17 саастаах татаар уола саха оҕолорун үөрэтэр

Ааптар: 
01.12.2016
Бөлөххө киир:

Мин бүгүҥҥү кэпсэтэр киһим баара суоҕа 17 саастаах. Ол эрээри, сааһыгар сөбө суох киэҥ көрүүлээх, дириҥ хорутуулаах, бэрт дуоспуруннаах – Булат Курамшин. Казаннааҕы федеральнай университет химияҕа факультетыгар бастакы кууруска үөрэнэр.

Саха сирэ уонна Булат
— Миигин Саха сирин кытта киэҥник биллэр норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиадаҕыт ситимнээбитэ. Ити ахсыс кылааска үөрэнэр сылбар этэ. Бу олимпиада химия, математика, информатика, физика предметтэригэр ыытыллар. Мин химияҕа кыттан, боруонса мэтээли ылбытым. Тустаах олимпиада туһунан оскуолабытыгар уруккуттан билэллэр. Оскуолабыт хамаандата ситимин быспакка кыттара. Ол курдук биир сыл хамаандабытын кытта мин кэлсибитим. Саха сирэ, “Өлүөнэ кыраайа” форум диэн тугун онно билбитим. Иккис кыттыыбар кыһыл көмүс мэтээли ылары ситиспитим. Ыырым кэҥээн, оҕолору кытта эрэ буолбакка, олимпиаданы тэрийээччилэри, чуолаан, Марина Соколованы кытта билсибитим. Быйыл кини ыҥырыытынан, бу биир нэдиэлэ устата “Ленскэй кыраай” форумҥа үөрэтэр-эрчийэр түмсүүгэ оскуола оҕолорун дьарыктаатым.

Ситиһиилэр
— Төрөппүттэрим химия, физика предметтэригэр туох да сыһыана суох дьон. Иккиэн экономическай факультеты бүтэрбиттэрэ. Идэлэринэн үлэлииллэр. Ийэбинэн эһээм Россияҕа химиктэр ортолоругар балачча биллэр киһи – Племенков. Үгүстэр, эһэтин туйаҕын хатарбыт диэхтэрэ, баҕар. Татарстан биир тарбахха баттанар, 131-c нүөмэрдээх физика-математика хайысхалаах лицейин кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Бүтүн Россиятааҕы химия олимпиадатыгар үс төгүл бастаан турабын. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы химия олимпиадатыгар кыһыл көмүс мэтээли ылбытым.
Физика, химия предметтэригэр үөрэниэм иннинэ математиканан умсугуйарым. 7-с кылааска физика уруогун үөрэтиэхпиттэн ыла, физик буолар ыраламмытым. Онтон 8-с кылаастан химия предметэ киирбитэ. Аны химик буолуохпун баҕаран турбутум. Билигин Казаннааҕы федеральнай университет химияҕа факультетыгар бастакы кууруска үөрэнэбин. Үөрэммит лицейбэр оҕолору куруһуокка дьарыктыыбын. Үөрэхпин бүтэрэн баран салгыы аспирантураҕа үөрэнэр былааннаахпын.

“Ленскэй кыраай” форум
— Оҕолор бэйэ-бэйэлэриттэн туох да уратылара суох. Төһө да тус-туспа омук буолбуттарын иһин – бары оҕолор. Чопчу химияҕа билиилэрин ылан көрөр буоллахха, биллэн турар, мөлтөһүөр да, түмүк көрдөрүөн сөптөөх күүстээх даҕаны оҕолор бааллар. Ол эрээри, дьыала билиитигэр эрэ буолбатах, саамай сүрүнэ, кинилэр баҕа санаалара улахан оруолу оонньуур. Билиҥҥи тэтимнэрин ыһыктыбакка салгыы дьаныардаахтык эрчилиннэхтэринэ, кыайыы-хотуу өр кэтэһиннэриэ суоҕа. Үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр “Ленскэй кыраайга” сылга хаста да ыытыллаллар. Химияҕа миигин, физикаҕа Москватааҕы физико-техническэй институт преподавателин ыҥырбыттар этэ. Атын предметтэргэ Новосибирскай, Казань, Москва куорат биллэр-көстөр преподавателлэрэ үөрэттилэр.

Саха сирэ уонна Татарстан

— Саха сирин айылҕата олус ураты. Туох да диэбит иһин, Россия биэс гыммыт биирэ буоллаҕа. Атын-атын үгэстэрдээхпит. Ахсааммыт майгыннаһар. Атын куораттарга холоотоххо, хааргыт наһаа ыраас. Хаҥалас булгунньаҕа наһаа кыраһыабай көстүүлээх.
Биллэн туран, үөрэх бырагыраамата Россияҕа барытыгар биир халыып. Учууталлар үөрэтиилэрэ да майгыннаһар. Арай, биһиэхэ эбии дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго анал куруһуоктар үлэлииллэр. Учууталлар босхо дьарыктыыллар. Университеппытыгар эмиэ олимпиадаҕа кыттар устудьуоннары кытта эбии анаан-минээн дьарыктаналлар.
“Туймаада” — мин олохпор

— “Туймаада” олимпиадаҕа интэриэһинэйэ баар – тас дойдулар эмиэ кытталлар. Ол курдук, Румынияттан, Казахстантан, Монголияттан, Индонезияттан тиийэ кэлэллэрэ. Химияҕа ахсыс кылаастарга аналлаах бүтүн Россиятааҕы олимпиада суох. Ол иһин “Туймаада” миигин сүрэхтээбит, билиибин тургуппут уонна, саамай сүрүнэ, бэйэбэр эрэли үөскэппит бастакы улахан күөн көрсүүм буолар. Онон “Туймаада” миэхэ кынат үүннэрбитэ диир толору кыахтаахпын.

Саастыылааҕыҥ сүбэтэ
— Ханнык баҕарар эйгэнэн киһи умсугуйарын туһугар, бастатан туран, баҕа санаа, дьаныар, эбии дьарык, кинигэ ааҕыы ирдэнэр. Кыра, орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэр сылларбар олус элбэх кинигэни ааҕарым. Улахан кылаастарга, биллэн турар, соччо кыаллыбат этэ. Иллэҥ кэмим эбии дьарыкка, химияҕа сыһыаннаах научнай кинигэлэри ааҕарга барара. Кэлин дьэ, арыый иллэҥсийэн, уус-уран айымньылары ааҕар буолан эрэбин. Билигин Макаренко “Педагогическай поэматын” ааҕа сылдьабын. Иккиһинэн, усулуобуйа наада. Мин көрдөхпүнэ, Саха сиригэр сөптөөх усулуобуйа баар. Онон барыта оҕо бэйэтин баҕатыттан тутулуктаах.

Людмила ПОПОВА.

Ыспыраапка

Төрөөбүт сирэ: Казань куорат
Күнэ-дьыла: 16.11.1999 сыл
Зодиага: Скорпион
Бүлүүдэтэ: Чак-чак
Суруйааччыта: Александр Дюма, Валентин Пикуль
Айымньыта: “Граф Монте-Кристо”, “Моонзунд”
Сөбүлүүр дойдута: Грузия

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0