14 ойуур баһаара күөх дуолу мэҥиэстэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 16 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан,  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14 ойуур баһаара күөх дуолбутун мэҥиэстэр. Барыта 11738 гектар иэннээх сир былдьаммыт. 

Бүгүҥҥү туругунан 2 ойуур баһаарын умуруорууга  «Авиалесоохрана» 47 исписэлииһэ үлэлиир. Ааспыт сууккаҕа 9 баһаар умуруоруллубут.

Санатар буоллахха, Саха сиригэр ойуур баһаарын утары ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Онон сибээстээн, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгын аалларынан уонна сиринэн сылдьан, күн аайы хонтуруоллууллар.  СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ  Саха сирин олохтооругар уонна ыалдьыттарыгар  ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр  8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийэн тиийиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0