Саха сирин саамай эдэр композитора СӨ Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэрин истэн, аҕыйах хонуктааҕыта аат ааттаан, анаан-минээн тустаах үөрэх кыһатыгар тиийэн, көрсөн кэпсэтэн кэллим. Саха сирин аатын ааттатыахтаах кэнэҕэски композитор Никифор Яковлевы бүгүн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.
Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах…
Бүгүн суруйар эдэркээн дьоруойум Никифор Яковлев В.А.Босиков аатынан СӨ Муусука үрдүкү оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ. Бука, ханнык баҕарар суруналыыс кэпсэтэр киһитин билээри, кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын туоһулаһар үгэстээҕэ буолуо. Мин эмиэ ол үтүө үгэстэн туораамаары, саас-сааһынан ыйыталаһан саҕалаатым. Салгыы ханнык ыйытыыны биэриэхтээхпин сэрэйбиттии: “Төрүттэрбэр анал идэлээх ырыаһыттар, мусукааннар суохтар”, — диир. Итиэннэ кэпсээнин саҕалыыр:
— Ийэм Яковлева Оксана Егоровна бэйэтин баҕатынан үөрэнэн, гитаранан ыллыыр. Аҕабынан эбээм Яковлева Клара Лазаревна эмиэ ыллыыра. Бэйэм Чурапчы орто оскуолатыгар, салгыы Чурапчытааҕы гимназияҕа үөрэммитим. Итини сэргэ, эдьиийбин Сахаянаны кытта Чурапчытааҕы Оҕо искусствотын оскуолатыгар Светлана Павловна Макарова салайар фортепиано кылааһыгар дьарыктаммыппыт.
Икки сыл толкуйдаабытым
Никифор Муусука үрдүкү оскуолата сыллата өрөспүүбүлүкэ араас муннугун оҕолоругар ыытар сайыҥҥы айар лааҕырыгар кэлэр. Талааннаах уолу бэлиэтии көрөн, “биһиэхэ кэлэн үөрэн” диэн ыҥырбыттарыгар бастакы сырыытыгар тута сөбүлэһэртэн туттуммут. Икки сыл курдук толкуйданан баран, “дьэ, муусука чахчы миэнэ эбит” диэн түмүккэ кэлэр. Уруккуттан билэр, дьоҕурдаах, араас куонкурустарга кыттан миэстэлэһэр оҕону тута үөрэххэ ылаллар. Ол курдук, 7-с кылаастан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччитэ буолар дьолун билэр.
Маҥнайгы хардыылар
Никифор Чурапчытааҕы Оҕо искусствотын оскуолатыгар тарбахха баттанар уһуйааччы Светлана Макарова салалтатынан 5 сыл дьарыктаммыта. Дьэ, бу сылларга Моцарт, Бетховен, Чайковскай курдук биллиилээх композитордар айымньыларын хото истэн улааппыта. “Араас композитордары умсугуйан истэрим уонна кинилэр курдук буолуохпун баҕарарым. Фортепианоҕа көннөрү кылгас миниатюралары айарым”, — диэн санаатын үллэстэр. Онтон Муусука үрдүкү оскуолатыгар композитор Николай Михеев салалтатынан композиторскай искусствоҕа уһуйуллар. Оҕотук айар миниатюраларыттан аркыастырга көһөр.
Оскуола олоҕо
Төһө даҕаны оскуола диэн ааттаннар, уопсай үөрэхтээһин оскуолатыттан уратылаах. Үөрэнээччилэр күннэрэ сарсыарда 5 чаас 45 мүнүүтэттэн саҕаланар. 6 чаастан номнуо үнүстүрүмүөннэригэр дьарыктаммытынан бараллар. 8 чаас 30 мүнүүтэттэн эбиэккэ диэри үөрэх. Онтон күн иккис аҥаарыгар муусука үөрэҕэ саҕаланар. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн эмиэ биир-икки чаас дьарык.
“Мин 7-с кылааска кэлбитим. Саамай уустуга – усулуобуйаҕа үөрэнии (адаптация) этэ. Тус бэйэм, сыл аҥаарыттан ордук кэм устата үөрэммитим. Манна букатын ураты эйгэ. Барыта үрдүгэр баар эрээри, төрөппүттэр аттыгар суохтар. Күһүҥҥү, сааскы сынньалаҥ диэн суох. Онон дьиэбитигэр кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы эрэ сынньалаҥҥа барабыт. Күн биллибэккэ ааһар. Элбэх матырыйаалы иҥэриниэххэ наада. Сорохтор үөрэммэккэ, төттөрү дьиэлииллэр. Эксээмэн, сочуот да элбэх. Сөбүлүүр биридимиэттэрим литература, естествознание, история, муусука литературата уонна гармония. Улахан кылаастарга орто анал үөрэх кууруһун ааһар буолан, 11-с кылаас кэнниттэн диплом биэрэллэр. Онон баҕалаах дьон үлэлиэн да сөп”, — диэн кэпсиир.
Иллэҥ бириэмэ
Үөрэхтэриттэн ордубут бириэмэлэригэр оҕолор сөбүлүүр дьарыктарынан дьарыктаналлар. Ким эрэ кинигэ ааҕар, ким эрэ ыллыыр, ким эрэ уруһуйдуур… Оттон үөрэҕэр үчүгэй, киэҥ билиилээх уол, бука, кинигэ алыптаах эйгэтигэр умсара буолуо дии санаабытым. Ол эрээри, фантастиканы, историческай кинигэни ааҕарын таһынан, биир бэйэм, хаһан даҕаны ас астыыр, буолаары буолан, “высокай кулинарияны” сэҥээрэр диэн таайыам суоҕа этэ. Бииргэ үөрэнэр доҕорун Саша Тумусовы кытта өрөбүллэригэр куораттан бородуукта атыылаһан ас астыыллар эбит. “Сүрүннээн итальянскай куукунаны ордоробун. Пастаны, ризоттоны астыыбыт”, — диир. Миэхэ, “бука, убайдар үөрэхтэрин бүтэрэн бардахтарына “үрдүк куукунаҕа” үөрэммит бырааттар суохтууһуктар” диэн санаа охсуллан ааһар.
Уопсай дьиэлэригэр уон буолан олороллор. Уолаттар олорор дьиэлэрэ диэтэххэ, барыта уурбут-туппут курдук ыраас, орун-оннугар сааһыламмыт, бэрээдэктээх. Үс 11-с кылаас үөрэнээччитин сэргэ кырачааннар – иккис-үһүс кылаас оҕолоро олороллор эбит. Иитээччилэрэ Евдокия Петрова: “Никифор олус дьулуурдаах. Барытын эрдэттэн былааннаан, иннин диэки дьулуруйан иһэр, дьаныһан туран дьарыктанар, өрүү сыалын-соругун ситиһэргэ дьулуһар. Манна улаатан баран кэлбит буолан, биир сыл иһигэр иккилии-үстүү кылааһы бүтэриэн наада. Маҥнайгы кылаастан үөрэммит оҕолор күүстээх буолаллар. Никифор кинилэри кытта ситиһэн тэҥҥэ үөрэнэр. Араас таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар. Үөрэҕи таһынан, Сашалыын хаһыс даҕаны сылын аттынааҕы олорор дьиэтин кыргыттарын кытта “Смак” куонкуруска кытталлар. Уолаттарбыт бастыыр түгэннэрэ элбэх. Араас бүлүүдэни астыыллар, сороҕор бэйэлэрэ айаллар, биһигини күндүлүүллэр”, — диэн иитиллээччилэрин туһунан үөрэ-көтө кэпсиир.
Эдэркээн айааччы
Композитордартан идеалыҥ кимий, диэн туоһуласпыппар: “Кими даҕаны идеал оҥостубаппын. Хас биирдии киһи бэйэтэ туспа уратылаах, чорбойор өрүттээх. Арай, миэхэ чугас диэн этиэхпин сөп эбитэ дуу. Төһөнөн элбэх муусука литературатын ааҕабын, муусуканы истэбин, соччонон көрүүм уларыйан иһэр. Маҥнай Моцарт айымньыларын ордорорум. Кэм аастаҕын аайы уларыйан иһэр. Холобур, билигин Сергей Прокофьев айымньыларын умсугуйан истэбин”, — диир.
Бачча кэлбиччэ, кэнэҕэски композитор айымньытын истибэккэ барар хайдах даҕаны табыллыбат. Онон олорор дьиэлэригэр тиийээт, тута биир эбит айымньыны толороругар көрдөспүппүтүгэр, бэрт улгумнук сөбүлэстэ. Итиэннэ струнаны даҕайаат, бу үөрэ-көтө олорбут эдэркээн оҕоттон тута улахан мусукааҥҥа кубулуйа түстэ. Муусука бу алыбын көр!
Үрдүккэ дабайыы
— 2016 сыллаахха Белоруссияҕа ыытыллыбыт композитордар форумнарыгар кыттыахпын баҕарабын диэн учууталбар, композитор Николай Алексеевич Михеевкэ эппитим. Кини тута өйөөн, биһиги дьолбутугар, көрдөһүүбүтүн ылыммыттара. Бу улахан дьон тэрээһинэ этэ. Оччолорго мин 14 саастааҕым. Ити курдук, сэминээргэ аан маҥнайгы кыттыым этэ. Ол иннинэ аркыастырга суруйан көрө илигим. Усулуобуйалара диэн, Белоруссия бэйиэтэ Максим Богданович тылларыгар айымньыта суруй диэн сорудахтаабыттара. Сыымайдаан-сыымайдаан “Озеро” хоһоонун талбытым. Урукку өттүгэр симфоническай аркыастырга айбатах буолан ыарырҕаппытым эрээри, биэс күн иһинэн бүтэрбитим, — диэн кэпсиир. Форум түмүгүнэн Никифоры сокуоннай сааһын туолуор диэри Арассыыйатааҕы Композитордар сойуустарын ыччакка салаатын састаабыгар официальнайа суох ыларга быһаарбыттар. Бу, дэҥҥэ бэлиэтэнэр көстүү!
Никифор “Ньургун Боотур” олоҥхоҕо сюита-фантазия айымньытын Арассыыйатааҕы Композитордар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Рашид Калимуллин истэн баран: “Биир даҕаны классик-композитордартан иҥэриммэтэх, бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх”, — диэн үрдүк сыанабылы биэрбит. Эдэр айааччыттан ол туһунан туоһуласпыппар: “18-с үйэҕэ атын муусука кэмэ этэ, билигин 21-с үйэ. Аныгы көрүүнэн сахалыы тиэмэлээх композицияны айарга дьулуһабын”, — диэн хоруйдуур. Бүгүҥҥүтэ биэс айымньылааҕын этэр.
Фортепианоҕа “Саҥа ааттар” (“Новые имена”) эдэр толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкурустарыгар 3-с истиэпэннээх лауреат, “Саҥа ааттар” (“Новые имена”) куонкуруска “Эдэр композитор” номинацияҕа бастаабыт, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Аврора-2016” оҕо-ыччат куонкуруһугар фортепиано номинациятыгар 1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылбыт. Норуоттар икки ардыларынааҕы эдэр композитордар сэминээр-форумнарын үс төгүллээх кыттыылааҕа.
Саха сирин саҥа тахсан эрэр сулуһа Никифор Яковлев бу сайыҥҥыттан үгүс сылга иҥэриммит сатабылын, билиитин көрдөрөр улахан кэнсиэргэ бэлэмнэнэр. Онтон үөрэҕин салгыыр былааннаах. Кэскиллээх композиторга ылбыт тэтимин ыһыктыбакка, ураты, национальнай суолу-ииһи тутуһан, “бу саха оҕото үүнэн-сайдан таҕыста” дэтэр гына, аан дойдуга тиийэ биллэр композитор буола үүнэригэр баҕарабыт.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.