15 улууска мобильнай биригээдэлэр тэриллэн оттуу сылдьаллар

Ааптар: 
20.08.2020
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан 24,6 мөл. солк. көрүллэн, кураантан, ууттан эмсэҕэлээбит 15 улууска мобильнай биригээдэлэр тэриллэн, ыраах учаастактарынан оттуу сылдьаллар.

edersaas.ru

Ол курдук, Аммаҕа 25, Бүлүүгэ 26, Дьааҥыга 10, Горнайга 3, Мэҥэ Хаҥаласка 15, Намҥа 16, Орто Халымаҕа 5, Тааттаҕа 20, Чурапчыга 17, Уус Алдаҥҥа 25, Үөһээ Халымаҕа 3, Эбээн Бытантайга 4, Сунтаарга 6, Муомаҕа 5 мобильнай биригээдэлэр тэрилиннилэр. Кинилэр барыта холбоон 22 тыһ. т оту оттуохтаахтар, ону таһынан Кэбээйи улууһа (1300 т.), Абый (200 т.), Ньурба (1500 т.), Хаҥалас (800 т.), Үөһээ Бүлүү (434 т.) оту бэлэмниэхтээхтэр. Оччотугар сыл тахсар от хааччыллыахтаах.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0