«Хотугу Синергия»: «Арассыыйа лиидэрдэрэ» күрэхтэһии финалистара ыалдьыттаатылар

Бөлөххө киир:

“Саха сирин лиидэрдэрэ” хайысхаҕа бэлиитикэни, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы тула кэпсэтиини Ыччат бырабыыталыстыбата тэрийдэ. Хайысха кыттааччыларын кытта “Арассыыйа лиидэрдэрэ” куонкурус финалистара көрүстүлэр. Манна элбэх оҕолоох ийэ, ситиһиилээх урбаанньыт Марианна Петрова, эдэр лиидэр Василина Лукина, “АЛРОСА” хампаанньа алмааһы атыыга салаа исписэлииһэ Валентин Тимофеев кытыннылар. Куонкуруска кыттыы уопутуттан сүбэлэрин үллэһиннилэр, лиидэрдии хаачыстыбалары, Саха сирин инники сайдыытын ырыттылар.

Лиидэрдэртэн бастыҥ бырайыактаахтарынан Айсен Ефремов, Ольга Семенова уонна Анисья Спиридонова ааттаннылар.

“Биһиги – доброволецтарбыт” хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэбит волонтердара түмсэн, инники үлэлэрин дьүүллэстилэр. Манна Алена Кычкина, Семен Яковлев, Тамара Козлова, Алгыс Петров, Андрей Исаков граҥҥа тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр.

Форумҥа мустубут ыччат ааспыт биэс күн устата билиитин-көрүүтүн хаҥаппытыгар эрэнэбит уонна грант ылбыттар бырайыактарын этэҥҥэ олоххо киллэрэллэригэр баҕарабыт.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0