Өрөспүүбүлүкэ 2019 сылга элбэх ситиһиилээх спортсменнарын норуот куоластааһынынан быһа биэриигэ быһаардыбыт.
Ол курдук, бастыҥнары түөрт хайысханан таллылар: олимпийскай уонна олимпиада суох көрүҥнэр, төрүт көрүҥнэргэ уонна адаптивнай спорка.
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо адаптивнай спорт көрүҥэр бастыҥ спортсменынан оҕунан ытааччы Степанида Артахинованы таллылар. Киниэхэ куоластааһын 50,5% -ын ылла.
Олимпиадаҕа киирбэт спорт көрүҥэр бастыҥынан дуобатчыт Матрена Ноговицына ааттанна, кини 45, 81% куолаһы ылла.
Төрүт көрүҥнэргэ «2019 сыл бастыҥ хапсаҕайдьыта» лауреат аатын Саха сирин спордун маастара Николай Иванов ылла.
Олимпийскай көрүҥҥэ бастыҥынан дзюдоистка Ньургуяна Никифорова буолла.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1