«122» нүөмэргэ эрийэн үрдүк таһымнаах исписэлиистэр сүбэлэрин ылыахха сөп
СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева бүгүҥҥү брифиҥҥэ бэлиэтээн эппитинэн, «122» суһал линияҕа киирэр ыҥырыылары ырытан көрбүттэринэн, аҥаардарын кэриэтэ дьиэҕэ суһал ыҥырыыны эрэйбэттэр.
«Дьиэҕэ ыҥырарга «122» нүөмэринэн эрийиэххэ уонна үрдүк таһымнаах исписэлиистэр, ол иһигэр ХИФУ Медицинаҕа институтун бэрэпиэссэрдэрин уонна доценнарын сүбэлэрин, ыйыыларын-кэрдиилэри ылыахха сөп», -– диэтэ миниистир.
Кыраадыс тахсыыта, уопсай сылаарҕааһын, сөтөл, былчыҥнар ыалдьаллара, ыараханнык тыыныы, аҕылааһын уонна интоксикация курдук сибикилэр баар буоллахтарына, быраас кэлиэр диэри, төһө кыалларынан туспа хоско сытарга уонна элбэхтик сылаас ууну иһэргэ сүбэлээтэ.
Ону таһынан ОРВИ сибикилээх, кыраадыстара 38-тан үрдээбэтэх, 60 туола илик саастаах дьон уонна уонна ОРВИ сибикилээх, кыраадыстара 38,5°С-тан үрдээбэтэх, үһүттэн үөһээ саастаах оҕолор поликлиникаҕа кэлиэхтэрин сөп.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru