16 сааһыттан «АЛРОСА»-ҕа үлэлиир саха кыыһа

Бөлөххө киир:

Лена Новгородова оҕо сааһа Өлүөнэ эбэ чуумпутук сүүрүгүрэ устар, сороҕор мотуордаах оҥочону үрүҥ күүгэнинэн бааллырар модун долгуннарыгар өрө көтөҕөн ыла-ыла дохсуннук быраҕар, өрүс үрдүнэн уҥуоргу кытыл көстүбэт буолуор диэри хойуу туманы түһэрэр, оттон налыйдаҕына, сайын куйаардаҕына кырылас кумахтаах хомоҕо сып сылаас уунан күндүлүүр, сөтүө кэрэ кэмнэрин бэлэхтиир өҥ дойду Өлүөхүмэҕэ ааспыта. Өлүөнэ эбэ аатынан кыыһы Лена диэн ааттаабыттара.  

edersaas.ru

Онтон кыыс сэттэлээҕэр үс оҕолоох эдэр ыал Удачнай куоракка хамнастаах үлэ көрдөөн, алмаастаах түөлбэҕэ көспүттэрэ. Орто кыыс Лена 16 сааһыттан «АЛРОСА»-ҕа муоста сууйааччынан үлэлии киирбитэ. Сокуоннай сааһын сиппитин кэнниттэн кладовщик, сэкирэтээр үлэтигэр көһөрбүттэрэ даҕаны, хамнаһа хайа руднигар үлэлиир дьону кытта тэҥнэспэт этэ. Ол иһин бырамыысыланнаска сыстаары, автомеханик үөрэҕэр үөрэнэн иһэн, кыыс ки­­һиэхэ сөбө суоҕун өйдөөн, Новосибирскайга судаарыстыбаннай сулууспа академиятыгар юридическай салааҕа киирбитэ. Лена үөрэҕин өссө бүтэриэн иннинэ административнай-бытовой кииҥҥэ этээс дьуһуурунайынан анаабыттара. Билигин даҕаны онно симиэнэнэн биир күн күнүс, онтон түүн үлэлиир, биир күн сынньанар.

Кини тэрилтэҕэ баһаар тахсыбатын, туора дьон киирбэтин туһугар эппиэт­тиир, сыахха сыһыарыллыбыт тырааныспар үлэтин хонтуруоллуур, ону таһынан, болуотунньуктарга, слесардарга, электриктарга са­­йаапка хомуйан биэрэр. Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээккэ ити курдук 29 саастаах эдэр кыыс номнуо 13-с сылын үлэлиир. Манна 2 хостоох кыра иэннээх кыбартыыра атыыласпыта. Лена алмаас­таах хампаанньаҕа хамнастаах үлэлээх, дьиэлээх. Билиҥҥитэ олоҕун аргыһын өссө көрсө илик.

Кыыс успуорка үчүгэй көрдөрүүлээх, волейболга, остуол тенниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа, кросс-фиткэ, ГТО-ҕа куоракка өрүү үс бастакы миэстэҕэ киирсэр. Онно оҕо сылдьан Лена музыкальнай, балетнай оскуолаҕа дьарыктаммыта сүрүн тирэх буолбут. ГТО туттарарыгар 100 миэтэрэни, 2 килэмиэтири сүүрэр, уолаттары кытта тэҥҥэ сиртэн анньынар, пресс хачайдыыр.

Кросс фиткэ Удачнай чөмпүйүөнэ

Кросс фиткэ, уоппускаттан кэлэн баран икки нэдиэлэ дьарыктанаат, куоракка бастаабыта. Лена, дьиҥэр, ырар са­­наата суох этэ даҕаны, ыарахан дьарыгы төһө тулуйарын, штанганы, гиирэни төһө көтөҕөрүн тургутан көрөргө санаммыта. Сыыһа дьарыктаннахха, кыаҕыҥ таһынан түһүннэххинэ, эчэ­йии ылыахха сөп, онон сэрэхтээх успуорт көрүҥэр киирсэр.

Кросс фиткэ дьарыктана кэлбит дьон санныларыгар ыйааһыннаах штанга ууран баран хаста да чохчойоллор, сүүрэ сылдьан берпи оҥороллор (сиргэ тирэнэн, ­илиилэрин хачайдыыллар, чохчойоллор, ойуоккалыыллар, ыскамыайкаҕа ойон тахсаллар). Лена бастаан Ютубу көрө-көрө бэ­­йэтэ эрчиллэр этэ, онтон тириэньэр булан, киниэхэ дьарыктаммыта.

«Успуордунан дьарыктанан баран, тас быһыым-таһаам уларыйбатаҕа, доруобуйам да кэминэн, бэйэм хамсанарбын, сүүрэрбин сөбүлүүбүн. Кросс фит миэхэ сүрүн көрүҥ буолбатах эрээри, төрдүс сылбын нэдиэлэҕэ үстэ иккилии чаас күүскэ дьарыктанабын. Күрэхтэһии иннинэ нэдиэлэҕэ биэстэ эрчиллэбин. Аска улахан талымаһым суох, минньигэһи, ордук сакалааты күн бастакы аҥаарыгар бэркэ сөбүлээн сиибин. Ыһаарыламмыт хортуоппуйу да амсайабын, бэйэбин хааччахтаабакка, туохха ымсыырбыппын сиэн иһэбин. Арай ыра сатыыр дьон минньигэһи, бурдук аһы аҕыйаталлар, оҕуруот аһыгар уонна ­аҥаардас эккэ-балыкка, үрүҥ аска көһөллөр. Миэхэ ус­­пуорт – олоҕум биир саамай улахан эйгэтэ, мантан улахан дуоһу­йууну ылабын, дьол дьикти туругар киирэбин», — диэн кэпсиир бүгүҥҥү сэһэргэһээччим.

Лена итини таһынан, үгүс тэрээһиннэргэ, ыһыахтарга ыллыыр сааскы үрүйэ уутунуу олус ыраас, күүстээх куоластаах. Кыыһы дьоро киэһэлэргэ ­ыытааччы быһыытынан ыҥыраллар.

Сибиир хайаларыгар – сноубордунан

Бу кыһын уоппускатыгар Кемеровскай уобаласка баар Шерегеш хайаларыгар хайыһарынан, сноубордунан хатааһы­лаан кэлбитэ. Онтон сайын Крымҥа доҕотторун кытта балаакканан кемпинг тэрийэн, үөһэ хайаҕа тахса сылдьыбыттара.

Удачнайга олорор, алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэлиир уонна успуордунан дьарыктанар саха кыыһа сарсыарда туран биир ыстакаан ыраас ууну иһээт душтанар, онтон хааһы, омлет, мюсли, сакалаат сиир, сибиэһэй кофе иһэр. Эрчиллэ барыан биир чаас иннинэ протеин эбинэр, киэһэ сүрэҕин тэбиитэ уоскуйарын курдук үксүн сарсыарда, эбэтэр күнүс успуордунан дьарыктанар. Онтон спортсменнарга аналлаах аминокислоты иһэр. Халлаан сылаас кэмигэр булгуччу таһырдьа тахсан, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар. Утуйуон түөрт чаас иннинэ бэрт кыраны, чэпчэкини аһыыр. Лена Новгородова биир күнэ маннык ааһар. Симиэнэнэн үлэлиир буолан, кини хас сарсыарда аайы үлэтигэр тиэтэйбэт.

Кыыс дьарыктаах буолан, ха­­йаҕа сылдьарын, сноубордунан хатааһылыырын ыарырҕаппат, үөһээ этээскэ сатыы чэпчэкитик дугунан тахсар. Бэйэтин кыанара үлэтигэр да туһалыыр. Лена успуорт биир көрүҥүнэн муҥурдаммакка, страйк-болунан ытыыга эмиэ дьарыктанар. Онон туораттан көрдөххө, сырдык ыраас хааннаах, бэрт нарын-намчы быһыылаах саха кыыһа модун күүстээх ис кыахтаах, ыарахантан чаҕыйбат, тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт Өлүөнэ эбэ хотун курдук иннин диэки кимиэллээхтик дьүккүйэн иһэр майгылаах.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0