Арыйаан Тютрин: “Син биир долгуйабын”

18.03.2019
Бөлөххө киир:

Финалга саха тустуутун оскуолатын икки иитиллээччитэ Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн сити­һиилээхтик туһуннулар. Ол курдук, 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Уус Алдантан төрүттээх АрыйаанТютрин бастакы эргииргэ кубинец Рейнер Андре Ортеганы 8:3 уонна финалга иранец Алиреза Сарлакы 11:2 ахсааҥҥа кыайталаата.

— Арыйаан, бастакы эргииргэ хайдах туһуннуҥ?

— Бастакы эргииргэ кубинеһы кытта тустарбар олус ыарырҕаппытым. Утарсааччым миигиттэн эт-сиин өттүнэн күүстээҕин билэр этим. Олус долгуйбутум. “Хайаан да кыайыахтааххын” диэн дьон бөҕөтө бэлэмнээбитэ.

— Оттон финалга хайдах кииристим дии санаатыҥ?

— Иккис хапсыһыы арыый чэпчэкитик кэллэ диэххэ сөп. Манна диэн эттэххэ, аан дойду үрдүнэн аҕыс саамай күүстээх хамаанда күөн көрсөр күрэхтэһиитин эппиэтинэһин өйдөөн, хамаандабыт бэлэмэ үчүгэй этэ. Онон бары да бэркэ туһуннубут. Сүрүн ти­­риэньэрбит Дзамболат Ильич Тедеев кэлэн: “Долгуйбаккаҕыт эрэ, хайдах тустаргытынан тустуҥ”, — диэн көбүөргэ киириэхпит иннинэ бэлэмнээбитэ.

— Оттон төһө долгуйбуккунуй?

— Хайа баҕар күрэхтэһиигэ син-биир долгуйабын. “Триумфка” бачча элбэх киһи мустан, ыалдьа кэлбитэ, бары ыһыынан-хаһыынан көрсүбүттэрэ, тустарым былаһын тухары өйүү олорбуттара эбии күүс биэрдэ.

— Кыайыыгын кимиэхэ аныыгын?

— Бастатан туран, төрөппүттэрбэр. Дьоммун кытта сылга аҕы­йахта көрсөбүн, тустарбын көрдүлэр. Биллэн турар, тириэньэрдэрбэр, ыалдьааччыларбар, махтанан туран, кыайыыбын аныыбын.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0