125 сыл буолан баран эмистэр лоомтукаларга иэс отторун төнүннэрдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, муус устар 5 күнүгэр, Амма улууһун Эмис нэһилиэгин олохтоохторо  кинилэр биир дойдулаахтара аатырбыт меценат Г.В. Никифоровтан-Манньыаттаах Уолуттан ылбыт иэс отторун Мэҥэ Хаҥалас улууһун Лоомтука нэһилиэгэр тиэйэн илдьэн төнүннэрдилэр.

 Иэс от … 125 сыл буолан төнүннэ! Эмис нэһилиэгин олохтоохторо 1897 сыллаахха 100 сыарҕа оту көмө ылбыттар.  Ити кэмтэн оруобуна 125 сыл ааста!

Эмис нэһилиэгин убаастанар олохтооҕо,  2007-2020 сылларга Эмис нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Илья Пестерев Манньыаттаах уола «Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр кураан дьылга 100 сыарҕа от биэрбит» диэн сурукка суруллубутун ааҕан баран, иэс иэс курдук төннүөхтээх диэн, билигин үлэлии олорор эдэр баһылык Прокопий Бубякиҥҥа идиэйэ киллэрэн, Тыыллымаҕа эмистэр иэстэрин төлүүргэ этии көтөхпүтүн, биллэн турар, Прокопий Петрович ити этиини үөрүүнэн ылыммыт.  Илья Пестерев кэтэх  отун бэйэтин“КамАЗ” массыынатынан тиэйэн илдьэн, Лоомтука олохтоохторугар 5 тонна оту тиэрдибит.

Эмистэр лоомтукаларга 125 сыллаах иэс отторун дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттардылар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга нэһилиэк баһылыга Константин Лепчиков эмистэртэн 125 сыллаах иэс оту туппутун туһунан Туоһу суругу уонна Махтал суругу туттаран,  Эмис бары олохтоохторугар махталын уонна ытыктабылын биллэрдэ.

Эмис нэһилиэгин олохтоохторо Манньыаттаах уолун олус үчүгэйдик махтана саныыллар эбит. Кырдьаҕастар  «ол дьыл Манньыаттаах уола отунан салҕаабатаҕа буоллар, улахан аҥарбыт суох буолуо этибит дииллэр үһү”, — диэн кэпсииллэр эбит.

Лоомтукалар олус үөрдүлэр, махтал тыл бастыҥын эттилэр уонна төлөммүт иэһи отторо быстан эрэр биир дойдулаахтарыгар түҥэтиэх буоллулар. Эмис кулуубун үлэһиттэрэ Айтал Соловьев, Василий Татаринов, сцена бэтэрээнэ Софья Соловьева ырыа кэһиилээх тиийэн,  дьон биһирэбилин ыллылар. Софья Егоровна Манньыаттаах Никифоровтар аймахтара эбит. Эмистэр Манньыаттаахтар ытык алаастарыгар Аһыкайга сылдьан сир-туом толордулар, С.З.Борисов аатын сүгэр оскуола мусуойун көрдүлэр.

Ити курдук, нэһилиэктэр икки ардыларыгар араас ис хоһоонноох үлэ ыытылларын эмистэр уонна лоомтукалар холобурдарыгар көрөбүт.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0