэтэн, билиини-көрүүнү хаҥатынан, ыарахаттары аһарыахха наада. Кыһалыннахха, туох барыта кыаллар кыахтаах, табыллар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru