150 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна

10.01.2018
Бөлөххө киир:

70 саастарын туолбут, соҕотоҕун олорор биэнсийэлээхтэргэ хомунаалынай өҥөҕө хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар төлөбүр көрүллэр. Саха сиригэр ааспыт сыл маннык көмөнү 3 тыһыынчаттан тахса киһи ылла.

edersaas.ru


Биллэрин курдук, үгүс дьиэ хаарбах туруктаах, өрөмүөнү эрэйэр. Онно анаан хапытаалынай өрөмүөн пуондата тэриллибитэ. Дьиэ хаһаайыттара өрөмүөн сорох чааһын бэйэлэрэ төлүүллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 сылга бу пуонда үбүттэн 150 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубут. Онон 28 тыһыынча киһи олорор усулуобуйатын тупсарбыт. 29 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ 57 лифт саҥаҕа уларытыллыбыт. Өссө 43 дьиэҕэ 103 лифт уларыйарыгар үлэ ыытыллар.

СӨ бүддьүөтүттэн нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга муниципальнай тэриллиилэргэ 4,5 мөл. солк. суумалаах субсидия көрүллүбүт. Онон 100 эбийиэк (пааркалар, болуоссаттар, сквердэр), 140 оҕо былаһааккалара тутуллубуттар, саҥардыллыбыттар, 24 нэһилиэккэ уулуссалары сырдатыы үлэтэ ыытыллыбыт.

Ону тэҥэ Саха сирэ “Куорат эйгэтин тупсарыы” федеральнай бырайыакка кыттан, куорат пааркаларын тупсарыыга 199,5 мөл солк. ылла.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0