12 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 96 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар, 12 ойуур баһаара умуруорулунна.

СӨ Экология министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ 83 568, 1 га иэннээх сири хаппыт 96 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар. Бу  Үөһээ Бүлүүгэ (9), Бүлүүгэ (6), Горнайга (13), Кэбээйигэ (6), Ленскэйгэ (2), Мэҥэ Хаҥаласка (6), Мииринэйгэ (5), Нерюнгригэ (1), Ньурбаҕа (12), Өймөкөөҥҥө (3), Өлүөхүмэҕэ (1), Сунтаарга (10), Тааттаҕа (1), Томпоҕо (2), Уус Алдаҥҥа (3), Уус Маайаҕа (6), Хаҥаласка (5), Дьокуускайга (2), «Өлүөнэ очуостара» ураты харыстанар сиргэ (2), Өлүөхүмэҕэ заповедникка (1) диэн Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
Мантан 21 ойуур баһаара бохсуллубут, уопсай иэнэ 19 091,6 га. Бу Үөһээ Бүлүүгэ (4), Бүлүүгэ (3), Мэҥэ Хаҥаласка (3), Нерюнгригэ (1), Ньурбаҕа (3), Томпоҕо (1), Уус Алдаҥҥа (1), Хаҥаласка (2), Дьокуускай (1), «Өлүөнэ очуостара» ураты харыстанар сиргэ (2).
Ойуур баһаардарын умуруорууга 1 912 киһи, 124 көлө үлэлиир. Ааспыт хонукка 860,6 га иэннээх сири хаппыт 12 ойуур баһаарын умуруорбуттар.
«Бүгүн «Авиалесоохрана» сайаапкатынан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ардаҕы аҕалан түһэрэргэ «Веер» диэн тэриллээх «Циклон» АН-26 көтөр аал үлэлиэҕэ.  Үлэни элбэх ойуур баһаара баар сириттэн, Бүлүү бөлөх оройуоннарыттан саҕалыыры былаанныыбыт» , — диэн Экология министиэристибэтин Ойуур харыстабылыгар департаменын салайар Владимир Иванов иһитиннэрдэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0