16 нэһилиэккэ арыгы атыыланара бобулунна

25.04.2017
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үгүс нэһилиэктэрин маҕаһыыннарыгар арыгы атыытын боболлоро элбээтэ. Нэһилиэнньэ туруорсуутунан чөл олоҕу тутуһар сыалтан итинник быһаарыныыны ылыналлар. 

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Бүгүн Ил Түмэн уочараттаах 28-с мунньаҕар арыгы атыыланыытын бобууга 16 сокуон бырайыага көрүлүннэ. Ол түмүгэр, Амма улууһун Сулҕаччытыгар, Сэргэ Бэскэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкүтүгэр, Тамалакааныгар, Маҥааһыгар, Үөһээ Халыма улууһун Арыылааҕар, Бүлүү улууһун Үгүлээтигэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгэр, Нам улууһун Модутугар, Өлүөхүмэ улууһун Урицкайыгар, Өлөөн улууһугар Ээйиккэ, Таатта улууһун Даайа Амматыгар, Хаҥалас улууһун Төхтүрүгэр, Чурапчы улууһун Арыылааҕар, Чакырыгар уонна Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар аһыы утах атыыланара кытаанахтык бобулунна.

 Павел Львов, Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин баһылыга:
Саамай сөптөөх быһаарыныы буолар. Арыгы атыыта бобуллуохтаах. Бары чөл олоҕу тутустахпытына эрэ, норуот быһыытынан этэҥҥэ олоруохпут турдаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ Маҥааска маҕаһыыммыт суох, ол иһин арыгы атыыламматаҕа ыраатта. Табаары, аһы-үөлү, туттар тэрили, тээбирини чааһынай маҕаһыыннаах дьон аҕалан атыылыыллар.
Түүннэри атыылыыр «туочукалар» суохтар. Арыгы иһиэн баҕалаахтар Үөһээ Бүлүүттэн аҕалыналлар.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0