120 сыл анараа өттүгэр Максим Аммосов төрөөбүтэ

Ааптар: 
22.12.2017
Бөлөххө киир:

Уһулуччулаах судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха норуотун чулуу уола, Саха сирин уонна Кыргызстан судаарыстыбаннастарын төрүттэспит Максим Кирович Аммосов 1897 сыл ахсынньы 22 күнүгэр Саха уобалаһын Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр дьадаҥы  дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

edersaas.ru


1922 сыллаахха Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы кытта Саха автономиятын олохтооһуҥҥа биллэр-көстөр оруоллаах.

1925 сыл бэс ыйыттан 1928 сыл атырдьах ыйыгар диэри Саха АССР Совнаркомун салайбыта.

Максим Аммосов БСКП (б) Саха сиринээҕи обкомун, горкомун, БСКП (б) Арҕааҥҥы-Казахстаннааҕы, Карагандатааҕы обкомнарын чилиэннэринэн талыллыбыта. БСКП (б) XI, XIII, XVI уонна XVII сийиэстэрин дэлэгээттэрэ, ССРС Киин ситэриилээх кэмитиэтин, Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэт кэмпириэнсийэлэрин, сиэссийэлэрин үлэтигэр кыттыбыта.

1937 сыл кулун тутарыгар БСКП (б) Киин кэмитиэтин ыйыытынан Киргизияҕа барбыта. Онно Киргизия обкомун VIII пленумунан уобаластааҕы кэмитиэт бастакы сэкирэтээринэн талыллыбыта. Ол күннэргэ Аммосов быһаччы салайыытынан суһал ыҥырыылаах Бүтүн Киргизиятааҕы сэбиэт Киргизскэй ССР Төрүт Сокуонун ылыммыта. Онон кини Киргизия судаарыстыбаннаһын төрүттэспит дьонтон биирдэстэринэн буолар. Ити сыл от ыйыгар Аммосов Киргизия Коммунистическай партиятын бастакы сийиэһигэр өрөспүүбүлүкэ Киин кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн талыллыбыта.

1937 сыл сэтинньитигэр олоҕо суох буруйданан хаайыллыбыта. 1938 сыллаахха Москваҕа сырдык тыына быстыбыта.

1956 сыллаахха ССРС Үрдүкү суутун байыаннай кэллиэгийэтин быһаарыытынан Максим Аммосов аата ырааһырбыта.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0