120 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх дьиэ көтүрүллүөҕэ

16.04.2021
Бөлөххө киир:
Федеральнай бүддьүөттэн үп-харчы көрүллүүтэ эрдэлээтэҕинэ, болдьоҕун иннинэ 120 тыһыынча кв миэтэрэ иэннээх дьиэ көтүрүллэн, 12 тыһыынча кэриҥэ киһи саҥаҕа көһүөхтэрэ биитэр харчынан боруостааһын ылыахтара. Бу туһунан «СӨ Олорор дьиэни тутуу дирекцията» ГКУ салайааччыта   Игорь Ткаченко «Якутия 24» телеханаалга иһитиннэрбит. 

Ткаченко иһитиннэрбитинэн,  РФ бырабыыталыстыбата олорор дьиэ усулуобуйатын туспарар сыаллаах болдьоҕун иннинэ 50 млрд солк. көрөр туһунан быһаарыы ылыммыт.

«ОДьКХ пуондатын быһаарыытынан, бу сууматтан 10 млрд 50 мөл. солк. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр көрүллүбүтэ. Оттон СӨ бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан, бу үп-харчы икки түһүмэҕинэн тыырыллыбыта. Ол курдук  1 млрд 800 мөл. солк. 2020 сылга, 8 млрд 200 мөл. солк. 2021 сылга аттарыллар», — диэн  Ткаченко бэлиэтээн эттэ.

edersaas.ru

Хаартыска: http://sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0