“Арктика ыччата” Арктиканы сайыннарыы тула уонна дойду бэрэсидьиэнин от ыйынааҕы ыйааҕын тула ырытыһыыны таһаарар былаһаакка буолан үлэлээтэ. Бу хайысханы Ыччат парламена уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар ыччатын ассамблеята иилээтэ.
Арктика түөлбэтигэр киирэр улуустар олохторун-дьаһахтарын ырытар сэмиинээрдэргэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Матюшенков, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева кыттыыны ыллылар. Кинилэр Арктика туһунан сокуон оҥоһуллуутун, олохтоохтор интэриэстэрин көмүскүүр докумуоннар, төрүт тыл, хоту сиргэ айылҕа баайын туһаныы туһунан интэриэһинэй ырытыыны таһаардылар.
— Биһиги былаһааккабытыгар олус элбэх интэриэһинэй кэпсэттиилэр, ырытыһыылар таҕыстылар. Ол курдук, 2014 сылга диэри үөрэх кыһаларын уопсайдарыгар аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ олоро киирэллэригэр ордук быраабы туһаналлара. Билигин оннук буолбатах. Ол оннугар дьиэ кэргэн хамнаһын орто кээмэйин туоһулуур ыспыраапка ирдииллэр. Бу сорох устудьуоҥҥа кыаллыбат суол – ким эрэ дьоно оройуон кииниттэн ыраах олорор, ону ылан баран, Дьокуускайга диэри ыыттарыахха наада. “Пааспарга баар сыһыарыыны көрөллөрө буоллар” диэн боппуруоһу туруоран, кэпсэтиини таһаардым, — диэн хайысха кыттааччыта Ксения Максимова этэр.
“Ксения «Атлас новых профессий традиционного промысла арктической зоны и территорий традиционного природопользования РС(Я)» диэн бырайыагынан 50 тыһыынча солкуобайдаах грант хаһаайына буолары ситистэ.
Бу хайысхаҕа 50 тыһыынчалаах граны Александр Громов ылла. Кини эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээт барылын оҥордо. Маныаха хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар, Сибиир уонна Уһук Илин хамаандалара спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэрин бырагырааматын толкуйдаабыт. Оттон Николай Апросимов хотугу норуоттар тылларын үөрэтэр мобильнай сыһыарыыны оҥорон, 65 000 солкуобай суумалаах граны сүүйдэ.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru