16 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 19 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан Саха сирин үрдүнэн  16 ойуур  баһаара күөх дуолбутун мэҥиэстэр. Барыта 16206,5 гектардаах сир былдьаммыт.

Билиҥҥи туругунан,  11 ойуур баһаара умуруоруллар, 439 киһи үлэлиириттэн  339-һа «Авиалесоохрана», 88-һа ойуур хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ уонна 11-рэ олохтоохтор.  Үс тиэхиньикэ  көмө буолар. Үс ойуур баһаара умуруорулунна. Санатар буоллахха, бу күннэргэ Саха сирин үрдүнэн ойуур баһаара туруон сөптөөх кутталлаах эрэсиимэ биллэриллибитэ.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ  Саха сирин олохтооругар уонна ыалдьыттарыгар  ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр  8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийэн тиийиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0