14 ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 110 904 га иэннээх  14 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ.

Ол иһигэр Өймөкөөҥҥө   1, Орто Халымаҕа   6, Булуҥҥа  1, Уус Маайаҕа  6 ойуур баһаара.

Суукка устата Орто Халымаҕа 1 187 га иэннээх биир баһаар умуруорулунна.  Итиэннэ бу улууска 1 640 га иэннээх саҥа ойуур баһаара күөдьүйдэ.

Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ,  бу кэмҥэ уопсайа 1 226 284,5 га иэннээх  50 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.

Билигин уоту утары охсуһууга  529  киһи, ол иһигэр парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа 387, ойуур баһаарын сулууспатын 106 үлэһитэ уоннна олохтоохтортон 29 киһи үлэлиир.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0